Байыаннайдарга көмө барыаҕа

Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу нэдиэлэҕэ биэнсийэҕэ эбии 10 тыһыынча солкуобай төлөнөрүн таһынан, байыаннайдарга хамнастарыгар эбии көмө көрүллүөҕүн туһунан иһитиннэрдэ.

Бу көмөнү байыаннайдар, быраабы көмүскүүр уорганнар үлэһиттэрэ, байыаннай үөрэх курсаннара ылыахтара. Владимир Путин манна туһаайан ким элбэх дохуоттаах ол элбэҕи, кыра дохуоттаах кыраны буолбакка, барыларыгар биир ананыахтааҕын бэлиэтээтэ.

– Бастатан туран, көмө кыра дохуоттаах байыаннайдарга барыахтаах. Онон старшай офицердар, салайааччылар миигин өйдүөхтэрэ дии саныыбын. Аармыйа син-биир биир дьиэ кэргэн курдук. Онон санныгар хас сулустааҕыттан тутулуга суох байыаннайдарга барыларыгар көмө барыахтаах. Ол иһигэр байыаннай үөрэх курсаннарыгар, быраабы көмүскүүр уорганнар үлэһиттэригэр эмиэ көмө ананыахтаах, – диэн этэр Владимир Владимирович.

Ону сэргэ Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарыгар туһаайан байыаннайдар, быраабы көмүскүүр уорганнар үлэһиттэрин хамнастара сыана үрдээһинин кытары тэҥҥэ улаатан иһиэхтээҕин бэлиэтээтэ. Бу дьаһал эһиил эрэ буолбакка, 2023 сылга эмиэ барыахтаах.

Аграфена КУЗЬМИНА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0