Байанай — хара тыа иччитэ, Күөх Боллохтуун булкуйар сатаммат

Бөлөххө киир:

“Байанай сыла ” диэн сахсаҥнаһабыт эрээри, аныгы сахалар Байанай туһунан төһө чуолкай өйдөбүллээхпитий? Тайах буоллун, балык буоллун – “Байанайбыт тэбэн биэрдэ” дэһэбит. Муҥхалыы киирээри туран, бытыктарын быһа үктээбит (эдэрдэри этэ да барыллыбыт) сорох алгысчыттар Байанайтан көрдөһөн, айах туталлара истиэххэ-көрүөххэ олуона.


Манна сыһыаран суруйдахха, бэл, “Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар” (Дьокуускай, 1994 с.) тыл үөрэхтээхтэрэ: “Байанай, аат. Сахалар былыргы итэҕэллэринэн булчут бултуйарыгар көмөлөһөр иччи (тыаҕа да, ууга да). Тыа байанайа. Уу байанайа”, — диэн быһааран тураллар.

Алексей Елисеевич Кулаковскай “Научнай үлэлэригэр” Байанай тыа иччитэ буоларын чопчу ыйбыта. Баай Байанай – үтүө санаалаах, үөрүнньэҥ  майгылаах. Кини элбэх кыыллаах-сүөллээх халыҥ тыаҕа олорор. Дьон дьиэ туттаары олорор сирдэрин чугаһыттан мас кэрдэллэригэр киниттэн көрдөһөллөрө сатаммат, тоҕо диэтэххэ, онно сөптөөх маһы дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун бас билэр. Байанай хара тыа булдун-аһын эрэ дьаһайар. Ууга эмиэ орооспот, күөлгэ-өрүскэ баар баайы уу иччитэ Күөх Боллох Тойон баһылыыр.

А.Кулаковскай “Байанай диэн тоҕус ини-бии бүттүүн ааттара буоларын, кинилэртэн улаханнара, баһылыктара Барыылаах дэнэрин” быһаарар. Байанай булчут түүлүгэр эбэтэр илэ мэлдьи булчут таҥастаах оҕонньор уобараһыгар көстөр. Кини дьону хоргуйан өлүүттэн быыһыыр, ыксаллаах кэмҥэ булду-аһы тэбэн биэрэр. Үксүн, ол иһин дьон махтанан, ас-үөл бэрсэллэр. Байанай биэрбитин мыынар табыллыбат, кыра да буоллаҕына – үөрүөхтээххин. Холобур, былыр бүүчээн айаларыгар табылыннаҕына: “Байанай миэхэ хайдахтаах курдук улахан кыылы ыытта!” – диэн хаһыытыыллар уонна соруйан синньигэс төһүү бысталлар. Итинник биэс-алта төһүү тостубутун кэннэ биирдэ бултарын дьиэлэригэр илдьэ бараллар. “Бүүчээн төһүүтүгэр дылы” диэн өс хоһооно онтон үөскээбит.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0