“Байанай мичик гынна”

Ааптар: 
23.01.2021
Бөлөххө киир:

Сэмэн аргыый кэннинэн чугуруйда. Санаатыгар, хайыhарын анныгар хаар кыычыгырыыра  тыаны биир гына толорор курдук. Хараҕын  арҕахтан араарбакка, аргыый кэннинэн чугуруҥнаан, тэйдэ. Бу, тииҥнии сылдьан, иччилээх арҕаҕы  таба үктээтэ. “Дьиэ” бүѳтүн быыhынан биллэ–биллибэт паар бургучуйан тахсара үѳлэс араҕастыйбыт кырыатын оhуоругар симэлийэр.

Арҕахтан лаппа тэйбитин билэн, холкутуйан, Сэмэн быыhык  бэрэгэhэтин кэтэҕэр аста, сүүhүгэр кѳлѳhүн бычыгыраабытын биллэ.

“Кѳр эрэ, бу эргин дугуйдаммыта биллэр этэ. Манна кыстаан сытар эбит. Долгуйа сыстым дуу, тугуй? Сүhүѳҕүм босхо бара сыста дии… Хата, бүгүн харамайа суох сылдьыбытым да үчүгэй эбит”,– Сэмэн туут хайыhарын халыhыччы тэбэн,  үүтээнин быста.

Аара кэриигэ хабдьы үөрүгэр түбэстэ. Хаар маңан хабдьылар, тэһииркээн, кыһыл хаастарын аннынан  хап-хара оҕуруо курдугунан көрө-көрө, талахтар төрдүлэринэн хаамсан мөкүнүҥнэһэллэр. Булчут ыксаабакка лаһыанай туоһапкатынан тобурҕатан, түөрдү илдьэ хаалла. Бултаабыт көтөрдөрүн манаагытыгар иилинэн баран, салгыы барда. Үүтээнигэр кэлэн тимир оһоҕу оттон тигинэттэ. Начаас үргээн бурҕаңнатан, икки хабдьыны буһарда.

Ити кэмңэ Сэмэн инитэ Соппуруон   үүтээҥҥэ чугаhаабыта. Буруо сытын ылан, убайа урут кэлбитин сэрэйдэ: «Хата, итии чэйгэ, бэлэм аска  кэллим»,– диэн  үѳрэ санаата.

Бэргэhэтин хаарын тэбэнэн, хааһын уонна уоһун үрдүнээҕи ньуолах бытыгын кырыатын Соппуруон кэтит ытыhынан ньиккэрийэн ылан, илиитин таhынан илгэн кэбистэ уонна аа-дьуо  таҥаhын   тэбэнэн, иhирдьэ киирдэ.  Куруппааскы миинин дырылас сыта  дьиэни толорбутун минньигэhиргээбиттии, таныытын тартаҥнатан, сытырҕалаата.

– Ыалыкы боролуттум,—  диэтэ Сэмэн уонна тимир оhоххо  оргуйа турар  хоруора хараарбыт лаппычах чаанньыкка  кирпииччэ чэйтэн тоhутан ылан  кутта. – Хайа, хайдах сырыттыҥ?

– Син. Сэттэ тумустааҕы дэҥнээтим.  Бѳҕүҥ  миэниттэн хаалсыбакка, чэрэгэри хаарга суоллаан, ирдээн, буллахтарына ньаргыйсан,   туhа бѳҕѳтѳ, — Соппуруон убайын ытын оҕотун хайгыы-хайгыы, таба тириитэ сонун устан, кѳхѳҕѳ ыйаата.

Тыаҕа таҕыстахтарына ыттарын харыстаан “бөх” диэн ааттыыллар. “Ыт” диир сатаммат. Ол курдук, сааны “көңдөй”, сүгэни “киргил”  дииллэр. Туох баар туттар тэриллэрэ, тыа хамсыыр харамайа барыта харыс ааттаахтар.  Манна диэн эттэххэ, кырдьаҕас булчуттар бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэллэрин  бастаан тыаҕа тахсыспыт уолаттар ситэ өйдөөбөккө мунаарааччылар.

Чүмэчи имик-самык уотугар аhыы олорон, Сэмэн  хаһаайыннаах  “дьиэни” булбутун кэпсээтэ. Соппуруон ону бэркэ сэргээтэ.

