Кырдьаҕас, төһө да 90 сааһын томточчу туоллар, модьу-таҕа, киппэ көрүҥүн ыһыкта илик. Уһун сыллар өксүөннэрэ, күүстээх, бэйэни харыстаммат, баламат үлэ күүрээнэ, олох эрэйдээх, түһүүлээх-тахсыылаах эриирэ-мускуура санаатын күүһүн сынтарыппатах саха саарына, төһө да торуоскаланнар, билигин да сүһүөхтэрин үрдүгэр бар дьонун, оҕолорун, сиэннэрин ортолоругар барыны бары быһаарса-дьаһайса, туһалыы-көмөлөһө сылдьар. Этэр курдук, тимир көлө бөҕөнү «айааһаабыт» аатырбыт мэхэньисээтэр «эн-мин» дэһэн кэлбит тиэхиньикэтиттэн тэйэ, баччаҕа диэри массыынатын уруулун ыһыкта илик, сайынын Кыыс Аммаҕа тиийэ сырылатар. Сааһыран баран баһылаабыт дьарыгын – киинэҕэ устар тэрилин, биидьийэ-хаамыратын, туппутунан-кыбыммытынан сылдьар. Кылаабынайа, мээнэҕэ устубат. Улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас тэрээһиннэри, күрэхтэһиилэри, ыһыахтары, бэлиэ түгэннэри устубутун биидьийэ-архыып быһыытынан улууһугар Майа түмэлигэр бэлэх туттарбыта. Биир дойдулаахтара, ыччат дьоно, кэлэр көлүөнэлэр көрүөхтэрэ, туһаныахтара, аатын ааттыахтара турдаҕа.
edersaas.ru
– Ийэм Дария Павловна оһуобай өйдөөх, сытыары-сымнаҕас майгылаах, кыайыгас-хотугас үлэһит бэрдэ барахсан этэ. 1931 сыллаахха тэриллибит Сталин аатынан холкуоска бастакы ыанньыксытынан буолуоҕуттан, үйэтин тухары сүөһү иитиитигэр ыанньыксытынан, ньирэй көрөөччүнэн илиитин араарбакка үлэлээбитэ. Аҕабыт Никифор Федорович эмиэ туруу үлэһит, оҕуруотчут, отчут, оһохчут бэрдэ этэ. Олоҥхоһут быһыытынан эмиэ биллэрэ. Күн сириттэн арахсар тиһэх мүнүүтэтигэр: «Холкуоскутугар бэйэҕитин харыстаммакка үлэлээҥ»,— диэн кэриэһин этэн бараахтаабыта. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ ыҥырыллан барыаҕыттан, ийэбит барахсан алта оҕотун кытта туран хаалаахтаабыта. Быыһыгар биһигини, оҕолорун, дьиэтин-уотун көрө-көрө холкуоска түүннэри-күннэри үлэлиирэ. Сүөһүлэрин көрөрүн, ыырын быыһыгар сайынын оттуура, кыһынын от тиэйэрэ. «Биэс киһи үлэтин биир дьахтар үлэлиир» диэн ырыа киниэхэ анаммыт урдук. Ийэбит эрэйдээх кырыктаах сэрии, сут, кураан ыар сылларыгар харса суох үлэтинэн Улуу кыайыыны уһансыбыт, аҕалсыбыт тыыл саллаата этэ. Алтыабытыттан үһүн сүтэрэн, биһигини, үс уолу – миигин, Баһылайы, Бүөтүрү атахпытыгар туруоран дьон оҥортообута. Блигин бу, соҕотох хаалан, 90-наах оҕонньор олоробун. Тыыннааҕым тухары мин сүрэхпэр күндү киһибэр, ийэм барахсаҥҥа, махталым сөҕүрүйүө суоҕа, кини сырдык кэриэһин оҕолорбор, сиэннэрбэр, ыччат дьоммор иҥэриэм,— Павел Никифорович кыра сааһыттан ийэтиниин бииргэ үлэни, эрэйи-кыһалҕаны эҥээринэн тэлбит, түһүүлээх-тахсыылаах олох оргуйар үөһүн күөнүнэн тыырбыт буолан, ийэтин тыынын иҥэриммитэ, туох-баар үтүөтүн, бастыҥын утумнаабыта.
