«Байылыат түһүлгэ» киэргэлэ — «Кэрэчээнэ» уһуйаан

Ааптар: 
30.06.2019
Бөлөххө киир:

Хатас ыһыаҕа өрүү тэрээһиннээҕинэн аатырар. Быйыл да оннук буолла.

edersaas.ru

Ыһыахпыт уталыйбат киэргэлинэн, хомуллуу, сомоҕолоһуу, түмсүүлээх буолуу туоһутунан »Байылыат түһүлгэ» көрүүтэ буолар. Манна мэлдьи үс иһиттэн түспэт көхтөөх тэрилтэнэн «Кэрэчээнэ» оҕо уһуйаанын кэлэктиибин холобурдуохха сөп. Быйыл да ол хатыланна. Дьүүллүүр сүбэ 100% биһирэбилин ылан, уһуйаан бочуоттаах 1-кы миэстэни ылла. Аҥаардас ас күөн күрэһигэр үүт астара 30-тан тахса көрүҥэ баара сөхтөрөр. Быйылгы ыһыахха «Кэрэчээнэлэргэ» (сал. Г.С. Николаева) тэрийээччилэр олус үрдүк сыанабылы биэрдибит. Ол курдук, бу саас «Терпсихора бырааһынньыга» куонкуруска анаан 27 киһилээх үҥкүү турбута. Бу үҥкүү ыһыахпыт биир саамай арылхай-чаҕылхай киэргэлинэн буолла.

Үҥкүү биир уратытытынан 27 көстүүмү биир киһи — Елена Константинова тикпит! Оһуоругар кэлэктиибэ көмөлөспүт.

Бу үҥкүү ыһыах аһыллар сиэрэ-туома ыытылларыгар биир бэлиэ кэрэ миэстэни ылбыта көрүөхтэн кэрэ хартыына этэ.

Ити курдук,  араас тэрээһиннэргэ өрүү өйөбүл, көмө-тирэх буолар   «Кэрэчээнэ» уһуйаан кэлэктиибин курдук тэрилтэ үксүү турдун!

«Саха сирэ» хаһыат edersaas.ru саайтыгар анаан

Наталья РУФОВА,

Хатас нэһилиэгэ.

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0