Байанайдаах   уолаттар  

Ааптар: 
02.04.2022
Бөлөххө киир:

Кыһын кэлэн Кыыллаах уолаттара оскуолаҕа үөрэхтэрин быыһыгар чугас эркин тыаны, дьаналаах арыылары кэрийэн куобахха туһах иитэн бултуур идэлэммиттэрэ.

edersaas.ru

Хаарга суоллар

Ол кыһын мин бырааппыныын эһэбитин кытары олорбуппут. Эбэбит саас айаннаабыта. Дьиэбит улахан буолан, кыстыырга бииргэ олорон, сүөһүнү көрөргө көмө буоллун диэн күһүөрү дьуккаах дьону киллэрбиппит. Кинилэр Даппарайтан кэлбиттэрэ, биэс оҕолоохторо, икки уол, үс кыыс — бары араа-бараа, оскуолаҕа үөрэнэр саастаах оҕолор этилэр. Ол саҕана өрүс уҥуор алын оскуола эрэ баара, онон Даппарай оҕолоро салгыы Кыыллаахха кэлэн үөрэнэллэрэ.

Бииргэ олорор уолаттарбыт Бииктэр уонна Гоша биһигиттэн оруобуна биирдии эрэ сыл аҕа буолан уопсай тылы бэрт түргэнник булан бодоруһа түспүппүт. Мин Бииктэрдиин 8-с, бырааттар 5-с кылааска үөрэнэр этибит. Тыа уолаттара диэх курдук — булт диэн баран муннука ытаабыт дьон этилэр, биһигини, арыы уолаттарын, куска-балыкка эрэ буолбакка, тыаҕа мас көтөрүн, куобаҕы хайдах бултуурга эмиэ үөрэппиттэрэ. Бары анал бултуур саалардаах этибит, олорбут калибыра эмиэ биһиги сааспытыгар сөп түбэһэр курдук этэ. Бииктэр берломката саамай улахан калибр — 16-с, мин икки уостаах 20-с, Гоша — 28-с, Вася — 32-с биирдии уостаах саалар этилэр. Кинилэр саалара ТОЗ, миэнэ ИЖ эриэккэс саа буолан биэрбитэ. Уостара кылгас буолан баран доруобунньугун олус хойуутук, уохтаахтык, сытыытык түһэрэрэ. Ол саҕана хантан кэлбитэ эбитэ буолла үс-түөрт хаа бэлэм (готовай) иитиилээх ботуруоннаах этим. Ол кумааҕы ботуруоннарынан кэмчилээн, отой «эккэ», олорор эрэ куска, олус бэккэ табыллан ытарым. Иккилии-үстүү куһу хоһуйан биирдэ ытан ыларым.

Ардыгар кустуу сылдьан саабытынан Бииктэрдиин атастаһааччыбыт, кини мин саабын эмиэ сөбүлүүр этэ. Күһүн Боротуокаҕа кустуу сылдьан түөрт кус көтөн тахсыбытын биирдэ эрэ ытан барыларын суулларбыта, бары липпиик, сытыйбыт тэллэй курдук охтубуттара, мөхсө да барбатахтара. Төрдүөн чыккымай да буолбатах, улахан кустар этилэр. Ол кэннэ Бииктэр мин саабын өрүү уларсар буолбута, элбэх куһу бултаабыта.

Ол күһүн мотуорканан өрүһү туораан, тыаҕа тахсан бөчүгүрэстэри ытан бултуйан киирэр этибит. Онно тыа уолаттара бастыыллара, биһиги хаһан мас, лабаа, ыркый быыһынан сыалы көрүөхпут иннинэ номнуо тыа кырачаан көтөрүн сууллары ытан түһэрэллэрэ.

