Байанай сылын билгэтэ

Бөлөххө киир:

Саҥа сылбыт биһиэхэ тугу тосхойорун сыл ахсын оҕолуун, улахан дьоннуун долгуйа күүтэр үгэстээхпит. Маныаха айылҕаттан айдарыылаахтар, билэр-көрөр, анаарар дьон бу сыл тугу тосхойуоҕун туһунан этэллэрин истиэҕиҥ.


Өлгөм, байылыат сыл күүтэр

Гавриил Угаров- Эһээ Дьыл, биологическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр:

— Күҥҥэ тахсар уларыйыылар киһиэхэ эмиэ дьайаллар. Ааспыт сылларга күн уоттаныыта намтаан, дьон көҕө үрдээбитэ, норуот өрө күүрүүтэ, ­уулуссаҕа тахсыы   бөҕө   буолуталаабыттара. 2019 сыл ­аҥаарыттан, күн уоттаныыта  үрдээн барыахтаах. Онуоха   диэри   сиргэ   элбэх   уларыйыылар тахсыталыахтара. Сыл бастакы аҥаарыгар аан дойдуга элбэх сир  хамсааһыннара, тайфуннар, цунамилар, соһуччу ардахтар кэтэһиллэллэр. Бэлиитикэҕэ уустук сыл. Бэс ыйын диэки улахан хамсааһыннар тахсыахтарын сөп. Хоруупсуйаны, нолуок элбээһинин, уматыкка, аска-үөлгэ сыана үрдээһинин норуот утарыаҕа. Ол гынан баран, Үрдүкү былааска туох да уларыйыы тахсара көстүбэт.

Саха сиригэр кыһыммыт сымнаҕас буолуо. Саас хойутаан кэлиэн сөп. Сайына дойдубут үгүс өттүгэр сөбүгэр  сииктээх,  сылаас буолуо. Куйаас күннэр Бөтүрүөптэн Ылдьыын ааһыар диэри туруохтара. Халыма-Индигир, Саха сирин соҕурууҥҥу, илиҥҥи оройуоннарыгар күүстээх ардахтар түһүөхтэрин сөп. Ити Чуумпу акыйаантан циклон тахсарын кытары сибээстээх. Оҕуруот, сир аһын үүнүүтэ дэлэй. Тэллэй, бу сырыыга сынньаныаҕа, аҕыйах буолуо. Күһүнэ уһун, сылаас. Үксэ кураан күн алтынньыга диэри туруо. Хаар хоту эрдэ түһүөн сөп. Кыһын арыый хойутуур чинчилээх, силбиктээх, инчэҕэй хаардаах күнэ элбэх.

Саҥа сыл ас-үөл элбиирин, ыал байылыат олохтонорун өйүүр. Дьон хаһаайыстыбатын  үчүгэйдик  көрүнүөҕэ, үгүстэр куурусса, сибиинньэ, куруолук иитиэхтэрэ. Тыа сиригэр тардыһыы күүһүрүөҕэ. 2019 сылга оҕо, ол иһигэр игирэ оҕо төрөөһүнэ элбиэх кэриҥнээх. Үксэ уол буолуо, ити олох усулуобуйата ыараан иһэринэн быһаарыллар. Эр киһи хаһан баҕарар дурда-хахха, булааччы-талааччы буоллаҕа.

Айылҕа, тулалыыр эйгэ,  чуолаан, Бүлүү экологиятын боппуруоһа сытыытык туруо. Дьон гражданскай көҕө сааһыары-сайын олус үрдүөн сөп. Ол гынан баран, салалта ити дьону кытта уопсай тыл булан,  кинилэр идиэйэлэрин, эниэргийэлэрин сөптөөх хайысхаҕа туһаайары ситиһиэҕэ. 2019 сылга Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуутун боппуруоһа быһаарыллыа. Наһаа чуумпутук, ньуолбардык ньиэби таҥастыыр собуот тутуллуута эмиэ чопчуланыа. Тутуу Өлүөнэ эбэттэн тэйиччи буолуоҕа.

