Бүгүн Саха сирин биллэр топонимиһа, уһуйааччы, уопсастыбаннай деятель, Саха АССР үтүөлээх учуутала Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэ төрөөбүтэ 92 сыла буолла. Михаил Спиридонович 1928 сыллаахха Ньурба улууһун Бастакы Ньурба нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
«Дьоҥҥо-норуокка туһалаахтык олорор», «норуот учуонайа», «ньургун киһи» — диэн ааттыыр Багдарыын Сүлбэни үөлээннээҕэ, учуонай Михаил Алексеев-Дапсы. Кини 2008 c. доҕорун туһунан суруйбут «Ньургун дьон тобохторо» диэн ыстатыйатын таһаарабыт.
Ньургун дьон тобохторо
Суруйуум төбөтө атын киһиэхэ хайа да өттүнэн барбатын билэбин. Сааһырбыт киһи өйө-санаата кытта уларыйар. Күрэстэһэр күүстээх санаата, күөнтэһэр күрэҕэ мөлтүүр, аан дойду очурун-чочурун дэхсилиир дьулуура уостар. Ити барыта — айылҕа сокуона.
Ол эрээри Багдарыын Сүлбэ аны-аныаха диэри сынтарыйбат. Киһи киэнэ үс өргөстөөҕө, аҕыс кырыылааҕа. Онон кыпчыйааччыга кыпчыйтарбат, хараҥаҕа хаайтаран, дьөлө дьуоҕаран, сыҥсаарбат, атаҕастабылга иҥэн-батан олорбот. Киэҥ сырыылаах, сытыы-хотуу, тобуллаҕас, олус үлэһит. Аҕыйах сыллааҕыта Саха сирин сэттиэйэх эрэ нэһилиэгэр сылдьа илигин эппиттээх. Кэтит Сибиир ийэҕэ тахсан, саха көмүс көлөһүнэ тохтубут сирдэрин бэлиэтээн, Хабаровскай, Красноярскай кыраайдарынан, Уркуускай, Чытаа, Магадаан, Амыр уобаластарынан тарҕанан олорор сахалары кэрийэн, сахалыы ааттаах сирдэр ааттарын ньылбы суруйан ылан, наука туттуутугар, бар дьон билиитигэр таһаарбыта. Красноярскай кыраай инньэ тэбэр түгэҕэр Таймыырга тиийэн биирдэ иҥнибитэ.
М.С. Иванов Бүлүү учуулуссатыгар 16 сыл дириэктирдээбитэ (1958-1974 сс.). Ол кэми төргөстөххө, М.С.Иванов айымньылаахтык табыллан үлэлээбит сыллара этилэр дииллэр. Ону бэйэтэ да мэлдьи ахтааччы диэн суруйаллар. Үөрэппит оҕолоро, оччотооҕу кыаммат-тиийиммэт ыаллар эрэллэрэ, бары киһи-хара буолбуттар, учуулуссаларыгар, дириэктирдэригэр, учууталларыгар махтаналлар. Михаил Спиридоновиһы куһаҕаннык ахтыбыт биир да үөрэнээччи суругун ааҕа, кэпсэлин истэ иликпин. Истэр былаһыгар бары сүрдээҕин ытыктыыллар, үтүө тылынан ахталлар, маанылыыллар. Урукку оҕолор, билигин эһэлэр, эбэлэр, дириэктирдэрин үбүлүөйдэрин кыттыһан тэрийэллэр, кинигэ таһаараллар. Багдарыын 70 сааһыгар, «ол хайа сахтааҕы» дириэктирин эҕэрдэлээри оччотооҕуга муусука учуутала кыыс, сааһырбыт нуучча дьахтара, кый ыраах Немынномысскайтан күндү кынчаал бэлэхтээх, аара үс сиргэ түһэн, көтөр аалын үстэ уларытан туран — оччо дьулуйан айаннаан, тиийэн кэлбитэ. Биир худуоһунньук, эмиэ нуучча киһитэ, «Миигин, барар сирэ суох муна-тэнэ сылдьар эдэр уолу, үөрэх министиэристибэтин көлүдүөрүттэн бэйэтэ булан, Бүлүүгэ илдьэн, усулуобуйабын, дьиэбин-уоппун тэрийэн, сүрдээх үчүгэйдик үлэлэппитэ» диэн махтанан, киһи уйадыйар сылаас иэйиилээх, истиҥ тыллаах бүтүн уус-уран уочарканы «Якутия» хаһыакка суруйбута. Дьэ, бу кэннэ Багдарыыны омугумсук диэн хараҥа хаайыыга симпиттэрин, сорохтор сэбиэскэй кэмҥэ, ону ыһык гынан илдьэ сылдьан, айахтарыгар батаран, үөҕэллэрин саныы-саныы, кэлэйэҕин. Бу киһи үлэһиттэригэр да, үөрэнээччилэригэр да наһаа кыһамньылаах салайааччы, быыһал-абырал эбит эбээт. Элбэх оҕону турунан араҥаччылаһан, үөрэҕэр хаалларбытын, күрээбити, бэйэтинэн ирдэһэн кэлэн, Хатастан тиийэ сылгылаабытын аахпыттаахпын. Хайа баҕарар учуутал тумус туттуох үөрэнээччилэрэ С.П. Григорьев, П.П. Петров хомуйан, оҥорон-тутан таһаарбыт бэртээхэй оҥоһуулаах, эмиэ оннук ис хоһоонноох «М.Уйбаныапка иһирэх тыл» диэн кинигэлэригэр (1998) итинтэн да атын эҥин кэрэни ааҕан, Багдарыын туһунан элбэх кэрэхсэбиллээҕи билиэххэ сөп.
Багдарыын Сүлбэ — биир элбэх кинигэлээҕинэн биллэр учуонай. Мин ол кинигэлэрин барытын бу сырдык түгэҥҥэ бар дьонугар ахтан, санатыах тустаахпын. Тугу-ханныгы үлэлээбит киһи эбитий Багдарыын Сүлбэлэрэ? Багдарыын Сүлбэ кинигэтэ барыта төрүт култуураҕа, саха устуоруйатыгар дириҥээн киирэр соһуччу ис хоһоонноох. Ол кини кинигэлэрин таһыттан да көстөр. Ааттарын көрөөт, ылан ааҕа охсуоххун баҕараҕын. Онон кини хас кинигэтэ хаһынан уопсастыбаны долгутар, улугурбут, чойурбут өйү-санааны уһугуннарар, сыппаҕы сытыылыыр — ылаҕырбыт бүтэй олоҕу сэргэхситэр сабыытыйа буолан иһэр. Уопсастыбаны өй-санаа, майгы-сиэр дьэбэрэтиттэн оруур, ыраастыыр, дьэгдьитэр суолталаах.
Кинигэни бастаан оҕолорго анаан бэчээттэппитэ. «Атах туппай» диэн маҥнайгы кинигэтэ 1967 с. 1,76 б.л., 51 с. 5000 ахс. тахсыбыта. Оҕо кинигэтэ оччоттон баччаҕа диэри кэмчи дьонугар дьикти сырдык, дьэҥкир ыраас тыыннаах сонун кинигэ күн сирин көрөн, М.С.Иванов учууталы бар дьоҥҥо аатырдыбыта. Таттаран, утаппыттыы биир тыынынан ааҕыллар кинигэ диэн ТЛИИ-гэ Тыл икки Литэрэтиирэ уонна болкулуор икки сиэктэрдэригэр үлэ быыһыгар, өйбүтүгэр туппут тылбытын-өспүтүн санатыһа-санатыһа, өрө күөдьүйэн, үөрэн-көтөн сэһэргэһэрбит. Кинигэ ойуутун биллэр худуоһунньук С.В.Федоров уруһуйдаабыт. Ол Спиридон Васильевич: «Кинигэ инники таһыгар олорор оҕо сирэйин аччыгый аҥаарын сырдык, улахан аҥаарын хараҥа гына ойуулаатым. Ол аата биһиги оҕо өйүгэр сабыдыалбыт кыра» диэн өйдөбүлү биэрдим…», — диэбитэ үһү. 1974 с. көннөрөн, эбэн, 2,56 б.л., 80 с. 5000 ахс. иккиһин таһаартарбыта. «Оҕо саҥата» (1983), 3,58 б.л., 112 с. 15000 ахс., «Чугдаарар чуорааннар» (1993). 5,15 б.л., 110 с. 15000 ахс., «Аатта тал» (1998) 1,8 б.л., 48 с. 5000 ахс., «Аатта тал» көннөрөн, эбэн таһаарыы (2005), 2,5 б.л., 80 с. 7000 ахс. Онон Багдарыын Сүлбэ — оҕоҕо сыһыаннаах 34,18 б.л.., 481 с., 6 кинигэни 52 тыһыынча ахсаанынан тарҕатан, норуотугар бэлэх ууммута. Ону оҕо саадын үлэһиттэрэ, учууталлар, төрөппүт ийэ-аҕа бэркэ туһаналлара хаһыаттарга бэчээттэнэр матырыйааллартан көстөр. Багдарыын Сүлбэ бары өттүнэн үтүөлээх учуутал, аҕа, эһэ. Сир аатыгар Багдарыын Сүлбэ 11 кинигэлээх: «Мэҥэ ааттар» (1979), 12,0 б.л., 288 с., ойуулаах. 5000 ахс., «Дойду сурахтаах, алаас ааттаах» (1982), 10,78 б.л., 232 с. 7000 ахс. Багдарыын Сүлбэ учуонай, киһи быһыытынан биир дьоһун уратыта үтүөнү умнубата, тоҕоостоох сиригэр хайаан да бэлиэтээн, махтанан иһэрэ буолар. Итэҕэһи эмиэ ити курдук хайаан да ыйар. Ону, биллэн турар, сөбүлээбэттэр (сириллэн баран, өһүргэнэр буоллаҕыҥ…).