Кыһын дьиэтээҕи үлэ — мас мастааһына, хаар ыраастааһына, түөрт буолан бэрт түргэнник түмүктэнэр буолбута. Ол кэннэ идэбитинэн тэлигириэйкэбитин кэтэн, хаатыҥкабытын анньынаат, саабытын сүктүбүт да өрүс уҥуор сатыы хаама тахсарбыт. Улахан Үрэҕи аһара баран Бороҥхуос Аартыгынан дабайан бэс мастаах тыаҕа, кумах хайа — Элэһин үрдүгэр тиийэччибит. Тоҥуу хаарга туртас, араас мас көтөрдөрүн суоллара оһуор курдук дыргыйан олорор буолааччы. Биһиги бултаһар куобахтарбыт сүүрэр-көтөр орохторо чэмпэрээк, кытыан талах быыһынан эрийэ-буруйа тыа иһигэр ыраахха диэри бара тураллара. Биир сөбүлээбит сирбитигэр тохтоон, үрүсээктэн туһахтарбытын хостоон, үллэстэн баран ким хайдах сатыырынан иитэлии тарҕаһабыт. Бииктэр 15, мин 10, бырааттар 5-тии туһаҕы иитээччибит. Туһахтарбытын гараас аттыгар баар тимирдэр быыстарыттан булбут ыстаал боробулуоха тростан оҥорооччубут. Онтукабытын бастаан оһоххо уган уматан, кытаран сымныар диэри кэриэрдэрбит. Ол кэннэ сыпсыынан тутан таһырдьа хаарга таһааран сойутарбыт. Онтон биир-биир утахтарынан арааран, сөп буолар гына бысталаан баран дэлби тиит мас хатырыгар имитэр курдук сууралаан кэбиһэрбит, тимир сыта суох буоллун диэн.

Бастаан оҥорон баран боруобаҕа биир туһаҕы дьиэбит таһынааҕы чыыска быыһыгар, ыттар орохторугар иитэн кэбистибит. Онтубутугар өс киирбэх ыт түбэһэн, түүнү быһа улуйан, дьоммутун сүгүн утуппатах, сарсыарданан ыт ытыырын тулуйбакка уолаттарбыт аҕалара Баһылай тахсан араарбыта. Оттон биһиги туос мааспытын сөбүн ылбыппыт.

Туһахтарбытын иитэлээн баран Элэһин үрдүгэр сынньана олоро түһэрбит. Үөһэттэн көрдөххө олус да кэрэ, билигин да умнуллубат хартыына буолан өйгө-санааҕа хатанан хаалбыт: ырыых-ыраах Арыы баһыгар, дэриэбинэбит дьиэлэрин буруолара унаарар, хаарынан сабылла сытар Кэрбиилэ, Сис Кумах ходуһалара, күөллэрэ, онон-манан кэбиһиилээх оттор күрүөлэнэн тураллара, атахпыт анныгар курдук чугас буолан көстөрө.

Икки-үс хонук кэннэ туһахтарбытын көрө ыксаан, туох эрэ түбэстэ диэн мэктиэтигэр сүүрүүнэн барарбыт. Байанайбыт үксүгэр тыа уолаттарыгар тосхойор этэ, кинилэр ииппит туһахтарыттан куобаҕа суох төннүбэт этилэр. Гоша иккилии, Бииктэр биэстии-алталыы маҥан түүлээх хороччу тоҥмут куобахтары үрүсээктэригэр батарбакка, быаҕа баайан соһон сордонооччулар. Кэнники өйдөнөн салааска илдьэ барар буолбуппут. Оттон биһиги ардыгар дьиэбитигэр олох да мэлийэн кэлээччибит. Хата биирдэ мин быраатым куобахха ииппит туһаҕар билбэккэ, бастаан суор дуу диэбиппит, онтубут тыа маанылаах көтөрө — хара улар түбэспит эбит. Аарыма да көтөр этэ, быраатым моонньуттан тутан турдаҕына киниэхэ, хороччу улаатан эрэр уолчааҥҥа түөһүгэр дылы тиийэрэ. Кып-кыһыл хаастаах, топ-токур тумсулаах, хап-хара кылабачыгас түүлээх, биһиги көрбөтөх көтөрбүт соһуччу түбэһэн үөрүү-көтүү, сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбута. Бадаҕа, сэрэйдэххэ, куобах солунан кытыан отонун сии сылдьан алҕаска төбөтүн туһахха уган биэрбит, мөхсө сатаабыт да кыаллыбатах, тоҥон өлөн хаалбыт. Онон бу түбэлтэни хара улар суорума суолламыт, оттон биһиэхэ Байанай бэлэх ууммут диэн быһаарыахха сөп курдук эбит.