Ол да иһин, ийэтин курдук биэс киһи үлэтин үлэлээтэҕэ. Сэрии кэннинээҕи эйэлээх олоххо ийэтэ Даайа өлгөм үүт, төрөлкөй төрүөх иһин күүрээннээх үлэни көҕүлээччинэн буолбута. Саха боруода ынаҕа элбэх үүтү биэрэрин дакаастаабыта, оройуонугар бастакынан биирдии ынахтан тыһыынчаттан тахса лыы киилэ үүтү ыыры ситиспитэ. Сүөһү иитиитин үрдүк кылаастаах маастара, коммунистическай үлэ удаарынньыга, социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа Дария Дмитриева үлэҕэ бачыым көтөҕөн, ньирэйи эмиийиттэн арааран, илиинэн аһатыы ньыматын олохтоон, 14 сыл устата биир да ньирэйин энчирэппэккэ 100 бырыһыан тыыннаахтыы иитэн төлөһүппүтэ, улаатыннартаабыта. Бэйэтэ ааттыырынан, оҕолоро барахсаттар, сууккаҕа 780 -нуу грамҥа тиийэ эбиллэллэрэ. Оройуоннааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар көрдөрбүт алта ыйдаах тыһы ньирэйэ 210 киилэни үктээбитэ! Өрөспүүбүлүкэ чулуу сүөһү көрөөччүтэ Дария Павловна Дмитриева -Баһыыбалаах Даайа үс төгүл Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиитин Бүтүн Сойуустааҕы быыстапкатыгар кыттыбыта. 1957 сыллаахха саха дьахталларыттан биир бастакынан Ленин уордьанынан наҕараадаламмыта.
Байбал, 5-6 сааһыттан ийэтин батыһа сылдьан сайылыкка ньирэйдэри бүөбэйдээн улааппыта. Уоттаах сэрии саҕаланыаҕыттан оонньооботох оҕо сааһа саҕаламмыта. Оҕус, сылгы иччитэ буолан, улахаттардыын тэҥҥэ икки хараҥаны ыпсаран от-мас үлэтигэр умса түспүтэ. Сэрии сылларыгар уот курааҥҥа аһыыҥка туран, «тимир тиистээх» үөнү утары охсуһууга Байбал олус буорумсах буолан, дьаама хаһан тибилийэрэ. Оҕуруокка да үлэлиирэ. Тыылга Улуу Кыайыыны уһансыбыт уол «1941-1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» И.В.Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сэрии кэнниттэн айгыраабыт олоҕу өрө тардарга, атаҕар туруорарга, салгыы сайыннарарга дойду үрдүнэн Стахановскай хамсааһын, Гагагнова бачыыма көҕүлээһиннээх күргүөмнээх үлэ, уоттаах-күөстээх социалистическай куоталаһыы тэнитиллибитэ. Холкуостаах хоодуот Байбал Дмитриев ийэтин бачыымын утумнаан үлэ муҥутуур үрдүк көрдөрүүлэрин ситиһэн, үлэ оҥорумтуотун үрдэтии бастыҥ ньымаларын толкуйдаан си- тиһиилээхтик олохтоон, бэйэтэ Бачыым Байбал диэн ааттаммыта.
Уон атынан, аҕыс оҕуһунан мас-от тиэйэн
Павел Дмитриев, ааспыт үйэ 50-с сылларыгар 20-лээх холкуостаах хоодуот, төлөннөөх хомсомуол, соҕотох бэйэтэ 10 атынан икки кыһын Майа оскуолатыгар 900 кубометр оттук маһы тиэйбитэ. Кураанах сылдьыбат наадаттан, мас тиэйэ барарыгар бааһынаҕа балбаах илдьэн сүөкүүрэ. Икки кыһын 300 туонна балбааҕы тиэйбитэ-таспыта. Эдэр новатор мас таһыытыгар эрэ 10 көлөнөн үлэлииринэн муҥурдамматаҕа. Кини партийнай тэрилтэҕэ бэйэтэ кэлэн, сэттэ көлөнөн от тиэйэргэ тылламмыта уонна элбэх сүөһүлээх пиэрмэҕэ аныырга көрдөспүтэ. Аны 8 оҕуһунан Туустаах пиэрмэтигэр Чүүйэ, Майа, Мооро алаастарыттан сорох күн иккилиитэ кырынан 48-тыы сэнтиниэргэ тиийэ оту тиэйэрэ. Биир бэйэтэ биэс киһи үлэтин толорон, соҕотох киһи холугар, киһиттэн таһынан, дьэ, сөҕүмэр үлэ. «Ньикииппэр уола – үтүө үлэһит», «Дьэ, маладьыас, уон көлөнөн от тиэйэн ньиксиритэрин көрүөҥ этэ!» . Итинник кэпсэтиилэр дорҕоонноро оройуону биир гына тилийэ көппүттэрэ. Бэйэтин кэмигэр бүтүн өрөспүүбүлүкэни соһуппут, күүстээх үлэ холобурдара буоллаҕа. Ол даҕаны иһин, билиҥҥэ диэри уос номоҕо буолан, кэпсээнтэн кэпсээҥҥэ сырыттаҕа. Убайдарбыт нууччалар сөҕө-махтайа «человек-легенда» диэн этиилэрэ уот харахха, кини туһунан.
Оччолорго, уот-күөс, тиэхиньикэ суоҕар, эргиччи илии хара үлэтэ эрдэҕинэ, холкуостарга үлэ оҥорумтуотун үрдэтиигэ оҕус, ат көлө күүһүн муҥутуурдук туһаныы, үлэһит илиини ыарахан үлэттэн босхолооһун, аһы-үөлү, сиртэн, сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны элбэтии, олоҕу-дьаһаҕы өрө тардыныы, аныгылыы сырдык дьиэ-уот туттунуу, сайдыы суолун тутуһуу соруга турбута. Хомуньуус баартыйа, сэбиэскэй бырабыыталыстыба инники туһаайыыларын тыа дьоно, холкуостаах аймах, хомсомуол хоодуоттар уруйдуу-айхаллыы көрсүбүттэрэ. Павел Дмитриеви батыһан холкуоска тоҕус киһи элбэх көлөнөн үлэлээбитэ. Дьон уоннуу көлөнөн мас, балбаах тиэйэ, алталыы-сэттэлии көлөнөн от тиэйэ сырыттахтарына, биир-икки көлөнөн үлэлиибин диэхтэрин кыбыстар-олуллар буолбуттара. Аҥаардас биир кыһын холкуос 100-тэн тахса киһини көлөнөн үлэлииртэн босхолоон, атын үлэҕэ туһанар кыахтаммыта. Көлөнөн үлэлээччилэр үлэ оҥорумтуотун холкуос үрдүнэн 150-200 бырыһыан, оттон бастыҥнар 400-500 бырыһыан үрдэтэри ситиспиттэрэ.
– Хас биирдии сэбиэскэй киһи бэйэтин төрөөбүт Ийэ дойдутугар туох эрэ туһаны аҕалар сыалы-соругу туруорунан үлэлиэхтээх. Онон саҥаттан-саҥа бачыымы көтөҕөрбөр, рационализаторскай этиилэри киллэрэрбэр итинник баҕа санаа миигин угуйара. Олохпут тупсуон, онуоха дьон-норуот бары турунуон баҕарарым. Актыыбынай хомсомуол этим, сэниэ-эрчим, күүс-уох да баара,—Павел Никифорович уонах дэлби иҥэн, молуой буолбут мас уктаах этибиэркэ курдук модьу-таҕа тарбахтарынан кыаһаанныра кылбайар, элбэҕи буһарбыт-толкуйдаабыт лэҥкэйбит баһын имэринэн ылар.
Муҥурун булларбатах холкуостаах хоодуот
– Соҕотоҕун түөрт атынан, икки косилканан тэҥинэн от оҕустарарга быһаарыммыппын дьон-сэргэ араастаан ылыммыта. Сорохтор: «Бу киһи сүөһүнү өлөрөр төрүөтү булла»,—дэһиспиттэрэ. Кылаабынайа, холкуоһум салалтата, бэрэссэдээтэлбит Михаил Дмитриевич Петров, партийнай, хомсомуолускай тэрилтэлэр өйөөбүттэрэ. Кырдьаҕас уус Илья Назаров косилкаларбын тэҥинэн үлэлиир гына саҥа чаастары оҥорорбор быһаччы көмөлөспүтэ.
