Мин 6-7 саастаахпар Өнөргө Баһыйах диэн бөдөҥ күөллээх, соччо оттуур ходуһата суох, үрдүк халдьаайылаах чоҥкучах алааска кыстаан олорбуппут. Алаас илин халдьаайытыгар сыҥаһа тэллэҕэр, алтаардыы охсуллан тутуллубут дьиэлээҕэ. Дьиэ илин өттүгэр сыһыары хотоннооҕо, арҕаа өттүгэр дьиэттэн чугас ампаардааҕа. Ампаар икки дьиэ икки ардыларыгар силлиһэ күүлэлээҕэ. Инньэ гынан киэһэ боруҥуй буолла да, киһи кыайан тугу да көрбөт хараҥата буолара. Мин оччолорго эдьиийим Балбаараны батыһан киэһэ эрэ буоллун да, бииргэ тахсыһарым.
Ииппит таайым Мэхээлэ Дьөгүөрүйэбис дьиэҕэ-уокка көмөлөһөр киһитэ суох буолан, кыһыннары-сайыннары соҕотоҕун бэйэтэ эрэ оттуура-мастыыра. Ол иһин сайынын сиргэ хоно-өрүү барыталыыра. Саҥа холкуос тэриллибитин кэннэ, холкуоска сайынын от оттоһоро, кыһынын араас үлэни барытын үлэлэһэрэ. Өссө ыраах Моой үрэҕинэн, Ааллаах Үүнүнэн айаҥҥа сылдьара. Мэхээлэ айыллыбыт биир туспа идэлээҕэ. Ол айылҕа биэрбит дьикти анала төһө да ойуун буолбатаҕын иһин, ону-маны этинэн-хаанынан уонна илэ хараҕынан куһаҕан көстүүлэри көрөрө-билэрэ, истэрэ. Мэхээлэ хас эмэ хонон-өрөөн баран, эбэтэр ыраах айантан кэлиэн иннинэ сэргэҕэ ат баайар үүннээх ата тыаһыыра. Сороҕор сыарҕалаах ат кыыкынаан иһэрэ иһиллэр буолара. Оччоҕо ол киэһэ дуу, сарсыҥҥытыгар дуу хайаан да кэлэрэ. Ону кырдьаҕастар улахан бэриэтчиттээх кырдьаҕас дииллэрэ.
Арай биирдэ биһиги утуйардыы оҥостон, саҥа сытан эрдэхпитинэ, оҕонньорбут таһырдьа көҕүрэттэ тахсан иһэн, аанын ситэ саппакка сылдьан: “Хайа бу киммит кэлэн күүлэбит айаҕар үөһэ төбөтүн бүк анньан турарый? – диэн баран, – киирэр киһи буоллаххына киирдэххинэ”, – диир саҥатын иһиттибит. Ол икки ардыгар, киһибит хараҕын өрө көрбүтүнэн саҥата суох төттөрү киирэн: “Оҕолоор, утуйуҥ”, – диэтэ. Ол кэннэ оронугар олорунан кэбистэ. Кэлин этэр буолара: “Ити баҕайы өрүү бу дойдуга тугу сиэри сылдьар баҕайытай”, — диирэ.
Эмиэ ити дьиэҕэ олордохпутуна, сааһыары таайым кэргэнэ Маайа өлбүтэ. Оттон мин төрөппүт аҕам Бүөтүр биһигиттэн 20 килэмиэтирдээх сиргэ, тайҕаҕа, өлөөрү сытара. Арай биирдэ түүһээтэхпинэ, эдьиийим Балбаараны кытта олоппостон салҕанан бурдук тардыһа турар эбиппин. Ол тардыһа турдахпына, хотон иһиттэн быччайбыт харахтаах, улахан баҕайы ынайбыт истээх, кып-кыра сыгынньах оҕо тахсан кэллэ. Онтон биһигини кытта эмиэ көмөлөһөн бурдук тардыспытынан барда. Оҕобут сотору соҕус буолаат, арай миэхэ сөмүйэтин утары уунан аҥаар харахпар батары аста да, хаҥас харахпын түөрэ баһан ороон таһаарарга дылы гынна. Ону көрөн мин: “Оо, аны хараҕа суох буоллаҕым”, – диэн куттаммыт, соһуйбут санаабыттан уһуктан кэлбиппин өйдүүбүн. Сарсыҥҥытыгар төрөппүт аҕам Бүөтүр оҕонньор өлбүтүн туһунан биир киһи кэпсээбитэ. Ону билигин кэлэн өйдөөтөххө, дьоннор да этэллэринэн, ити уол аҕатын өлөрүн сирэйинэн түһээбит этэ диэн ахталлара. Ити эмиэ биир айылҕа дьикти сыһыана, кыра да оҕоҕо биэриэҕин сөп эбит диэн.
