Ахсынньы аам-даам тымныытын оройо. Торопуун Хотуоһап түбүгэ сарсыарда дьыбар тахсыан инниттэн саҕаламмыта. Хотонун дьаһайан, маһын мастаан баран икки улахан куулу нэһиилэ сосуһан, мадьыктаһан, бэйэтэ оҥорбут мас соһор салааскатыгар сытыары уурталаата.
Кыратык тыын ылан баран олбуор таһыгар салааскатын соһон кыыкырдатта. Олбуор таһыгар кэлэн икки куулун соннук мадьыктаһан хаарга кэккэлэһиннэри уурда. Кини кэнниттэн кэргэнэ Полина Көстөкүүнэбинэ биир обургу дьааһыгы кыра салааскаҕа соһон аҕалан эмиэ кэккэлэһиннэрдэ.
– Һуу, дьэ, массыынабыт кэлэн тиэйдэр өрө тыынаа инибит, – Торопуун сиэбиттэн табаҕын хостоон уматынна, онтон саһаан аттыгар баар улахан дүлүҥҥэ буруолуу сылдьар үтүлүгүн устан, тэлгээн ол үрдүгэр олордо.
– Оннук, оҕолор да абыраныахтара, куорат дьонугар эт-ас наада, тугу да умнубатыбыт ини, – диэн баран, – куулларгын үчүгэйдик баайдын ини, аны сөллөн, оҕолор астара тохтуо, – диэт кууллары курдат көрөрдүү балачча кыҥаспахтаата.
– Ээ баайан, оҕонньор илиитэ тоҥоругар кыһаммакка буруолаан бургучуйа олордо.
– Оҕонньор, табахтаан бусхата олорон тоҥоойоххун, ычча, мин киирдим, киирдэххинэ чээйдиэхпит, – диэт эт лахса кыра уҥуохтаах сааһырбыт дьахтар былаатыгар, сонугар сууламмытынан дьиэтин диэки бэдьэйдэ.
Торопуун табахтаан бүтэн, ол-бу диэки массыына тыаһын иһиллээн олоотуу турдаҕына, чигдигэ атах тыаһа чугаһаан кэлэн киһи дорооболоспутугар оҕонньор соһуйан ходьох гынна.
– Дорообо Торопуун, хайа, бу куораттаан эрэҕин дуо?
– Дорообо Бааса, сүөһүбүн-аспын быраҕан хантан куораттыамый, оҕолорго, сиэннэргэ кэһии ытаары Киргиэлэйи маныыбын. Бүгүн куораттыахтаах.
– Абыраммыт оҕолор дуу, куораттар, – ордук «куораттар» диэн тылы чиҥэтэ соҕус саҥарда. – Тыый, бу икки куул, биир дьааһык тухары тугу кэһиилээтиҥ? – Бааса бытыгын имэринэн кырыатын сотто-сотто мүчүк гынна.
– Хайа, оттон эт, арыы, ыһаарыламмыт собо, бэрэски, бэлимиэн, кэтилиэт оҥордубут. Хайа, куорат дьонугар бириэмэ ыгым буоллаҕа. Үлэттэн кэлээт бэлэм тоҥ аһылыгы ириэрэн буһарар арыый үлэлэрин аччатыа эбитэ дуу, – оҕонньор оҕолоругар кэһии бөҕөтүн ыытан эрэриттэн астыммыттыы тугу кэһиилээбитин ытыска ууран кэпсээн биэрдэ.
– Торопуун, эттэрин баҕас оттон араспилопка мээсэ да илдьиэхтэрин сөп ээ, тоҕо эттээн түбүгүрдүҥ. Куоракка оннук өҥө баар буолбута хаһыс да сыла үһү дии.
– Тыый, Бааса, бу да киһи, онтуҥ туспа сыана ини. Эти таксинан ол сиргэ илт да, эттэт да, төттөрү сүгэн аҕал да, барыта ороскуот ини. Ол кэриэтин манна аа-дьуо, бэйэм олбуорбар сүгэбинэн эттээн ньиллиргэппитим көнө ини.
– Абыраммыт куораттар… – Бааса Торопуун оҕолорун көмүскэһэн саҥарарын истэн чыпчырынан кэбистэ. Онуоха кини тоҕо чыпчырыммытын ама Торопуун өйдөөбөт бэйэлээх буолуо дуо, таах хаалбата:
– Бээ, Бааса, оҕолорун кыра буоланнар билбэккин, куоракка хардыыҥ барыта харчы, биир киилэ эти, арыыны атыылаһаары хамнастарын сыыһын тоҕо тэбиэхтэрэ дуо, оҕолору иитээри сүөһү-ас көрөр буоллахпыт. Үрүк-түрүк эрдэххэ оҕолорбутугар көмөлөһөн хаалар буоллахпыт.
– Сөпкө этэҕин да, куораттарын кэлэн оттоһор, илии-атах буолар буоллахтарына, сүөһү-ас тутар бэрт бөҕө буоллаҕа…
– Үлэ дьоно сайын эмиэ үлэлииллэр, ол уоппусканы биһиги талбыппытынан биэрбэттэр, атырдьах ыйыгар кэлээччилэр, дьэ, онно оту-маһы кыайыллааччы – оҕонньор оҕолоро кэлэн күүс-көмө буолалларын санаан астыммыттыы тула өттүн көрүннэ.