Аһаан баран ыттарын аһаттылар, бүгүҥҥү “булууларын” сүлэн, оһох кэннинэн тириилэрин ыйаан кэчигирэттилэр.

Тимир турбаҕа сыһыары охсон, тииҥ этин сарсыҥҥы ыһыктарыгар халахытан буһардылар. Кэриэччи буспут тииҥ этэ оһох ураатыттан хоҥнон, сиргэ түһэрин хомуйан, долбуурга ууран истилэр.

Онтон сүнньүөх эбии ииттэн, чохорооннорун сытыыланан, сарсыҥҥы бултарыгар бэлэмнэннилэр.

Сарсыарда сып-сап чэйдээт, үөл-дьүөл буолан эрдэҕинэ, аттарын сыарҕаҕа көлүйэн айаҥҥа туруннулар. Тоң күөс быстыҥынан арҕах баар сиригэр кэллилэр.

Сэмэн ыта Күөртэй, төһө да эдэрин иһин, улахан булка кэлбиттэрин  билэн оттомурбуттуу туттар.

Соппуруон ыта, кылбаа маҥан Баарыс, арай, онно кыһаммакка, куобах ороҕун батан сүүрэн бара сырытта.

Тэйиччи соҕус тохтоон аттарын баайдылар, бүө маһы быстылар.   Бу сырыыга уруккуларынааҕар атыннык, арҕахтан таһаарбакка, “нукутар” былааннаахтар. Күөртэй арҕаһын түүтүн адаарытан, ырдьыгыныы-ырдьыгыныы арҕах тула сүүрэлээтэ. Баарыс үрэн маргыйда

Сэмэн  арҕах үрдүгэр туран, сүгэтинэн эрчимнээхтик саайталаан, дьөлөҕөс оҥордо. Ол хайаҕаһынан ураҕаһы симэн бигээн, “кырдьаҕас” ханан сытарын чопчулаан баран, быраатыгар: “Манан үрдэр”, — диэн ботугураан эттэ.

Соппуруон икки уостаах уон алталааҕын хайаҕаска уган, убайа ыйбыт хайысхатынан туһаайда. Иһирдьэ тыатааҕы киҥинэйэр саҥата ньирилээн иһилиннэ.

Ыттар үрэн баргыстылар. Соппуруон сүрэҕэ битиргэччи тэбэрин истэ-истэ, инники сомуогун сыыйа тарта. Ити аата уҥа уоһунан “үрдэрдэ”.

Арҕах иһигэр бэрт куһаҕаннык “өө-өх” диэн көөҕүнүүр саҥа иһилиннэ уонна уу- чуумпу буолла. Саа буруота тахсан унаарда. Ити аата,  баппаҕайдааҕы “сымнаттылар”.

Арҕах “аанын” ыраастаатылар. Балыс киһи быһыытынан Соппуруон иһирдьэ киирдэ.  Чоруун титирик төрдүнэн оҥорбут маһын тыатааҕы айаҕар туора уоптаран, кичэйэн баайда. Арҕах никсигин кытта хара буорах буккуспут сытыттан сүрэҕэ өлөхсүйэн ылла.

Арҕахха чугаһаппыт аттарыгар баайан, көмөлөөн, кыылларын  хостоотулар.

Сып-сап туттан, боруҥуйуон иннинэ астаан бүттүлэр.

Арҕах сэксэтин таһааран, чугастааҕы тиит анныгар чохчолуу ууран кэбистилэр. Ити аата “дьиэни” ыраастаатылар.

Хаһыҥырыы мөхсөр аттарын арыый уоскутан, бултарын тиэнэн, үүтээннэригэр төнүннүлэр. Сиэдэрэй Сэмэн, санаата көммүт киһи быһыытынан, көхсүн иһигэр киҥинэйэн ыллыы истэ.

Соппуруон мичээрдээн ыртайбыт уоһун үрдүнээҕи ньуолах бытыгын кырыатын ньиккэрийдэ уонна эттэ: «Дьэ, Баай Барылаахпыт бэркэ мичик гынна, доҕор».

Сыллар ааспыттара. Ини-бии Сэмиэнэптэри Баай Барылаах кэлин да байымнык хатаҕалыыра.

Максим Ксенофонтов, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1