Быйылгы 2021 сыл Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэгэр Төрөөбүт дойду сылынан биллэриллэн, сүрүн үлэ-хамнас онно туһаайыллан ыытыллар. Ол чэрчитинэн атырдьах ыйын саҥатыгар Бахсы нэһилиэгэр бэлиэ түгэннэр буолан аастылар.
Атырдьах ыйын 6 күнүгэр, нэһилиэккэ минньигэс соболооҕунан биллибит Дьүөлү эбэ кытылыгар олорбут Турантаевтар өтөхтөрүгэр өйдөбүнньүк бэлиэ туруоруутун үөрүүлээх чааһа тэрилиннэ. Бу бэлиэ турбут сыала-соруга, түөрт ини-бии Григорий Егорович, Андрей Егорович, Лаврентий Егорович, Гаврил Егорович Турантаевтар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан, хорсуннук сэриилэһэн бары дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэннэр, дьоһун олоҕу олорбуттарын туоһута буолар. Өйдөбүнньүгү кинилэр оҕолоро, сиэттэрэ түмсэн туруордулар. Бэлиэ ааптарынан, сүрүн көҕүлээччинэн СӨ култууратын туйгуна, Чурапчы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, РФ худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи, СӨ норуотун маастара, СӨ успуордун бэтэрээнэ Григорий Григорьевич Турантаев-Чолбон буолар. Григорий Григорьевич төрөөбүт түөлбэтигэр буолар тэрээһиннэри үйэтитиигэ үгүс үлэни ыытарын нэһилиэк олохтоохторо олус биһирииллэр. Бу тэрээһиҥҥэ Алаҕар нэһилиэгиттэн алгысчыт Михаил Иванович Оконешников-Мэхээлэ кыттыыны ылла, аал уоту айах тутан, бэлиэ күнү аста.
Салгыы нэһилиэккэ мусуой дьиэтин арыллыыта буолла. Инники түһэн эттэххэ, 1988 сыллаахха нэһилиэк мусуойа кыраайы үөрэтээччи Лариса Игнатьевна Барашкова тэрийиитинэн арыллыбыта, ол эрэн анал дьиэтэ-уота суох буолан, үлэтэ тохтообута.
Быйыл дьаһалта анал хос көрөн, нэһилиэккэ сир үлэтин исписэлииһэ Людмила Федотовна Местниковаҕа мусуойу тэрийиигэ сыал-сорук туруоран, киэҥ хабааннаах үлэ саҕаламмыта. Киниэхэ нэһилиэк уһуйаанын үлэһитэ Светлана Николаевна Ноговицына, социальнай үлэҕэ исписэлиис Валентина Ивановна Шеломова, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Марфа Дмитриевна Федорова, кулууп үлэһитэ Екатерина Константиновна Майтакова, спорт инструктор Ньургун Никифорович Пестряков, дьаһалта суоппара Василий Григорьевич Федоров, бырактыкаан Айсен Дмитриевич Акимов көмөлөстүлэр, өрөмүөннээн олус тупсаҕай, аныгылыы көстүүлээх, технологиялаах, матырыйааллары бүтүннүү хомуйан, орун-оннугар сааһылаан ууран, мусуой дьиэтин үөрүүлээх арыллыыта ыытылынна. Нэһилиэк дьонун үөрүүлэрин үллэстэ улуус баһылыга Андрей Тимофеевич Ноговицын кытынна, олохтоохтору, кэлбит ыалдьыттары эҕэрдэлээтэ уонна “Ытык Бахсы” кинигэни оҥорууга үлэлэспит дьоҥҥо дириҥ махталын биллэрдэ.
Манна Бахсы нэһилиэгиттэн төрүттээх дьон кэлэн кыттыыны ыллылар уонна бэйэлэрин ааттарыттан эбии матырыйааллары, кинигэлэри бэлэхтээтилэр, ол эмиэ бэйэтэ туспа долгутуулаах түгэн буолла.
Итини таһынан, биир сүрүн суолталаах түгэнинэн Емельян Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэрин солбуйааччыта Айталина Николаевна Решетникова тахсан ыалдьыттаата. Мусуой тэриллиитигэр көмөлөспүт дьоҥҥо махтал суруктары туттартаата.