Куруппааскыны сырсыы

Орто оскуоланы куоракка, оройуон киинигэр, бүтэрэн баран Кыыллаахпар төннөн сопхуоска үлэлии киирбитим. Бииргэ үөрэммит табаарыстарбынаан өрүс туруор диэри араас үлэҕэ, тойоттор ханна ыыталлар, тугу соруйаллар да ону толоро сылдьыбыппыт. Ый бүтүүтэ биригэдьиир нэрээт сабан маҥнайгы хамнаспын аахсан ылбыппыт. Өктөөп бырааһынньгын кэнниттэн хонтуора хочуолунайыгар түүҥҥү оттооччу-харабыл быһыытынан үлэлээн барбытым. Мин оттор оһоҕум дьоҕус буолан чууркалары ортотунан хайытан баран толору симэн кэбистэххэ, сарсыарданан биирдэ эрэ туран эбэн биэрэрим. Онон утуйан ылар буолан сынньалаҥ курдук этэ. Оттон табаарыстарым оскуола, кулууп хочуолунайдарыгар үлэлииллэрэ. Икки улахан оһоҕу түүнү быһа инчэҕэй тиит чууркаларынан оттоллоро.

Кыһыҥҥы суол аһыллан, Саҥа Дьыл кэннэ биһиги дэриэбинэҕэ күн аайы да буолбатар рейсэбэй оптуобус сылдьар буолбута. Биирдэ сааһыары оптуобуһунан куоракка дьоммор айаннаатым. Дэриэбинэттэн тахсаат, суол Саҥа Арыы кытыытынан ааһар. Эмискэ оптуобуспут тохтуу биэрдэ, суоппар аанын аргыый аһан саа тутуурдаах талахтар диэки үөмэн барда. Биһиги, оптуобуска айаннаан иһэр дьон түннүгүнэн харахпыт муҥунан көрөн баран олоробут. Киһибит син добуочча барда, онтон тобуктуу түстэ да талахтар диэки саатын уунан тугу эрэ кыҥаан ытарга бэлэмнэнэн барда. Биһиги ол тухары кини тугу бултаһарын олох өйдөөбөккө олоробут. Саа тыаһа хабылла түстэ да, талахтар быыстарыттан маҥан былыт курдук холууптар дуу, улахан чыычаахтар дуу көтөн таҕыстылар. Онтубут куруппааскылар эбит. Урут олох да манна көрбөт этибит. Сөҕөн аҕай айаннаатым.

Куораттан кэллим да чугас олорор, бырааттыы курдук уолаттарбар Куокаҕа уонна Босуукка кэпсээтим. Сарсыныгар доҕотторбунаан оптуобус суолунан Саҥа Арыыга сааларбытын сүгэн бултуу бардыбыт. Талах быыһыгар куруппааскы суола баһаам этэ да, бэйэлэрэ көстүбэтилэр. Биһиги арҕаа өрүһү туораан Торуой талахтаах биэрэгэр тиийдибит. Онно эмиэ хаарга куруппааскы суола ыһыллан олорор эбит. Сыаптыы турунан кэрийэн бардыбыт. Сотору буолаат саа тыаһаата, Босуук обургу үөрбүт хаһыыта иһилиннэ. Онтон талах быыһынан мин эмиэ икки маҥан көтөрү көрө биэрдим. Үөмэн киирдим. Куруппааскылар көппөккө куота сылдьаллар, чычаас көтөрдөр эбит диэн күлүкпэр имнэнним, олох да чугаһаттылар. Тохтуу түстүлэр, ону туһанан биирин сууллары ытан түһэрдим. Иккиһэ көттө, ыраах барбата, дьана быыһыгар дьылыс гына түстэ. Эккирэтэн тиийэн эмиэ тэһи ытан ыллым. Уолаттарым эмиэ бултуйан, үөрэн-көтөн дьиэбитигэр кэлбиппит.

Дьэ онтон кэлин чугас сытар Маяктаах, Тимэппиэй арыылар саба үүммүт дьана талахтарын күн аайы кэриэтэ кэрийэн куруппааскы, ардыгар куобах тутуурдаах кэлэр буолбуппут.