Ил   Дархан уонна Дьокуускай куорат баһылыга биир тылы булан таһаарыылаахтык үлэлиэхтэрэ. Дьокуускай биллэ сайдыа-чэчириэ. Салалтаҕа саҥа эдэр дьон кэлбитэ үчүгэй эрэ өрүттээх буолуоҕа. Олох-дьаһах саҥалыы тыыннаныа, ол дьон кэрэхсэбилин, Кириэмил өйөбүлүн ылыаҕа.

Киһи сыаллаах эрэ буоллаҕына, тугу эмит олоҕор ситиһэр. Сыал туруорунарга уонна ол туоларыгар Эһээ Дьыл Ымыыта олус көмөлөһөр.  Онон Саҥа сылга сыал-сорук туруорунан, ону олоххо киллэрэн, ситиһиилээх, чэгиэн, дьоллоох буолуҥ!

Хамнас үрдүө, кыаҕырыы кэлиэ

 Мариана Тимофеева, уйулҕаһыт, нумеролог:

— 2019 сылга Сир, Күн, Марс күүскэ үлэлииллэр, күүстээх энергияны биэрэллэр.  Балартан, бастатан туран, Сир ордук сатайан үлэлиир. Онон киһи олоҕор-дьаһаҕар, үлэтигэр-хамнаһыгар улахан көмөлөөх буолуоҕа. Холобур, тапталга ураты долгун бэриллэр. Саҥа билсиһии, ыал буолуу элбиэҕэ. Кыайан холбоспокко сылдьааччылар олохторун ситимниэхтэрэ. Иирсибиттэр өйдөһүөхтэрэ. Ол эрээри, бэлэми күүтүмэҥ. Ким көрдөнөр, ол булунар.

Үлэҕэ, биисинэскэ, дуогабар түһэрсиитигэр үчүгэй өттүктээх сыл. Тохтообут үлэ ситэриллиэ, саҕаламмыт оннун-сүнньүн булуо. Хамнас үрдүө.

Доруобуйаны тупсарарга кыах бэриллэр. Ыарыыны утары охсуһарга, иммунитеты бөҕөргөтөргө, чэгиэн буоларга кыһаллыҥ, көрүнүҥ. Айылҕаны, сири-уоту таптааҥ, харыстааҥ.

Нолуоктар үрдээһиннэрэ мэһэйдэри оҥоруон, долгутууну таһаарыан сөп эрээри, үөһээ төлө көтөн тахсыы суола баар. Дьон сиһилии ырытан баран, чэпчэтиинэн туһанарга үөрэниэн наада.

Саҥа сыл дэлэгэй олоҕу сөбүлүүр. Ол эрээри өйдөөхтүк туттары ирдиир. Үгүс киһиэхэ кыаҕырыыны биэриэ. Билиини-көрүүнү хаҥатынааччылары өйүө. Манна даҕатан эттэхпинэ, эһиил күүстээх сыыппаралар бааллар. Кэлэр сыл үс нүөмэри илдьэ сылдьар. 2019= 2+0+1+9=12= 1+2=3. Бу 3 сыыппара 9-тан уратыта суох күүһүрэр. 9 – түмүктүүр чыпчаал сыыппара. Бу тиийэн кэлэр, билии-көрүү, ситиһии, хаалбыты ситэрии, о.д.а. Манна даҕатан эттэхпинэ, хас биирдии киһи тус-туспа сыыппаралаах.

Ааҕааччыларга Саҥа дьылга харыйаҕыт анныгар сибиинньэ харчы мунньарга (копилкаҕа) 5 солкуобайдаах манньыаты уган баран ууран кэбиһиҥ. Харчыны тардарга көмөлөһүө.

Харчыны уурунар, хаһаастанар кэм

 

Юлия Николаева, “Сандаар” тэрилтэ салайааччыта, норуот эмчитэ:

— Кэлэн иһэр сылбыт олус куһаҕана суох. Ол эрээри, нолуоктартан, сыана үрдээһиниттэн, айылҕа алдьаныытыттан дьон долгуйар, айманар, туруорсара элбиир. Онуоха эрэннэрбит дьонтон ирдэбил күүһүрэр. Сороҕо итинтэн сылтахтанан, сороҕо бэйэтин кэмигэр сөп түбэһиннэрэн тэрилтэлэр салалталарыгар хамсааһыннар бара туруохтара.

