Баһылай ойуун

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Былыр биир аата-суола суох сиргэ быстар дьадаҥы буор балыксыт Баһылай диэн түөрт уончалаах киһи кэргэнинээн, уончалаах кыыһынаан олорбут. Биирдэ күһүөрү кыыс таһырдьа оонньуу сырыттаҕына, аттаах киһи кэлэр. Кыыс дьиэтигэр сүүрэн киирэн: «Аттаах киһи кэллэ», — диир.

Дьахтар туран ааны сэгэтэн көрбүтэ: арай кинээстэрэ кэлэн атын баайа турар эбит. Аанын саба охсоот, хаҥас диэки баран күөдэл курдук утуйар таҥаһын иһигэр киирэн хаалар.

Кинээс дьиэҕэ киирэн ону-маны сэһэргэһэн, хайдах олороллорун туоһулаһар, онтон баран хаалар. Кинээс барбытын кэннэ дьахтар оронуттан туран уот иннигэр кэлэн истэҕинэ

Баһылай утары бардьыгыныы тоһуйар:

— Аһай бэйэлээх, ити хайдах буолар быһыыгыный? Саатар кинээскэр маачыктыыгын.

— Иирдиҥ дуу? Кинээс кэлбитэ буолуо диэн миэхэ түүлбэр да суоҕа. Таҥас суоҕун суоруом дуо? — диир дьахтар.

— Иирэр бу баар, — диир да, дьахтарын Баһылай түҥнэри охсон кэбиһэр. Туруоҕа диэн кэтэһэн көрөр да, дьахтар турбат. Тиийэн тутан көрбүтэ — хайыы-сахха дьахтара көһүйэн эрэр эбит. Баһылай киһи эрэ буоллар ыксыыр. Дьахтарын аһыйан, ытаан-соҥоон көмөн кэбиһэр.

Бу гынан баран толкуйдаатаҕына: кини иэдээнигэр барытыгар буруйдаах убайа Бүөтүр эбит. «Кини баай киһи. Нэһилиэк сиһэ, эргинэр-урбанар. Ол гынан баран биирдэ эмит тугу эмэ дук гыныа баара дуо? Кини амарах, киһилии киһи эбитэ буоллар, таҥас-сап да биэриэх этэ. Оччоҕо мин дьахтарым ырбаахылаах буолуо этэ. Хас барбыт-кэлбит киһи аайы, саатар, тугун барытын көрдөрүө суох этэ. Оччоҕо билигин тыыннаах буолуо этэ. Мин дьахтара суох сатаан ыал аатын сүкпэппин. Ити буоллаҕына, тоҕо мин ойуун буолбуппунуй? Мин биир кыһалҕабын толуйбат убай туохха нааданый? Бу түүн кыыран ыал олорботоҕун, өтөх турбатаҕын курдук гыныахтаахпын», — дии саныыр да, хоспоххо тахсан кыырар таҥаһын, дүҥүрүн киллэрэн куурдан, кыыһын утутан баран, уот иннигэр кыырардыы оҥостон олорор. Кыыран хоххуллан: «Хара түөкүн бэйэлээх, ыт уолун бар дьонуттан көҕүрэтиэхтээхпин» — диэн убайын Бүөтүр дьиэтигэр аан холоругу таҥнары ытыйан тиийэр. Тиийэн тиэргэнигэр эрэ киирэр, төгүрүйэ көтө сылдьан дьиэтигэр киирэ сатыыр да, олох кыайан киирбэт.