Кэлин улаатан, үлэни-хамнаһы кыайар-хотор буолан баран, хам-түм оннук-маннык тыаһы-ууһу дэҥҥэ истэр буоларым да, соччо аахайбат курдук этим. Төттөрүтүн былыргы кырдьаҕастар сэһэргииллэрэ кырдьыктаах эбит диэн өйдөбүллээх буолбутум. Онон эдэрдэр дэҥҥэ биир эмит ытык кырдьаҕас көстүбэт тыыннары, күлүгү, тыаһы-ууһу кэпсиирин сэҥээрэ сатыыргыт арааһа, сөп буолсу дуу диэн этиэхпин баҕарабын.
Айылҕаҕа сылдьар киһи барыта оннук көстүбэт тыынтан көмүскэнэр ымыылаах буолара чахчы эбит. Ол курдук мин кырдьан биэнсийэҕэ тахсан баран араас үрэхтэринэн, Алдан өрүһүнэн түүлээхсит буолуталыы сылдьан, үгүстүк ону-маны түүһүүрүм. Өссө ситэ утуйбакка сытан ханнык эмит киһи: “Бүөтүккэ, тура оҕус”, – диэн саҥатыттан уум көтөн хаалар түбэлтэтэ баар этэ.
Эмиэ бу быһылаан үс сыллааҕыта бултуу, соҕотоҕун олордохпуна, түүн ааным таһыгар киһи тыаһа куучугураан кэлэн ааммар тохтообукка дылы гынна. Онуоха мин саныы биэрдим, бу мас таһар уолаттар тыраахтардара алдьанан утуйаары кэллэхтэрэ диэммин, ойон туран ааным хатааһынын аһан өҥөйөн көрдүм да, туох даҕаны суох буолан биэрдэ. Сарсыҥҥы киэһэтигэр хойут баҕайы үүтээммэр кэлэн, бэлэм чэйбин уонна мииним тобоҕо баарын сылытан аһаатым. Аһыам иннинэ аал уоппун урукку үгэспинэн айах тутан аһаттым. Ити кэннэ аппын тахсан аһатан баран, эмиэ ороммор сыттым. Сотору соҕуһунан нухарыйан бардым быһыылаах. Арай эмискэ ааным улахан баҕайытык тоҥсуйар тыастанна уонна чуор баҕайытык: “Бүөтүккэ, тура оҕус”, – диэн киһи саҥарда. Эмиэ бу уолаттар чэй иһээри кэлбиттэрин билбэккэ, аата утуйдаҕым баҕас ыараханын диэммин, бэйэбин бэйэм сэмэлэнэн, ойон туран ааммын астым. Хайа тоҕо киирбэт дии санаан, таҥнан таһырдьа тахсан айан суолун көрдүм да, туох даҕаны суола суох эбит. Дьэ ити курдук соччо улахана суох да буоллар, эмиэ айылҕа дьиктитэ эйиэхэ туох эмит моһуок түбэһэрин аанньалыҥ кэлэн сэрэтэрдии биллэрэр диэн итини этэллэр диэххэ сөп эбит. Итиниэхэ маарынныыр түгэннэр син бааллар.
1994 сыллаах “Эдэр саас” хаһыаттан.