Ыччат үөрэххэ талаһыыта үрдүүр. Ол эрээри, тоҕо эрэ омук сирдэригэр, киин куораттарга талаһыы элбиэҕэ.

Ханна баҕарар дьон-сэргэ хаһаайыстыбаланар, сүөһү-ас ииттэр кэм ыган кэлбитин өйдүүр. Онон билигин ха­­һаастана сатыыр кэм кэллэ. Харчыны эмиэ уурунан, харыс­таан туттар кэмэ үүннэ.

Итинтэн даҕатан эттэхпинэ, кулун тутар иккис аҥаарыгар, муус устарга харчыга сыһыаннаах уларыйыылар тахсыахтарын сөп. Онтон алтынньы-сэтинньи ыйдарга эмиэ  нолуокка, баайга сыһыаннаах уураахтар тахсаннар, улахан долгуйуу тахсыан сөп.

Күнү-дьылы сылыктаатахха, кыһыммыт тымныйыан, хаара элбэх буолуон сөп. Саас халаанныа эрээри, эрдэ көрүнүү-истинии түмүгэр улахан хоромньу тахсыа суоҕа. Сайын саҥата хаһыҥнаах буолуон сөп. Сөбүгэр ардыа. Үүнүү, сир быйаҥа ханна да куһаҕана суох.

Саҥа сылы көрсө, бар дьоммор саха киһитэ былыргыттан айылҕаҕа чугас, харыстабыллаах сыһыаннаах диэн тураммын, сир-дойду иччилэригэр, Айыыларбытыгар махтана сылдьыаҕыҥ диэн сүбэлиибин. Үгэстэри тутуһан сөпкө дьаһанан олордохпутуна, этэҥҥэ буолуохпут. Бэйэ-бэйэҕитин өйөһүҥ, өйдөһүҥ, чөл буолуҥ. Саҥа сылынан!

Күн-дьыл туруга

 Юрий Петров, 40-тан тахса сыл агрономнаабыт, күн-дьыл хаамыытынан халандаары оҥорор:

— Ый, күн, сулустар алтыһыыларынан, былыргы сахалар ньымаларынан туһанан билгэлиибин. 2019 сылга Ый Үргэл сулуһу кытта алтыһыыларынан көрдөххө, бу кыһыммыт сылаас, ичигэс, дьаалатынан барар. Сааспыт сөпкө кэлиэ. Уута-хаара кыһын төһө хаардыырыттан тутулуктаныа. Көтөр-сүүрэр да кэмигэр кэлиэҕэ. Күн-дьыл алтыһыытын көрдөххө, үчүгэй, сымнаҕас. Онон олоххо-дьаһахха, бэ­лиитикэҕэ да оннук буолуо дии саныыбын. Саас айылҕа хамсааһынынан, су­­лустар дьайыыларынан көрөн күн-дьыл уларыйыытын-тэлэрийиитин өссө сылыктыыр наада.

Сайын Ньукуолунтан үтүө күннэри бэлэхтиэ. Сылаас буолуоҕа.  Ардаҕа эмиэ хаартан тутулуктаныа. Сир ньүөл. Онон сир аһын үүнүүтэ куһаҕана суох буолуоҕа. От балачча үүнүө. Кылаабынайа, дьон мэһэйдэһэн, айбардаан, ардахтатан килиимэти уларытымыахтарын наада. Күһүн кэмигэр кэлиэ. Сулустар алтыһыыларынан көрдөххө, атын сыллардааҕар сылаас күһүн буолар чинчилээх. Барытын кэмигэр оҥостуо. Күн-дьыл туругар өссө биири бэлиэтиэм. Кэлэр дьыл 2009, 2014 сыллары кытта дьүөрэлэһиэн сөп. Онон олор ортолорунан ылыахха сөп дии саныыбын. Түмүктээн эттэхпинэ, айылҕа дьон санаатын, баҕатын, саҥатын  учуоттуур, батыһа сатыыр. Ону билэ, истэ  үөрэниэххэ, үчүгэйи ыралыахха.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0