Күн иккис аҥарыгар Бахсы нэһилиэгэр 1987 сыллаахха Таҥара дьиэтин бастакы өрөмүөнэ ыытыллыбытын кэрэһилиир мемориальнай дуоска аһыллыыта буолла. Дойдуга ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр Бахсы патриоттара түмсэн, биир санаанан таҥара дьиэтин кырыыһата эргэрэн, ардах-хаар курдары түһэриттэн быыһыырга быһаарбыттара. Маны көҕүлээбит дьонунан Данил Михайлович Пестряков, Елена Николаевна Протодьяконова, Варвара Григорьевна Слепцова буолаллар. Мемориальнай дуоска аһыллыытыгар бу үлэ хайдах барбытын, биһиги ыалдьыттарбыт, оччолорго Уус Алдан Тандатыттан кэлэн үлэлээбит дьон Бурцев Григорий Николаевич, Кривошапкин Евгений Иннокентьевич уонна Калининскай Василий Иннокентьевич уола, кэргэнэ кыттыыны ыллылар, бэйэлэрин ахтыыларын оҥордулар. Данил Михайлович, Елена Николаевна бу үлэ хайдах саҕаланан тэриллибитин сиһилии кэпсээтилэр.
Үһүс тэрээһин — Наттаабай сайылыкка ыһыахтыыр түһүлгэҕэ «Ытык Бахсы» диэн быйыл тахсыбыт кинигэни сүрэхтээтилэр. Тэрээһини педагогическай үлэ бэтэрээнэ Жанна Федоровна Барашкова иилээн-саҕалаан, үрдүк таһымҥа ыытта. Бу кинигэ тахсыытын, суруллуутун түстээбит Барашков Дмитрий Филиппович кэргэнэ Марфа Афанасьевна бу күн ыҥырыылаах күндү ыалдьыт буолла. Кинигэ тахсыытыгар быһаччы үлэлэспит редколлегияттан Попов Вячеслав Егорович, Протодьяконова Елена Николаевна, Романова Оксана Дмитриевна, Барашкова Клавдия Дмитриевна, Барашкова Лариса Игнатьевна, Протодьяконова Рена Николаевна ыалдьыттаатылар. Бука бары кинигэ тахсыытыгар хайдах үлэлээбиттэрин туһунан уонна иккис кинигэ тахсыытыгар баҕа санааларын эттилэр.
Бу көрсүһүүгэ Бахсыга бастакы оскуоланы арыйбыт Игнатий Алексеевич Слепцов сиэннэрэ, хос сиэттэрэ, “Киэргэ” ювелирнай маҕаһыын генеральнай дириэктэрэ Галина Николаевна Павлова, бииргэ төрөөбүттэрэ Дмитрий Николаевич, Николай Николаевич Шадриновтар тахсан, Холболооххо турар бастакы оскуоланы “бу хос эһэбит арыйбыт оскуолатын өрөмүөнүн ылсыахпыт” диэн эттилэр уонна бастакы көмөлөрүн нэһилиэк баһылыгар туттардылар. Маны таһынан, кэлбит ыалдьыттар биирдиилээн тыл эттилэр, уруккуну ахтыһан ырытыстылар. Кинигэ билиһиннэриитин түмүгэр хайаан даҕаны иккис чааһын суруйарга диэн быһаарыныы ылыннылар. Кинигэ иккис чааһа билиҥҥи кэмҥэ, аныгы ыччакка туһуланыа уонна бастакы кинигэҕэ ситэ киирбэтэх матырыйааллары эбии хомуйан киллэриэхпит диэн сүбэлэстилэр. Мустубут дьон бука бары өрө көтөҕүллэн, ырыаны-тойугу тардан, түмсүүлээхтик оһуохайдаан, түһүлгэҕэ олорон аһаан, дойдуларын кистэлэҥ күүһүн толору иҥэринэн тарҕастылар.
Түмүккэ тэрээһиҥҥэ кыттыбыт нэһилиэк олохтоохторугар, минньигэс аһынан ыалдьыттары күндүлээбит «Сарыада», «Дьэрэкээн» түмсүүлэргэ тэрийэр бөлөх аатыттан махталбытын тиэрдэбит.
Жанна БАРАШКОВА, Дьокуускай-Бахcы-Дьокуускай.