Дьиэ төгүрүйэ арчыланан турар эбит. «Хара түөкүн бэйэлээх дьоно-сэргэтэ кыайтарыа суох, ураа муостааҕыттан киирэн көҕүрэтииһибин», — дии санаан, сыһыы муҥунан анньа сылдьар сүөһүлэргэ киирэр. Былыт оһуутугар тахсан, атыыр холорук буолан таҥнары сатыылаан түһэр. Ааһан баран: «Төһө сүөһү өллө буолла?» — диэн кэннин хайыһан көрбүтэ: биир да сүөһү үргүбүт сибикитэ биллибэт. «Аны сыспай сиэллээҕэр барыыһыбын», — дии санаан, толоон-толоон аайы толору киэптээн сылдьар сылгы үөрүгэр холорук буолан былыт оһуутуттан таҥнары ытыйан түһэн баран көрбүтэ: биир сылгы тэһииркээбит сибикитэ биллибэт. Дьэ сиргэ силлиир. «Ол гынан баран мин да сүгүнүнэн сүктүбэтим, аанньанан арахсыбатым буолуо, аны буоспа ыарыыга баран көрдөһөн көрүөхтээхпин», — диэн улахан ыарыы олорор сиригэр барар. Тиийэн этэр:

— Хотун эдьиийим, улахан көрдөһүүлээх кэллим. Мин убайым Бүөтүр баайа баайыттан орто, киһитэ киһиттэн орто. Онон киһини бэйэтигэр тэҥнээбэт буолла, кыра кыаммат киһини сэниир, атаҕастыыр. Бу мин, бииргэ төрөөбүт быраата ааттаах киһиэхэ, биир арсыын таҥаһы салҕаабата, ойохпун өлөрөн кэбистим. Онтон хоргутан, хомойон бу эйиэхэ, хотун эдьиийбэр, кэллим. Төһө-хачча буолуой кинилэр үрдүк ааттарыгар баран кэлиэххин?

— Суох, барбаппын. Соторутааҕыта Сибиири кэрийэн кэлбитим. Мин мээнэ санаатах аайы сылдьыбаппын ээ. Улахан сырыым сүүстүү сыл буола-буола, кыра быстах сырыым түөрт уоннуу сыл буола-буола буолар.

Баһылай эҥин эгэлгэ тылын этэн ааттаһар. Онуоха эдьиийэ туран этэр:

— Дьэ, хаайарыҥ да бэрт. Ол Бүөтүр ыраах-чугас уруута түөрт уон киһи тахсар дуо?

Баһылай ааҕан көрбүтэ, түөрт уонус киһи кини бэйэтэ эбит. Ыксыыр. Ол да буоллар:

— Баар, — диир.

— Чэ сөп, оччоҕо бардыбыт, — диир эдьиийэ.

Бүөтүрдээх дьиэһит дьахтардара сарсыарда эрдэ тура сылдьан, олорор күөллэрин арҕаа кэриитинэн уот кугас оҕуһу мииммит, уот кыһыл таҥастаах дьахтар инники олорон, ол кэннигэр хара таҥастаах эр киһи мэҥэстэн айаннатан тибилитэн иһэллэрин көрөр. Киирэн оннугу көрдүм диир. Бүөтүр өтө сэрэйэр, этэр:

— Аны үс хонугунан куоракка киирбит уол кэлиэхтээх, ону киһи эрэ буолларгын кэлэр күнүгэр утары бараҥҥын этээр, манна кэлбэтин, куоракка төнүннүн.

Кэлэн иһэр дьон өр гыныахтара дуо? Киирэн кэлэллэр. Бүөтүр этэр:

— Хотун эдьиийим, тоҕо, туох санааттан биһиги боруокпутун атыллаатыҥ? Аан дойду айбыт сокуонун быһыытынан эн улахан сырыыҥ сүүс сыл этэ, кыра сырыыҥ түөрт уон сыл этэ дии.

— Оннук этэ да, бу быраатыҥ Баһылай этэр, топпут-туолбут, наһаа байбыт үһүгүн. Кыраҕын-кыаммаккын киһи диэбэт үһүгүн. Онон мин атах соболоҥо суох сылдьыбаппын бэйэҥ билэҕин, — диир да, дьиэҕэ баар дьону кырдьаҕас-эмэн диэбэккэ, кыра-кыаммат диэбэккэ тигитэлээн барар. Били Бүөтүр улахан уола суоҕун билэр эбит. Кэлэрин кэтэһэр.
Бүөтүрдээх дьиэһит дьахтардара кинилэр аймахтара буолбатах эбит, онон ыалдьыбат. Уол кэлэр күнүгэр утары барар. Көрсөн этэр: «Оннук алдьархай буолла, тыыҥҥын тэскилэтэр үһүгүн».