Икки косилканан үлэлээһин соччо уустуга суох, ханнык баҕарар уопуттаах массыынаһыт оҕустарыан сөп. Кылаабынайа, көлөлөрбүн уонна массыыналарбын көрүнүөхпүн-истиниэхпин наада этэ. Сылгыларбын кэмигэр уулатар, сынньата түһэн сойутар, мэччитэр, охсордорбун көрүнэр-тардынар, уонахтыыр этим. Сарсыарда эрдэлээн, киэһээ хойутаан, үлэ эрэсиимин кытаанахтык тутуһарым.
Хоодуот үлэһит ити курдук үс сайын устата субуруччу икки косилканан от оҕустарар. Бастакы сайын 270, иккис сайын 290, үһүс сайыныгар 310 гектары оҕустаран, сөҕүмэрдээх рекорду олохтуур. Дьэ, ол иһин дьоно-сэргэтэ Байбал туһунан: «Киһи тэҥнэспэт киһитэ», «Муҥурун булларбатах киһи» ,— диэн сөҕө-махтайа кэпсэтэр буолбуттара. Кырдьыга даҕаны, сайын устата 70-ча алааска көһө сылдьан үлэлээһин улахан сатабылтан, дьулууртан, дьирээлэһииттэн табыллар буоллаҕа. Кини бу бачыымын Мэҥэ Хаҥалас оройуонун холкуостарын от оҕустарааччылара иилэ хабан ылбыттара. Анаан-минээн кэлэн үлэлиир сиригэр көрөн-истэн, үөрэттэрэн, сүбэлэтэн бараллара.
Сталин аатынан холкуос массыынаһыттара Семен Дмитриев, Иннокентий Слободчиков күннээҕи нуормаларын 180-190 бырыһыан толортууллара. Ворошилов аатынан холкуоска Василий Шарин уонна Иннокентий Свинобоев биирдии бэйэлэрэ күҥҥэ 9-10 гектары оҕустараллара. Бачыым ис хоһооно өссө кэҥээн сайыннарыллар. Ол курдук Ворошилов аатынан холкуос 4 №-дээх хонуу биригээдэтин биригэдьиирэ Николай Гоголев уонна 8-с кылаас үөрэнээччитэ Коля Степанов биирдии бэйэлэрэ икки ат кыраабылынан от мустараллар. Коля Степанов уонна холкуос 3№-дээх биригээдэтиттэн Коммунар Карамзин күҥҥэ 24-тэн тахсалыы гектардаах сири мустараннар, үлэ үрдүк көрдөрүүтүн ситиспиттэрэ.
– Эдэрим бэрт буоллаҕа. Хомсомуол хайҕаатаҕын, баартыйа соруйдаҕын ахсын түһүнэн иһэр этим. Оччолорго хамнас диэн кэлиэ дуо? Көлөһүн күнүн Саҥа дьыл кэнниттэн аахсан дохуоппутун этинэн, арыынан ыларбыт. Ону баҕар сорохтор: «Байбал харчыга харбаһан итиччэ үлэлээтэ ини»,— дииллэрэ буолуо да, хамнас диэни сопхуос оробуочайа буолан баран, 1967 сылтан ылар буолбуппут,— диэн ахтар.
Оҕо сааспыттан алтыспытым, айбыт стогобуоһунан от тиэйбитим
Биир бэйэм, Павел Никифоровиһы оҕо эрдэхпиттэн билэр, сөҕөр-махтайар, саллар, ытыктыыр киһим. Маһы-тимири тардыалыы сылдьар эрчимнээх, саҥаран-иҥэрэн, кэлэн-баран, бачыгыратан, кыһыннары тулуубун саҕатын туруорунан, адьынаарка матассыыкылынан сирилэтэр сүрдээх эр бэрдэ этэ. Дэлэҕэ биир дойдулаахтара: «Байбал арбаҕаһын кэттэ да, быраап!»— дэһиэхтэрэ дуо. 60-с сылларга 7-8-с кылаас үөрэнээччилэрин сааскы практика диэн ааттаан ыһыыга үлэлэтэллэрэ. Агрономмут Екатерина Новгородова, биригэдьиирбит Дмитрий Сивцев салалталарынан Хаптаҕай Алааһын бадыбаалыттан Ороссолуодаҕа ыһыы хортуоппуй сиэмэтин тиэйэргэ Бачыым Байбал тыраахтарыгар куруусчуттаабыппын өрүү саныыбын. Биһигини, оҕолору хайҕаан, тэптэрэн биэрэн, куоталаһыннартыыр, көҕүлүүр буолара.
