БАЙАНАЙ АЙЫЫ ЫЙА

Ааптар: 
04.11.2021
Бөлөххө киир:

Сэтинньи – Баай Байанай Айыы ыйа. Сахалар саамай сүгүрүйэр ыйдарыттан биирдэстэрэ. Үгэс курдук, саҥа үүнэр ый саҥатыгар норуот синоптига Тускул сэтинньини билгэлээбитин билиһиннэрэбит.

СЭТИННЬИНИ ЫАМ ЫЙА БАТЫҺАР

Сахалар саамай сүгүрү­йэр ыйдарын өбүгэлэрбит Байанайы, булду-алды кытта ыкса сибээстииллэрэ. Олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр курдук саныыллара. Махталлаах булчукка «Байанай хара тыа баа­йыттан үөрэ-көтө бэрсэр» диэн өйдөбүл олохсуйбут.

Сэтинньигэ түүмэх түһэн барар. «Түүмэх» диэн син биир кыраһа курдук. Уу паара тоҥон хаар буолар уонна сиргэ түһэр. Түүмэх үксүгэр былыта суох буолар. Эһиилги сыл хайдах буолуон түүмэҕинэн билэллэр. Түүмэх элбэх буоллаҕына – өҥ дьыл, түүмэх аҕыйах буоллаҕына – кураан.

Ый ортотуттан (14 күн) сы­­лаас таҥаһы кэтэр күн. Халлаан тымныйар. Киһи кыһыҥҥы таҥаһын кэтэр. Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам-­даам буолбатах (ол ахсынньы 10-тан саҕаланыа). Күн сиэ­лиинэн күрэнэн иһэр. Хараҥа улаата турар.

Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар. Сэтинньи тибиитэ элбээтэҕинэ, үс буолар, оччоҕо саас тоҕус тибии түһэр. Бу түбэлтэҕэ өҥ дьылы күүтэллэр.

Миитэрэйэп саҕана (сэтинньи 8 күнэ) халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына, сылаас кыһын буолар. Ыт атаҕын чиккэччи тэбинэн ойоҕоһунан сыттаҕына, хаар түһүө. Өрүс уута тура илигинэ кыстык хаар түстэҕинэ, куһаҕан дьыл кэлэр. Ойбону саҥа аллардахха, уута толору тахсар, ардыгар модьоҕотун таһыгар охсор буоллаҕына, уулаах саас, итиэннэ өҥ сайын кэлэр. Уу нэһиилэ тахсар, өрө тэппэт буоллаҕына, сааһыгар үрэххэ уу кэлбэт, уута суох саас буолар.

СЭТИННЬИ БИЛГЭТЭ

Сэтинньи 2 күнэ – былыттаннаҕына, кыһына ичигэс.

Сэтинньи 3 күнэ – бу ыйга үс тибии түстэҕинэ, саас тоҕус тибии түһэр дииллэр. Онтон элбэх ­буоллаҕына, өҥ дьыл буолар. Онтон аҕыйах буоллаҕына, кураан дьыл.

Сэтинньи 5 күнэ – былыта суох күн хаар кыыдамнаан, элбэх кыраһа түстэҕинэ, өҥ сыл буолар. Кыраһа кыра буоллаҕына, кураан сыл.

Сэтинньи 8 күнэ – (Миитэрэйэп күнэ), сахалыы халандаарынан, идэһэни өлөрүү саҕаланар. Миитэрэйэп күнүгэр халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына – кыһына сылаас, оттон үдүк-бадык уонна сырдыктыҥы будулҕан былыттар таҕыстахтарына, тымныы кыһыны күүтүҥ.

Сэтинньи 15 күнэ – Ый уонна Үргэл алтыһаллар. Ырааҕынан ааһыстахтарына, сылаас соҕус буолар. Чугаһынан ааһыстахтарына, тымныы буолар дииллэр.

Сэтинньи 22 күнэ – былыттаннаҕына, ахсынньы 4 күнүгэр диэри ичигэс турар.

Сэтинньи 25 күнэ – Уус Алдан улууһун Курбуһах олохтооҕо Федот Николаевич Аммосов суруйбутунан – Мэхээлэйэп таҥара күнэ.

Сэтинньи 26 күнэ – ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам-даам тымныы түһүүтэ буолбатах.

Сэтинньи 27 күнэ – саҥа үүнэр ый туруору таҕыстаҕына – тымныы ый үүммүтүн бэлиэтэ.

Сэтинньи 28 күнэ – сулустар бачыгырыы хойуутук чаҕылыҥнастахтарына – халлаан тымныйарыгар.

Сэтинньи 29 күнэ – кыһынын соҕурууттан, арҕааттан салгыннаннаҕына – тымныйар. Хотуттан, илинтэн салгыннаннаҕына – тыал-хаар түһэр.

УЛУУСТАРЫНАН СЭТИННЬИ БИЛГЭТЭ

КИИН УЛУУСТАР

Сэтинньи үгүс киин улуустарга урукку сылларга тэҥнээтэххэ, балай да сылаас буолара сабаҕаланар, сөбүгэр соҕус хаардаах буолсу.

Бу ый I дэкээдэтэ урукку сылларга тэҥнээтэххэ, сылаас: күнүс -7С-10С кыраадыс тымныы, түүнүн -15С-18С, кыраһа хаара элбэх.

II дэкээдэ хаардаах буолсу: күнүс -15-22С кыраадыс тымныы, түүнүн -25С -30С кыраадыс тымныы.

Кэмиттэн кэмигэр хойуу хаардаах буолар.

III дэкээдэ хаара кэмчи соҕус буолсу, көннөрү тымныйыыһы: күнүс 25С-30С кыраадыс тымныы, түүн -30С -35С кыраадыс тымныы буолсу.

БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР

Бүлүү эҥэр улуустарга киин улуустарга тэҥнээтэххэ, балай да сылаас буолара сабаҕаланар, сөбүгэр соҕус хаардаах.

Бу ый I дэкээдэтэ урукку сылларга тэҥнээтэххэ сылаас: күнүс -15С-18С кыраадыс тымныы, түүнүн -20С-23С, хаара элбэх.

II дэкээдэ хаара кэмчи соҕус буолсу: күнүс -15-20С кыраадыс тымныы, түүнүн -20С -23С кыраадыс тымныы.

Кэмиттэн кэмигэр кыраһа хаардаах буолсу.

III дэкээдэ хаара кэмчи соҕус буолсу, көннөрү тымныйыыһы. Күнүс-20С-23С кыраадыс тымныы, түүн -26С -30С кыраадыс тымныы.

ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга балай да сылаас буолара сабаҕаланар.

Бу ый I дэкээдэтэ урукку сылларга тэҥнээтэххэ сылаас, күнүс -5С-8С кыраадыс тымныы, түүнүн -8С-10С. Бу дэкээдэҕэ хаара олох суох. II дэкээдэ хаара балай да соҕус буолсу, күнүс -12-16С кыраадыс тымныы, түүнүн -18С -21С кыраадыс тымныы. Кэмиттэн кэмигэр кыраһа хаардаах буолсу.

III дэкээдэ хаара кэмчи соҕус буолсу, көннөрү тымныйыыһы: күнүс-18С-22С кыраадыс тымныы, түүн -20С -25С кыраадыс тымныы.

ӨЙМӨКӨӨН 

Саха сирин саамай тымныы улууһугар – Тымныы полюһугар урукку сыллардааҕар сымнаҕас буолсу. Бастакы дэкээдэ хаара кэмчи соҕус. Иккис дэкээдэттэн хаардаах күн үгүс. Ый бүтүүтэ хаара кэмчи соҕус буолсу. Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс -15С-17С кыраадыс сылаас, түүн -17С-20С тымныы. II дэкээдэ балай да сөҥүүлээх хаардаах буолсу, көннөрү тымныы буолуоҕа. Күнүһүн -18С-22С кыраадыс тымныы, түүнүн -20С-24С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ ый бүтүүтэ хаара кэмчи ­буолсу. Күнүһүн -20С-24С кыраадыс тымныы, түүн -27С-30С кыраадыс тымныы.

ДЬААҤЫ 

Саха сирин биир эмиэ саамай тымныытынан биллэр улууһугар бастакы уон хонукка хаара кэмчи соҕус буолсу, иккис дэкээдэттэн хаардаах күн үгүс. Ый бүтүүтэ хаара кэмчи соҕус. Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс -20С-25С кыраадыс сылаас, түүн -25С-29С тымныы. II дэкээдэ балай да хаардаах, көннөрү тымныы буолсу. Күнүһүн -25С-29С кы­­раадыс тымныы, түүнүн -30С-35С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ ый бүтүүтэ хаардыыһы. Күнүһүн -30С-35С кыраадыс тымныы, түүн -35С-40С кыраадыс тымныы.

АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА ХАЛЫМА

Халыма-Индигиир эҥээр улуустарга бастакы дэкээдэҕэ сөҥүүтэ кэмчи соҕус, иккис дэкээдэттэн хаардаах күн үгүс. Ый бүтүүтэ хаара кэмчи соҕус буолууһу. Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс -10С-13С кыраадыс сылаас, түүн -15С-19С тымныы. II дэкээдэ балай да сөҥүүлээх хаар­даах, көннөрү тымныы. Күнүһүн -25С-27С кыраадыс тымныы, түүнүн -25С-30С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ ый бүтүүтэ хаара кэмчи.

Күнүһүн -25С-30С кыраадыс сылаас, түүн -30С-35С кыраадыс тымныы.

АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИИ

Арктика эҥээр улуустарга ый бастакы иккис дэкээдэтэ балай да хаардаах, ый үһүс уон хонугар хаара кэмчи соҕус.

Бу ый I дэкээдэтэ күнүс -10С-15С кыраадыс тымныы, түүн -15С-20С тымныы. II дэкээдэ балай да сөҥүүлээх хаардаах, көннөрү тымныы. Күнүһүн -10С-15С кыраадыс тымныы, түүнүн -20С-23С кыраадыс тымныы. III уон хонукка ый бүтүүтэ хаардаах буолсу.

Күнүһүн -20С-23С кыраадыс, түүнүн -25С-28С кыраадыс тымныы.

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа Мария Васильева (СИА) түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0