Уол атын эргилиннэри тардар да, быһа биэрэр. Улахан ыарыы маны билэ сыппыт эбит, уолу эккирэтэн имитэр. Киһи гыныа дуо? Уол биир толооҥҥо киирбитэ — толоон ортотугар маҥан аттаах киһи курупааскы көтөн эрэрин курдук сүүрдэн эрэр эбит. Биир төҥүргэһи туура тардан ылан буордаах өттүгэр силлээн баран, киһини быраҕан саайар. Төҥүргэс тиийэн киһи көхсүн хараҕын тобулу түһэн кэбиһэр. Киһи өлөн хаалар. Баһылай билэн, көрөн олорор. Буоспа отут тоҕус киһини өлөрөн баран, киниэхэ иһэрин билэр. Кыыһыгар Ылдьаанаҕа этэр: «Тоҕойум, өйдөөн иһит. Буоспа ыарыы мин үрдүк ааппын ааттаан иһэр, ону тахсан харсан көрүөм. Үс хонук иһигэр хайа хайабыт кыайыа да, кыайтарыа суоҕа. Онон кыайбытым да иһин, кыайтарбытым да иһин мин бэйэм киириэҕим. Эн наайын-наайын диэн аан аһар эрэ буолаайаҕын. Ити оһох кэннигэр балык чабычаҕын уурдум, онно саахтаа, ииктээ. Балык ас баар, уу да баар, үс хонукка тиийиэҕэ», — диир да, таһырдьа тахсан барар. Тахсаат үнкүрүс-күөлэһис гынар да, күөх эбириэн дьүһүннээх аарыма атыыр оҕус буолар. Итиэннэ тиэргэн ортотутар күрдьүөттээн күлтэллэн турдаҕына, арҕаа диэкиттэн уот кугас өннөөх аарыма атыыр оҕус кэлэр да, хапса түһэллэр.

Дьиэҕэ хаалбыт кыыс иһиттэҕинэ, тиэргэҥҥэ тыас тыастан ордор, уус уустан ордор. Кыыс куттанан барыах-кэлиэх сирин булбат, утуйар бөҕүн иһигэр киирэн саһан хаалар. Биир суукка устата тыас-уус намыраабат. Иккис хонугуттан таһырдьа туох да тыас-уус иһиллибэт буолар. Кыыс эбии ыксыыр. «Аҕабын сиэн бардаҕа», — дии саныыр. Кэтэһэ сатыыр, тэһийэ сатыыр, хайдах да тулуйарыттан ааһар, көрүөн олус баҕарар, туох эрэ имнэммитин курдук буолар. Икки хонон баран күн ортото ааһыыта ааны кыратык сэгэтэн көрөр.

Көрбүтэ — оҕустар сүүс-сүүстэриттэн тирэһэн баран түөрт атахтарын баҕаналыы тэбинэн тураллар эбит. Айахтарыттан таҥнары санньылыйбыт сыраан, күүгэн маҥан куобах курдук буолан, сиргэ түһэн чалбах буолбут. Дьиэ иһиттэн сылгы чыычааҕа аан аһыллыбытынан тахсан уот кугас оҕус үрдүгэр чырыптыырын кытта, күөх эбириэн оҕус хара хоруо буолан кэлэн түһэр. Уот кугас оҕус арҕаа диэки түһэ турар. Били оҕус охтубут сириттэн Баһылай хара хоруо курдук буолан туран кэлэр. Дьиэҕэ киирэр. Кыыс үөрэр: «Хата аҕам тыыннаах эбит», — диир. Баһылай киирэн баран этэр: «Киһи эппитин өйдөөбөт, наһаа акаары оҕо эбиккин. Мин өлөр буоллум, ити сиэн барда. Куппун дьиэҕэ хаайан тахсыбыппын, ааны сэгэтэҥҥин таһааран ыытан сиэттиҥ. Өйдөөн иһит, билэҕин дии, дьон хайа диэкиттэн кэлэллэрин. Сибилигин ол суолунан бардаххына, хас да дьиэлээх сиргэ тиийиэҥ. Ол тиийэн киһини көрсөн миигин өллө диэ. Тиэргэммэр дьаһайдыннар, дьиэни суулларан кэбистиннэр. Хойут улахан айан суола манан буолуо. Ону сылдьар дьон мин ааппын ааттаан бэлэх-туһах биэрдиннэр. Чэ, бар», — диэн баран кыыһын таһырдьа анньан кэбиһэр.

Кыыс ытаан ньиккирии-ньиккирии хааман, били аҕата эппит ыаллар олорор сирдэригэр тиийэр. Урут дьоҥҥо убамматах оҕо, дьонтон куттанан ыалга киирбэккэ сылдьар. Биир күн аттаах, сатыы дьон бөҕө биир улахан дьиэҕэ тоҕуоруйар. Кыыс ону сонурҕаан тиит кэннигэр сөрүөстэн көрө турдаҕына, биир киһи ойуур саҕатыгар тахсан киирэ сылдьан тутан ылар. Ыһыытаппытынан-хаһыытаппытынан дьиэҕэ көтөҕөн киллэрэр. Мунньах буола турар эбит. Бүөтүр баайын ханна гынабыт диэн. Кыыһы көтөҕөн киирбит киһи: «Бу Баһылай кыыһа буолбатах дуо?» — диир. Кинээс сылдьан билэр эбит: «Баһылай кыыһа», — диир. Бүөтүр баайын кыыска биэрэргэ дииллэр. Сокуоннай сааһын туолуор диэи нэһилиэк кинээһэ эппэкииннээтин диэн буолар.

Кыыс улаатар, ситэр-хотор. Бу олордоҕуна, саас биир оҕо киһи кэлэн хонор. Кини куорат улахан атыыһытыгар бирикээсчик киһи. Кыыһы сөбүлүүр. Сарсыарда туран кыыһы ыйыттарар. Кыыс эмиэ сөбүлэһэр. Аны күһүн сыарҕа хаара түстэҕинэ кэлиэх буолан, баран хаалар. Күһүнүгэр эппит болдьоҕор уол кэлэн, кыыһы кытта холбоһон манна олохсуйаллар, түөрт оҕо төрүүр. Икки уол, икки кыыс.

Баһылай эппитин курдук, айан суола кинилэр өтөхтөрүнэн буолар. Оҕолоро улааталлар. Улахан уол бэйэтэ барар-кэлэр, эргинэр, тэлэкэччийэр буолар. Биир күһүн үс көлөнөн эт-арыы тиэйэн куоракка киирэр. Ала буркун түһэр. Киэһэ Ылдьаана тахсан көрдөҕүнэ, үс сыарҕа аттаах киһи кинилэр тиэргэннэригэр киирэр. «Хантан айан киһитэ кэллэҕэй?» — дии саныыр. Өйдөөн көрбүтэ, били маҕыын сарсыарда барбыт уола эбит. Уола киирбитигэр ыйытар:

— Хайа, тоҕойум, тоҕо төнүннүҥ?

— Мантан көс кэриҥнээх өтөххө тиийэрбин кытта, ала холорук түһэн, иннибин-кэннибин көрдөрбөккө мунан хаалан баран, хайдах дьиэбэр кэлбиппин билбэтим, — диир уол.

— Ол мин буруйум, ити өтөххө эһэҥ сытар. Өлөрүгэр эппитэ: «Манан суол арыллыа, кэлэр-барар дьон мин ааппын ааттаан бэлэх-туһах биэрдиннэр» диэн. Онон хайаҕыт да сылдьаргыт тухары уоту аһатан, аҕам Баһылай аатын ааттаан, бэлэх-туһах биэрэр буолуҥ, — диир Ылдьаана. Онтон бэттэх сылдьар дьон, Баһылай аатын ааттаан, бэлэх-туһах биэрэн ааһар буолбуттара үһү.

«Үс Бүлүү айдарыылаахтара» («Бичик», 2019) кинигэттэн быһа тардан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0