«Сири сиксигинэн» (1985), 10,62 б.л., 192 с. 10000 ахс., «Топонимика Якутии» (1985), 6,14 б.л., 144 с. 10000 ахс., «Ис иһигэр киирдэххэ» (1988), 11,04 б.л., 240 с. 10000 ахс., «Аал уоту оттунан» (1992), 9,56 б.л., 192 с. 30000 ахс., «Ыал ийэтинэн» (1994), 13,14 б.л., 240 с. 30000 ахс., «Үс… Сэттэ… Тоҕус…» (1998), 9,31 б.л., 192 с. 3000 ахс., «Улуустар ааттара» (2001), 5,48 б.л., 144 с. 2000 ахс., «Топонимика Якутии» (2004), 13,31 б.л., 192 с. 3000 ахс., «Сири-халлааны кыйа анааран» (2008), 13,91 б.л., 288 с. 2000 ахс. Онон кырдьаҕас учуонай сир аатыгар 115,29 бэчээтинэй лиистээх, 2344 сирэйдээх 11 кинигэтэ 112000 ахсаанынан бэчээттэнэн, барыта ааҕааччытын булбут.
Багдарыын Сүлбэ учуонай быһыытынан өссө биир сыаналаах уратыта: норуокка анаан, норуот тылынан суруйар норуот учуонайа. Ыстатыйаларын киллэрбэккэ туран, аҥаардас кинигэлэрин ааттаталыам. Ыстатыыстыканы сөбүлээбэт суолум да буоллар, дэмин билэн, күнүн хараҕар түбэһиннэрдэххэ, онтон ордук итэҕэтиилээх, чаҕылхай, үйэлээх, туһалаах суох. Киһи-киһи, бибилитиэкэ аайы Багдарыын кинигэтэ барыта баара саарбах. Онон, бу бэлэм ыстатыыстыканы туһанан, сир аатыгар үлэлиир оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар, учууталлар дакылааттарын, билиилэрин да, баҕар, байытынан туһаныахтара. Багдарыын үлэтин-хамнаһын биһириир дьон, ити аҕалбыт сыыппараларбын көрөн, үөрүөхтэрэ, тэнитэн өйдүөхтэрэ. Мантан Багдарыын Сүлбэ олус үлэһитэ, сотору-сотору кинигэ таһаартарара, кинигэлэрин ааҕааччы хайдах курдук сөбүлүүрэ, кинигэлэрэ атыыга хамаҕатык бараллара, ол аата Багдарыын үлэтэ кинигэ кыһатын ночоокко тэппэтэ, ол да буоллар арыт кинигэ кыһата үбүнэн кыпчыттаран ылара, өрө кэҕийэн, кэҥиирэ уо.д.а. барыта көстөр. Үчүгэй баҕайы.
Аны туран, Багдарыын Сүлбэ кэннэ, кини саҕа норуотуттан ньыгыл тирэҕи булуммут — этэн, чуолкайдаан, кэпсээн, суруйан, мунньан биэрэр элбэх көмөлөһөөччүлэммит өссө биир учуонайбыт суох. Кини 2 тыһыынча кэриҥэ киһини ааҕына сылдьарын сөҕөҕүн эрэ. Дьэ, бачча үлүгэр үгүс киһи тылын-өһүн, өйүн-санаатын сыыска түһэрбэккэ, кубулуппакка илэ баарынан туһаҕа таһааран иһэр. Бу, адьас кыларыйан турар кырдьыктаах матырыйаал буолан, номуукаҕа сыаната биллибэт күндү баай.