– Астарын-үөллэрин тыа сириттэн ылар дьон оттон оччого тоҕо куоракка бары симиллэллэрэ буолла, дьиэ-уот да кыараҕаһа, ырыынакка эт-ас ыарахана… – Бааса ыксыыр быһыыта суох кэпсэтиини салҕаата.
– Ол тыаҕа кэлэн тугу үлэлиэхтэрэй, эттэҕин баҕас Баасаа, бээ, оҕолоруҥ устудьуоннуу бардахтарына эн да көлүөһэни маныыр кэмиҥ кэлиэҕэ, – диэн Торопуун күлэ-күлэ кууллаах кэһиилэрин көннөртөөтө. Бу сырыыга Бааса саҥарбата.
Оҕонньор номнуо үлэһит буолбута ырааппыт оҕолоругар кэһии ыытаары бэҕэһээ күнтэн түбүгүрэр. Бачча түбүгүрэн дьэ, куулга хаалаан баран ааһан иһэр Бааса тыл кыбыттаҕын аайы оҕолорун астан матарыа дуо, барахсаттар, үлэ дьоно, куоракка биир кэм бириэмэ былдьаһыга. Оттон манна, хотону, сүөһүнү-аһы кэмигэр көрөн, от биэрэн уулатыы күннээҕи эрэ түбүк буоллаҕа. Сотору кэминэн саҥатык «УАЗ» массыына түргэн үлүгэрдик сүүрдэн кэллэ. Киргиэлэй уол дабдыкыччыйбытынан массыынаттан ыстанан түһээт, баһыылкалары массыынаҕа хаалаан мадьыктаста. Бааса саҥата суох турда, онтон быраһаайдаһан барда. Чахчы, кини оҕолоро алын сүһүөх кылааһы саҥа тахсыбыттара. Устудьуоннуу барыахтара ыраах. Ол сахха туох үйэ кэлэрэ биллибэт. Эт-ас куоракка кырыымчык буоллаҕына, тоҕо тыаҕа олорор сатаммата буолла, – Бааса иһигэр мунаахсыйа саныы-саныы ыллык устун хааман нөтүөстэнэ турда. Торопуун баһыылкатын массыынаҕа хаалаһан баран, улахан таһаҕаһы санныттан түһэрбиттии чэпчээн, массыына көстүбэт буолуор диэри көрөн турда. Онтон эмээхсинин чэйэ сойон эрэрин санаан, салааскатыгар мас тиэйэн баран олбуоругар киирдэ. Торопуун хаһан да кураанах сылдьыбат. Тугу барытын таарыччы оҥорор сатабыллаах киһи. «Дьэ, оҕолор тустарыгар сүрэх бөҕөх, аныаха-маныаха диэри астарын дьаһайдыбыт” диэн санаабытынан иилиитигэр көтөх мастаах дьиэтин аанын тэлэйэ аста. Эмээхсинэ сарсыардааҥҥы чэйин кутан кэтэһэн олорор эбит. Быргыччы оттуллубут сылаас дьиэҕэ киирэн оҕонньор хардаҕастарын мас кыска сааһылаата. Онтон үтүлүгүн куурда оһох үрдүнэн туора тардыллыбыт боробулуохаҕа иилэ ыйаата. Көхсүн этитэн баран эмээхсинигэр:
– Эмээхсиэн, аныаха диэри үлэһит дьон этин-аһын дьаһайарбытын Бааса уол сөхтө ээ… Чахчы, оҕолору наһаа атаахтатан астарын астаан ыытарбыт хайдах эрэ дуу, эт да арыы да сөп буолуо эбитэ буолуо ээ, – диэн эмээхсинин сирэйин мыҥаан, тугу саҥарарын истээри оргууй хааман куукунаҕа кэллэ.
– Чэ, ол кини кыһалҕата буолбатах, оҕолоро кыралар, онон булбута муннун анныгар, оҕолоро үөрэххэ бардахтарына кини да куулга хаалыы-хаалыы массыына көрдөөн тилэҕэ элэйэн эрэр буолуоҕа, – эмээхсин чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа түннүгүнэн ыраах тыа саҕатын одуулуу олордо. Оҕонньордоох оҕолоро үлэһит буолбуттара ырааппыт дьон, бэрэскитигэр, кэтилиэтигэр диэри бэлэми ыыттаралларын аахсыбатахха, туһалаах оҕолор. Сыл аайы оттоһон, сир астаһан, сиэннэри үрүҥ аска аҕалан сайылатан абырыыллар. Оҕонньор сиэннэрин санаан, бу ыытыллыбыт кэһии оҕолорго даҕаны буолбатах, барыта сиэннэргэ буоларын өйдөөн, Бааса кистэлэҥ сэмэлээһинин ончу умунна. Чааскылаах чэйин сыпсырыйан, бэҕэһээ оҕолорго анаан буспут бэрэски тобоҕун мотуйа олордо.
Ульяна ЗАХАРОВА.
Олунньу, 2019 сыл.