Хайдахтаах курдук үлэ үрдүк оҥорумтуотун ситиһэрин оттообут-мастаабыт кэмнэрбин санаан, тэҥнээн көрө-көрө саллабын. Оскуоланы бүтэрээт, 1969 сыллаахха, «Бөлөрүүс» тыраахтырга куруусчуттаабытым. Кыһынын, көстөн эрэ ордук сиртэн, дэлээнэттэн, үрдэтиллибит куораптаах сыарҕаҕа 5-6 кууб, ардыгар, табылыннахпытына иккитэ кырынан, ол аата 10-12 кууб эрбэммит оттор маһы киллэрдэхпитинэ сөп буоларбыт. Оттон Павел Дмитриев 10 атынан, харытын күүһүнэн күҥҥэ 9,5 кууб маһы тиэйэн киллэрэрэ!
Ити сыл дойдубар, Ленин аатынан сопхуос Ороссолуода отделениетыгар, оскуоланы бүтэрбит эрэ уолга управляющай Николай Семенович Назаров, мэхээнньик Дмитрий Семенович Павлов ДТ-75 тыраахтары туттарбыттара. Майа орто оскуолатын тырахтарыыс идэлээх бүтэрбитим туһунан ыспыраапкалааҕым. Оччолорго тырахтарыыс да аҕыйаҕа. Хас да сыл уоппуската, сынньалаҥа суох үлэлээбит кырдьаҕас тырахтарыыс Федоров Егор Петрович-Чэкэйэ «бууннаан» тыраахтарын туруоран, бэйэтигэр уоппуска «бэриммит» этэ. Инньэ гынан, Бачыым Байбал айбыт стоговоһунан 20-лии-30-туу сэнтиниэрдээх балаҕан саҕа кэбиһиилээх оту состоруу бөҕөнү состорбут үөрүйэхтээхпин диэххэ наада. Туттарга, үлэлииргэ судургута, табыгастааҕа, бөҕөтө-таҕата, абыраллаах тэрил. Мэхээнньикпит Дмитрий Павлов, куруусчут убайым Владимир Ксенофонтов кэбиһиилээх оту ходуһаттан хайдах тиэйэн таһаарарга, пиэрмэ кыбыытыгар, ыаллар тиэргэннэригэр күрүөнү-олбуору алдьаппакка чөкө сүөкүүргэ оччотооҕу оҕочооһу түргэнник үөрэппиттэрэ. Салгыы куруусчуппунаан Николай Трофимовтыын-Ньукуолуун Өлүөнэ эбэбит быйаҥнаах ходуһаларыттан 2-3 туонналаах оту ыллыы-туойа лөглөччү тиэйэн, күҥҥэ иккилиитэ кырынарбыт. Кыайыгас-хотугас Ньукуо барахсан, кэлин бэйэтэ биллэр үлэлээх тырахтарыыс буолбута.
Дьэ, билигин кэлэн сөҕөбүн-бэккиһиибин: биһиги иккиэ буолан, ДТ тыраахтыр күүһүнэн-уоҕунан күҥҥэ 5-6 туонна оту состорор буоллахпытына, 50-с сылларга Павел Дмитриев собус-соҕотоҕун харытын күүһүнэн кыһыҥҥы кылгас күҥҥэ 8 оҕуһунан иккитэ кырынан 4-5 туонна оту тиэйэрэ! Тыраахтартан хаалсыбат үлэ үрдүк оҥорумтуота, дьоруойдуу үлэ тыыннаах холобура диэн бу буоллаҕа. Убайбыт барахсан, оччотооҕу ас- таҥас да мөлтөх кэмигэр кыһыҥҥы бытархан тымныыга аҕыс сыарханан от тиэйэн, таһан кыыкырдатан, төһөлөөх тоҥмута-хаппыта буолуой. Хамсаныы күүһүнэн «иттэн» сылдьаахтаатаҕа. Ол да иһин, 1959 сыллаахха Майаҕа тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһиттэрин мунньаҕар: « Илиинэн үлэлээн бүтүөҕүҥ, аны үлэ ыарахан күүһүн тиэхиньикэ солбуйар кэмэ кэллэ!»— диэн булгуруйбат санаатын эппитэ.
– 1960 сыллаахха бэйэм оттообут оппун торуоһунан аан бастаан лөглөччү состорбутум. Устунан Ленин аатынан холкуос бары учаастактарынан Харанан, Чүүйэнэн, Бөкөнөн, Лоомтуканан, Паабылыскайынан, Хаптаҕайынан, Ороссолуоданан кэрийэ сылдьан от бөҕөнү состорбутум. Ол гынан, маннык ньыма айана сыһыллан бытаан уонна суолга от оронор, хаалар этэ. Инньэ гынан, кэбиһиини ылах сыарҕа үрдүгэр состорон таһааран тиэйэр ньыманы Хаатылымаҕа уус киһилиин оҥорбуппут. Аатын умнан кэбиһээхтээбиппин. Ылах үрдүгэр 8-10 миэтэрэ усталаах, биэс сэлиилээх сыарҕанан 2,5-3 туонналаах оту «Бөлөрүүс» да тыраахтар тулуппакка соһор. Биэс сэлиилээбитим диэн, бурдук соломотун кэбиһиитин тиэйэргэ табыгастаах. Бытархай буолан, тохто сылдьааччы. Кэлин, сир-сир аайы бэйэлэрэ хайа сатанарынан, 4 да, 3 да сэлиилээх, 5-6 миэтэрэ усталаах гына оҥостор буолбуттара, – Павел Никифорович улуу ньыматын, саҥаны айыытын туһунан бэрт холкутук кэпсиир. Дьиҥэр, өрөспүүбүлүкэҕэ сүөһү, сылгы иитиитигэр, оттооһуҥҥа ыллар инники хардыыны, өрөбөлүүссүйэни оҥорбут бачыымынан, бастыҥ ньыманан буолар. Кылаабынайа, от оттонуон эрэ наада, тиэйиллиитигэр кыһалҕа суох буолбута.Тыа дьонун ыарахан үлэлэрин тиэхиньикэ күүһүнэн толорор көдьүүстээх ньыма Саха сирин үрдүнэн киэҥник туһаныллар буолбута, билигин даҕаны солбуллубат, туһаныллар. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, бэл биһиги, эдэрдэр, 60- с сыллар бүтүүлэригэр ыллыы-туойа, үөрэ-көтө үлэлиир буолбуппут.
Хас эмэ сүүһүнэн мөлүйүөннээх көдьүүс
Павел Дмитриев-Бачыым Байбал саҥаны арыйыылара илии ыарахан үлэтин чэпчэтиигэ уонна тустаах хаһаайыстыбаларга төһөлөөх үбү-харчыны кэмчилээбиттэрин, оҥорон таһаарыыны үрдэппиттэрин арааһа биир даҕаны экономист ааҕан-суоттаан биэрбэтэ быһыылаах. Хаһаайыстыба дьиҥнээх экэниэмикэтэ, барыһа-ночоото производственнай сыахтан, тиэхиньикэ оҥорон таһаарыыта төһө үрдээбититтэн, уматыгы, саппаас чааһы кэмчилээһиниттэн саҕаланарын быһыытынан, бу саҥаны арыйыылар, үлэ ньымалара көдьүүстэрэ ааҕыллан биллибит-көстүбүт буолуохтаах этэ. Манна исписэлиистэр ситэтэ суох үлэлээбиттэрэ көстөр диэн, Павел Никифоровичтыын уһун сылларга бииргэ үлэлээбит биригэдьиир, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Екатерина Иннокентьевна Новгородова кэмигэр этэн да, суруйан да турардаах.
