Былырыыҥҥытааҕар быйыл баһаар 14 төгүл аҕыйах

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ойуур хаһаайыстыбатын департамена иһитиннэрбитинэн, быйыл баһаар былырыыҥҥытааҕар 14 төгүл аҕыйах. Былырыын баччаларга 565,3 тыһ. га иэннээх сир умайбыт буоллаҕына, быйыл 40,2 тыһ. га иэннээх сир умайбыта бэлиэтэнэр. edersaas.ru

Бэҕэһээ баһаары кытта охсуһааччылар алта баһаары умулларбыттара. Ол курдук, Бүлүүгэ — 13 га, Горнайга — 2 га, Ньурбаҕа — 4 га уонна Намҥа — 36 га иэннээх үс баһаары умуллардылар. Маны таһынан, Үөһээ Бүлүүгэ — 2600 га уонна Намҥа — 3 га иэннээх баһаардары тохтоппуттара.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0