Багдарыын Сүлбэ саҕа үөрэппит оҕолорун кытта быстыспат ситимнээх учуутал баара биллибэт. Хайалаах эмэ үйэтээҕи үөрэнээччилэрин үлэлэрин хас эмэ көһүүгэ ыспакка, бырахпакка, сүтэрбэккэ быһа кичэриһэн, уура да сылдьарынан бэрт. Сир аатыгар ыстатыйа, кинигэ бөҕөнү суруйда. Онуоха барытыгар үөрэнээччилэрин ааттара, хантан кэлэн, хаһан үөрэммиттэрэ, тугу суруйан биэрбиттэрэ, билигин ханна тугу үлэлииллэрэ, туох үтүө дьон буолан тахсыбыттара кытта суруллар. Үөрэнээччилэригэр сорудахтаан хомуйтарбыт үһүйээннэрин түмэн, сааһылаан, бүтүн икки дьоһуннаах кинигэни таһаартарда. «Үһүйээннэр, номохтор» 1-гы кинигэтэ (2004), 13,29 б.л., 288 с. 4000 ахс., 2-с кинигэтэ (2006), 15,25 б.л., 320 с. 7000 ахс. тахсан, бар дьоно туһана сылдьар.
Багдарыын Сүлбэни сорохтор урукку олоҕу кириитикэлиир диэн олох да туоратыахтарын баҕараллар.
Хаайыы өргөһү тоһутар, кылааны сынтарытар айылгылаах. «Хараҥа хаайыы, түүнүктээх түрбэ» диэн дэлэҕэ ааттаныа дуо?.. Багдарыын Сүлбэ хаайыыттан хатарҕаан тахсыбыт бэлитиичэскэй буруйдаах доҕордуу үс бэртэн биирдэрэ. А. Федоров, В.С. Яковлев-Далан, М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ буолан, таҥнары тапталлыбыттарыттан өһөн салгыы тэпсиллибэккэ өрө баран, хайдахтаах курдук тыыллан-хабыллан тахсыбыттарай?! Далан, Багдарыын Сүлбэ хааннаах хара эрэпириэссийэ амырыын сирэйин саралаан, дьиҥ баар буола сылдьыбытынан илэ-бодо көрдөрбүттэрэ. Багдарыын Сүлбэ элбиих-элбэх ыстатыйаны, түөрт халыҥ кинигэни суруйан, бэчээттэппитэ. «Олох долгуна» (1992), 10,05 б.л., 176 с. 15000 ахс.; «Нөрүөн нөргүй буолуохтун!» (1995), 14,95 б.л., 272 с., 8000 ахс.; «Сомоҕолоһуу туһунан» (1999), 8,71 б.л., 192 с., 1000 ахс. уонна «Ааспат-арахпат сырҕан баас» (2000), 12,66 б.л., 240 с., 1000 ахс. (500-һэ халыҥ тастаах). Багдарыын Сүлбэ кинигэтин барытын мустахха, 207,55 б.л., 4313 с. 23 кинигэ 200 тыһыынча ахсаанынан дьонугар-норуотугар тарҕаммыт.
Багдарыын сүрүн соругун туох да бэйэлээх туһугар умнубат. Туохха да саараабат-аралдьыйбат буолан, дьоҥҥо-норуокка туһалаахтык олорор. Эттэ да экчи буолан, ким да кинини иннин ыла, санаатын охторо сатаабат. Эн быһыыгын сөбүлээбэтэҕинэ, саха туһугар хоромньулаах, буортулаах диэтэ да, атаһым-доҕорум диэн көрөн турбат, үрдүгэр түһэр. Бу өттүнэн кинини кытта биир хааннаах, киниэхэ холоонноох тостор көнө, тыйыс-дьэбир аныгы ботуруйуот дьону арай Тэриһи, Ухханы эрэ көрөбүн.
Бырааһынньыкка көрсүһүү-гэ Багдарыыҥҥа махталлаах, Багдарыыны маанылыах баҕалаах элбэх. Олорго таммах да арыгыны (оннооҕор сампааны) уоһугар тиэрпэт. Ол эмиэ норуотун туһугар: «Ыччаппыт арыгыһыт буолан бараары гынна, онно мин куһаҕан холобур буолан, көҕүтүһүмүүм!» диэн. Табааҕы да тарпат. Ыччакка, норуокка үйэ-саас үтүө холобур буолуох киһи.
