Саха киһитэ барахсан, үйэлэр тухары үҥэр-сүктэр кыыла — Дьөһөгөй оҕото. Кини Дьөһөгөйү хоһуйар, туойар, киэргэтэр, Дьөһөгөйтөн аһыыр, таҥнар, көлүйэр, сүүрдэр. Дьөһөгөй эмтиир, тилиннэрэр. Биир оннук Дьөһөгөйү өрө тутар киһинэн Хатаска Павел Пестерев буолар.
edersaas.ru
Хатас олохтоохторо сылгы, ат, дьөһөгөй диэтиҥ да, Байбалы саныыллар эбэтэр Байбал диэтиҥ да, хараххар сыһыы-хонуу сыспай сиэллээҕэ көстө түһэр. Ол мээнэҕэ буолбатах. Байбал, кырдьыга да, уһун төгүрүк сыл уҕараабат болҕомтону эрэйэр, тымныыттан чаҕыйбакка, куйаастан куттаммакка куруутун айылҕаҕа, куруутун таһырдьа сылдьар сылгыһыт идэтин кыра эрдэҕиттэн этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан ылыммыт эбит. Бу сылдьарбыт, айанныырбыт тухары кэпсэтэн-сэһэргэһэн, алтыһан баран санаан көрдөххө, кырдьык, сылдьарын тухары айылҕа уратытын, отун-маһын балаһыанньатын, уу-хаар хамсааһынын көрө-истэ, тэҥнии сылдьар.
Кинини кытта сибээстээх биир дьикти түгэни кэпсиэхпин баҕарабын. Питергэ бэстибээлгэ бардыбыт. Бастаан тиийэн баран салгынын, сиигин атыҥыраан ордук уолаттарбыт тумуулаатылар. Байбал эмиэ. Ону бары ким туох эмтээҕинэн “Макаардыы” эмтии сырыттыбыт. Оруобуна ол кэмҥэ «Спас на крови» диэн мусуой-храмҥа бардыбыт. Экскурсовод булан, сиһилии дьоһун кэпсээни истэммит биирдэ “байа” түстүбүт. Арай, таһырдьа тахсан күн уотугар сыламнаары турдахпытына, муус маҥан ат тааһынан тэлгэммит, аатырар Налоговай болуоссакка хааман тоһугуратан тиийэн кэллэ. Наһаа кыраһыабайдык оҥоһуллубут ааннаах, түннүктээх кареталаах. Иһигэр былыргылыы таҥастаах дьоннордоох. Суолу туораары тохтообуттарыгар мин хаартыскаҕа түһэрээри Байбалга: “Байбал аты тут…”, — диэтим. Киһим хап-сабар аҕыйахта хардыылаан, ат муоһатыгар баар буола түстэ. Арай көрбүтүм, аппыт бу хаһан да харахтаан да, сыттаан да көрбөтөх киһитигэр бас бэринэн, муннун анньан баран турар! Аны онно сүтэрбитин булбут курдук, үөрэн чоҕулуччу көрбүт, хамсанардыын сыыдамсыйбыт Байбалы эбэн кэбис. Астык көстүү этэ. Онно дьэ сылгыһыт диэн айылҕа оҕото буоларын илэ чахчы итэҕэйдим. Дьиктибит онон бүппэтэ. Аны ол түгэнтэн ыла киһибит туруга биллэ тубуста. “Мин тумуубун ат ылбыта”, — диэн соһуталаата.
Онтон бүгүн Баһылай сиэннэрин үрүҥ хаарга үҥкүрүтэ, маҥан хаарга хаамтара, салгын сиэтэ таһырдьа таһааран баран, акка олордуталаан күүлэйдэттэ. Аны кэргэнэ Анна Петровна тикпит ат толору симэҕинэн киэргэппититтэн бүгүҥҥү күн уотун чаҕыла өссө күүһүрэргэ, сыламныыр сылааһа эбиллэргэ дылы гынна. “Дьиэ кэргэн тэтимэ биир, санаата сомоҕолоһуулаах” диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ.
Наталья РУФОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru cайтка анаан