Ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Маарыйа диэн баара. Кини оҕонньоро Дьэпсэй үйэлээх сааһыгар кыра булка булчут. Аһаан-таҥнан олорор хара тыатын, ийэ айылҕатын олус харыстыыр, киниэхэ сүгүрүйэр эбит. Кини аҕата Буххаан эдэр сылдьан түөһүгэр күннээх хара саһылы өлөрбүтүн кэпсииллэрэ. Онон аҕатыттан утум тардан, үөрэнэн, Дьэпсэй булчут буолбут.
Маарыйа эмээхсин өлөрүгэр мин баар этим. Түүнү быһа чүмэчи умаппыттара. Күнүс, дьон ол-бу сорукка тарҕаһан, икки күн иккиэйэҕин олорбуппут. Мин оскуолаҕа үөрэнэр дуу, үөрэммэт дуу бэдик, ийэм эдьиийин Маарыйаны эбэм диэн ааттыырым. Онон олох толлубакка, куттаммакка, бу сытар киһини сүүһүн, муннун имэрий- эрим. Бастакы күн чүмэчини харыстаан буолуо, сабыта үрэттээн кэбиһэн, сэмэлэммиппин өйдүүбүн. Ийэм: «Эдьиийим онно олох хараҥа сиргэ бараары сытар. Саатар, манна дьиэтигэр сырдыкка сыта түстүн», — диэбитэ билигин даҕаны иһиллэргэ дылы.
Дьэпсэй оҕонньор эһэкээннээҕин туоһулуур биир дьикти түбэлтэ буолбутун истибиппит. Өлүөн икки сыл иннинэ, илимин көрө өрүскэ киирэн истэҕинэ, биир тайах өрө сүүрэн тахсан, олорор өтөхтөрүн утары хордоҕойго талах саҕатыгар тохтоон, сири табыйа-табыйа турбут. Оҕонньор: «Бээ, бу хайдах-хайдаҕый?» — диэн сээбэҥнии түһэн баран, өй булан, дьиэтигэр барбыт. Кырдьаҕас хаһан дьиэтиттэн аҕылаан-мэҥилээн саатын илдьэ кэлиэр диэри тайаҕа сол курдук буорун табыйа турара үһү. Ону талахтарынан сөрүөстэн киирэн ытан охторбут.
Булдун пиэрмэ уолаттарын аҕалан сүлэн, астаан, үллэстэн сиэбиппит. Дьэпсэй оҕонньор: «Эһэкээним көмүллэр сирбин ыйан биэрдэ”, — диэбитэ. Кини эппитинэн, билигин кырдьаҕас көмүс уҥуоҕа Быһыттаах томторугар хараллан сытар. Бу туһунан сиһилии Маарыйалаах Дьэпсэй кыыстара Варвара Петрова «Куокуну — мин дойдум» диэн кинигэтигэр суруйан киллэрбитэ баар. Арааһа, ити түбэлтэ тосхойуу кэннэ буолуо, Дьэпсэй миигин батыһыннара сылдьан, ойууру-тыаны кэрийэн, туһаҕын, сохсотун, ол-бу тэрилин эспитэ. Онно көрдөхпүнэ, онто барыта эргэ этэ. «Хайдах манныкка булт иҥнэр?» дии санаабытым баара. Наһаа нарын оҥоһуулаах чааркааннар бааллара. Олортон бииргэ тиксэн, сайылык дьиэтин кутуйахтарын бултаспытым.
Валерий Михайлов, «Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан.