Балаҕан ыйа: Улуу Суорун Айыы ыйа

Ааптар: 
01.09.2024
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйыгар сырдык аҕыйыыр, хараҥа улаатар кэмэ. Былыргынан эттэххэ, Эргэ дьыл саҕаланар. Атырдьах ыйа түмүктэнэн, норуот синоптига Тускул балаҕан ыйын билгэлээтэ.

Кыстык балаҕаҥҥа көһүү кэмэ

Балаҕаны саха үс көрүҥүн туттан олорор үгэстээх: кыстык балаҕан, сайылык, отордуур. Балартан саамай кичэллээхтик биллэн туран кыстык балаҕан оҥоһуллар. Балаҕан ыйыгар отордуур балаҕаҥҥа олоро түһэн баран, Сэмэнэптэн — балаҕан ыйын 14 күнүгэр кыстык балаҕаҥҥа көһөллөр. Сэмэнэп (Сибэтиэй Симеон Столпник) Таҥараҕа ыал үксэ отторун үлэтэ бүтэн, «кыдама сууйуута» диэн алаадьы сииллэрэ. Мас сэбирдэҕэ түһэр. Тайах, таба сүүлэ саҕаланар, өрүс балыга муораҕа айанныыр.

Ый 21‑с күнүгэр «сырдык» уонна «хараҥа» тэҥнэһэр — мантан ыла түүн баһыйан барар, онон күн-дьыл хонугунан ааҕыллар буолар. Балаҕан ыйа кулун тутар ыйы батыһар. Кылгас кэмҥэ, сайын иккистээн эргийэн, дьахтар «быттанар» үтүө кэмэ үүнэр. Ый өксүөннээх эрээри, 20‑с чыыһыла диэки сайын эргийэр, ону дьахтар «быттанар» кэмэ дииллэр. Икки ардахтаах: кус барар уонна оту-маһы ииктэтэр (ый бүтүүтэ эбэтэр алтынньы саҥатыгар). Айылҕа оту-маһы хайдах ииктэтэринэн, кэлэр сааһы билгэлииллэр. Тыала биир: көтөҕө түһэрэр тыал. Балаҕан ыйынан кыһын хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар.

Балаҕан ыйын билгэтэ

Балаҕан ыйын 3 күнэ — бу күн күннээх буоллаҕына, аччаабыта өссө 4 нэдиэлэ үчүгэй күн-дьыл туруоҕа.

Балаҕан ыйын 5 күнэ — хаһыҥ түһэр.

Балаҕан ыйын 8 күнэ — сарсыарда дьыбардаах буоллаҕына, кыһын эрдэ кэлэр уонна тыйыс буолар. Хортуоппуйу хостооһун саҕаланар.

Балаҕан ыйын 10 күнэ — көмүс күһүн. Собо тиксэр (күөл кытыытыгар тахсар).

Балаҕан ыйын 13 күнэ — туруйа барар.

Балаҕан ыйын 14 күнэ — Сэмэнэп таҥара, саха ыала отордууртан кыстыкка көһөр кэмнэрэ. Куорат ыала даачаларыттан

дьиэлэригэр куораттааҕы дьиэлэригэр көһөллөр. Бу күн былыттаах уонна ардахтаах буоллаҕына, күһүн уһуур.

Балаҕан ыйын 14–21 күннэрэ — “Дьахтар сайына” саҕаланар. Дьахтар сайынын бастакы күнэ ыраас, чаҕылхай буоллаҕына — ичигэс күһүн. Силбиктэннэҕинэ — кураан күһүн.

Балаҕан ыйын 19 күнэ — хаар хаһыҥ түһэр. Үөл кус балаҕан ыйын 30‑гар диэри барар, аҕарым буолар.

Балаҕан ыйын 20 күнэ — хаас барар, аҥыр хаһыытыыр.

Балаҕан ыйын 24 күнэ — Ый туолуута. Силбик түһэр.

Балаҕан ыйын 27 күнэ — Иһийээнэп — сир тоҥор таҥарата. Эһэ арҕаҕар, моҕотой хороонугар киирэллэр. Муора хааһа соҕуруу баран бүтэр. Кус-хаас үөһэнэн айаннаатаҕына, уһун кураан күһүн буолар.

Балаҕан ыйын 28 күнэ — үүнээйи силис тардара тохтуур. Эһэ сэттэ күн устата аһыырын баанан, утуйарга оҥостор. Анды оҕото барар. Хотуттан тыалырдаҕына, курас, тымныы күһүн буолар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0