Кырыы Таас тэллэҕэр

Мындыыт диэн улахан ырааһыйа баар. Манна урут холкуос-сопхуос эрдэҕинэ саһыл пиэрмэтэ турбут. Эмэҕирбит килиэккэ курдук уйалара ол саҕана өссө да баар этилэр. Мындыыт аартыга сытыары гынан баран уһун баҕайы. Кыһын биһиги манна хайыһардыы кэлээччибит. Сыарҕа суолун устун сыыдам хайыһарынан үөһэттэн аллара кыдьымах муустаах, улахан таастардаах биэрэккэ харах тэстэринэн биирдэ элээрдэн түһэрбит. Аартык суола токуруйар сиригэр кыайан салайбакка хааллахха мас, талах саба үүммүт дириҥ аппатыгар төбө оройунан курулуу туруоххун сөп. Кутталлаах эрээри тардыылаах, этэргэ дылы, эдэр дьоҥҥо адреналиннаах, хааны оонньотор сир буолан кэлэ турааччыбыт. Арай биирдэ табаарыс уолбут Артиис Женя аһара түргэнник түһэн иһэн охтон тааска атаҕын улаханнык эчэппитэ. Дьиэтигэр харыйа лабаатынан наһыылка курдук оҥорон соһон аҕалбыппыт. Хаампат буола сыдьыбыта. Хата тостубатах этэ. Ол кэннэ сэрэнэр буолбуппут да, син биир бара турарбыт.

Биир күн уолаттар Мындыыт ырааһыйатыгар улар баар үһү диэн күргүөмүнэн бултаһа тахсыбыттар. Мин түүҥҥү үлэм кэннэ дьиэбэр кэлэн чэйдээн баран утуйан ылааччым. Эбиэт кэннэ Куока киирэн сонуну кэпсээн, биһиги эмиэ уолаттары батыһан Мындыыкка тахсар буоллубут. Эрэбил 32-с саабын ыллым да өрүс уҥуор хаама турдубут. Билэр аартыкпытынан тахсан тыа ыллыгынан баран истибит. Мин бастаан иһэбин, Куока — кэннибэр. Эмискэ иннибитигэр улахан хара көтөр кынаттара сарбайан үөһэттэн аллара кытыан талах быыһыгар кэлэн түстэ. Мин арыый хаптас гына түстүм да, үөмэн бардым. Хаары тыаһаппакка, улаханнык тыыммакка, им-дьим киирэн олох чугас, улар түспүт сиригэр кэллим да, көтөрүм көстүбэт. Аргыый өндөйөн олотоон көрбүтүм кытыан кэтэҕэр төбөтө бу турар эбит, харахтарынан миигин одуулуур курдук, «туох кэллэ, ким сылдьар сирбэр» диэбиттии төбөтүн туллаҥнатар да көппөккө тулуйан олорор. Мин саабын санныбар уурарым, сыалбар улар төбөтүн кыҥыырым, санаабар, өр баҕайы курдук этэ. Дьиҥэр, Куока этэринэн аҕыйах сөкүүндэ иһигэр буолбут. Саа тыаһа чуумпу тыаны аймаабыт Кырыы Таастан ой дуораана буолан эргиллибит. Хара улар моонньо тосту ытыллан тоҥуу хаарга батары түһэн өлөрдүү охтубут.

«Баай Байанай биэрэр да эбит» диэн сөҕө-махтайа кэпсэтэ-кэпсэтэ бултуйбут дьон быһыытынан ыксаабакка улары араастан тутан-хабан, көрөн-истэн баран үрүсээккэ уктан хааман эрдэхпитинэ уоллаттар саа тыаһыгар аҕылаан-мэҕилээн тиийэн кэллилэр уонна сөҕөн саҥа аллайдылар: «Хайа ньаа, бу хайдах баҕаныный аа? Биһиги баарыаҥҥыттан бу улары сырса сылдьабыт да ыттарбата. Эһиги бэриэттээн тахсаат, биирдэ эрэ ытан ыллыгыт, тоҕо бэрдэй кыһыытай!». Уонна улар суох диэн буолта, бары бииргэ төннөн кэлбиппит.

Аҕыйах хонон баран Мындыыкка Артиис Женялыын тахсан эмиэ биир хара улар миэхэ эрэ ыттаран иккиһин баай тыа маанылаах көтөрүн охторон өттүк харалаах кэлбитим. Ол кэннэ уолаттарым миигин Улар Балерка диэн ааттыыр буолбуттара. Дьээбэлиир дуу, убаастыыр дуу ааттара өргө диэри миэхэ иҥэн сылдьыбыта. Билигин аҕыйах эрэ киһи Улар Балерканы билэрэ, өйдүүрэ буолуо.

Оҕо саас кэрэ кэмнэрэ, Кыыллаах Арыыбытыгар улаатан, булт абыланар ылларбыт Байанайдаах мааны сирдэрбит сааһыран истэх аайы умнуллубат, олус күндү тыыннаах хартыына буолан көстөллөр.

Валерий МАЛЫШЕВ.

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0