Маннык «наһаа түһэр» курдук дьон бааллара үчүгэй дуу, куһаҕан дуу? Үчүгэй, доҕоттор! Кинилэр биһиги ыраас суобаспыт буолаллар. Уопсастыба «саньытаардара». Уопсастыба олоҕор куттал суоһаары гынна да, өй-санаа улугуран бараары гынна да —Кинилэр, бүтүн куттаах, күүстээх сүрдээх дьон, урут билэн, охсуһуу хонуутугар биирдэ баар буола түһэллэр. Алаадыйбат-дьалбаарбат суол тыырааччылара, улуу-дьаалы күпсүүрдьүттэрэ, анатыылаах араҥаччыһыттара суох ханна ыраатыахпытый?! Өй-санаа бутуллар, кытаанах да уйаргыыр кэмнэригэр сынтарыйбат-ымыттыбат, кэмсиммэт-кэмириммэт, кэхтибэт-чугуйбат, кимэр аакка сылдьар, сиирэ астахха, сиик тахсыбат тимир тириилээх, сөҕүрүйбэт уот болгуо сүрэхтээх боотурдарбыт баалларыгар дьылҕабытыгар махтаныах тустаахпыт.
Биирдэ өрдөөҕүтэ хас да буолан, Багдарыыны кытта Сунтаарга бииргэ көтөн тиийбиттээхпитин умнубаппын. Сөмөлүөттэн түһээппитин улуус баһылыгын солбуйааччы В.Н. Егорова баһылыктаах дьаһалта үлэһиттэрэ кымыһынан айах тутан көрүстүлэр. Уонна тута түһэр сирбитин, бэлэм испииһэги көрө-көрө, этэн истилэр (ытыска түһэрэн ылыы диэн ол буолар). Багдарыыҥҥа тиийэн, норуот бэрэстэбиитэлигэр тыл биэрдилэр… Онтукабыт арай туспа испииһэктээх эбит. Багдарыыны түһэрэргэ былдьаһык үһү. Тыый да! Соһуйуу-өмүрүү буолла! Үйэҕэ истибэтэх үтүрүйсүү буолуоҕун ону, хата, үксүлэрэ бэтэрээннэр, кэм, үүттээх-ааннаах дьон, орто сүнньүн булан, тыл-тылларыгар киирсэн, хайдах эрэ сааһылаһан, уочараттаабыттар!.. Хас ыал суруйтарбытын, дьиктиргээн, көрүөх да баар эбит. Валентина Николаевна дьээбэни сөбүлүүр барахсан этэ, Багдарыыны күндү хоноһо оҥостоору уочараттаабыттарыттан күө-дьаа буолуохпутун кини эрдэттэн сэрэйбэтэ кэлиэ дуо? Хайдах туттуохпутун, баҕар, саҥарыахпытын саныы-саныы, төһө эрэ күллэ? Багдарыын Сүлбэҕэ соһуччу бэлэх барыбытыгар күндү бэлэх буолан тахсыбыта. Багдарыын Сүлбэни ытыктыыр эдэр салайааччы баарын илэ көрөн турабын. Багдарыыны кытта өссө аргыстаһан балай эмэ сылдьыбытым буоллар, хара норуот, үрдүк салайааччы үтүө сыһыаннарын өссө көрүөм эбитэ буолуо…
Хомойуох иһин, сунтаардар баҕалара ханыар диэри далбардыахтарын киһибитин норуодунай суут бэбиэскэтин күнэ ыган, дьоллоох Дьокуускайга атаарбыппыт. Үс эрэ ыалга хонон, атыттара матан, хомойо хаалтара. Ол да буоллар Багдарыын Сүлбэ Сунтаарга сырыытын умнуллубат кэрэ, күндү өйдөбүлүн «Алгыс» кулууп салайааччыта Е.Ф. Игнатьева Кут-сүр бэлиэтин алҕаан кэтэрпитин күн бүгүнүгэр диэри уһулбакка кэтэ сылдьар. «Алгыстар» алгыстарынан уһун үйэлэниэм» диэн. Сунтаардарга улахан махталлаах. Дьон-норуот сыһыана хардарыта махталга тутуллан турар. Ол тутулукпут бөҕө, бигэ буолуохтун. Онно Багдарыын Сүлбэ курдук саха хоһууннарын ньыгыл кэккэтэ хаҥыы турдун!
Михаил Алексеев — Дапсы, 2008с.,
«Саха сирэ» хаһыат.