— Стоговозпунан Бүтэйдээххэ тахсаммын от тиэйбитим. Дэлби кэпсээн-быһааран, көрдөрөн үөрэппитим. Сэҥээрбиттэрэ, астыммыттара. Бэл, 500 солкуобай харчынан бириэмийэ туттаран үөрдүбүттэрэ. Үлэм тиллибитин, ньымам сыаналаммытын аан бастаан онно билбитим. Оччолорго ботуччу суума этэ,— диир Павел Никифорович. Бириэмийэ диэбиккэ дылы, 1960 сыллаахтан, олохпут отуора алдьанан, 90-с сылларга сопхуостар ыһыллыахтарыгар диэри муҥутуурдук туһаныллыбыт, билигин да бөдөҥ кэпэрэтииптэргэ, бааһынай хаһаайыстыбаларга туһаныллар, байыаннайдар тылларынан 70 сыл тухары сэбилэнииттэн уһулла илик стратегическай суолталаах тэрил — стогобуос-сыарҕа барахсан сахалар түҥ өбүгэлэрбититтэн саҕалаан, Хотугу эргимтэҕэ олохтообут «циркумполярнай цивилизациябытын» салгыы сайыннарыыга, өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын кыаҕырдыыга төһөлөөх кылааты, көдьүүһү киллэрбитин, хомойуох иһин, чуолкайдаан ааҕан көрбүтү көрдөөн булбаккын. Арай, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга П.П.Антонов 1972 сыл тохсунньу 11 күнүгэр илии баттаабыт 3 №-дээх бирикээһигэр П.Н.Дмитриев айбыт стогобуоһа сылга оройуон сопхуостарыгар 102 тыһыынча солкуобайдаах кэмчилээһини киллэрбитэ ыйыллар. Аҥардас бу сыыппаранан анал үөрэхтээхтэр оччотооҕу уонна билиҥҥи сыананан өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын салаатыгар хас эмэ сүүһүнэн мөлүйүөнүнэн, миллиардынан да суумалаах кэмчилээһин оҥоһуллубутун ааҕан таһаарыахтарын сөп.
Калашников аптамаата, Дмитриев стогобуоһа
Манна диэн эттэххэ, Бачыым Байбал стогобуоһун аатырбыт конструктор, икки төгүллээх Дьоруой, генерал Калашников айбыт эргэрэри билбэт, аан дойду сэрииһиттэрэ билинэр, ордорор, өлөрөргө-өһөрөргө мэлдьи туһанар АК аптамаатыгар холуубун. Уонна, төптөрүтүн, эйэлээх олоҕу тутарга-айарга туһуламмыт, саха норуотун национальнай баайынан, киэн туттуутунан буолбут эргэрбэт, наадалаах үлэ тэрилин айбыт, номох буолан кэпсэнэр норуот конструктора, төлөннөөх патриот Павел Никифорович Дмитриев-Бачыым Байбал үтүөтэ-өҥөтө, үлэни өрө туппут, күүрээннээх үлэҕэ бар дьонун көҕүлээбит улахан олоҕо билигин да үрдүктүк сыаналаныа, бочуоттаныа, төрөөбүт улууһа, өрөспүүбүлүкэ салалтата сөптөөх быһаарыныыны ылыныахтара диэн эрэниэҕи баҕарыллар. Дьиҥинэн, Сахабыт сирэ
Улуу Арассыыйаҕа, бүтүн аан дойдуга тахсар сырыы-айан харалҕаннаах аартыгар, инникитин ньиргийэр-ньирилиир куорат буолар Аллараа Бэстээхпит килбэйэр киинигэр Манчаары Баһылай курдук номоххо киирбит Бачыым Байбал мөссүөнүнэн, уобараһынан чэрдээх илиилээх Үлэ Киһитигэр, Үлэ өрөгөйүгэр, бар дьон Улуу бачыымыгар сүгүрүйүү сибэтиэй бэлиэтин сиртэн халлааҥҥа диэри өрө анньар төһөлөөх буолуо этэй. Ийэ дойдуну таптыырга, Аҕа дойдуга бэриниилээх буоларга сырдык патриотическай өй-санаа үс саха төрүөҕэр, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ иҥэриллэ, бэриллэ туруо этэ буоллаҕа.
Академик Владимир Ларионов норуот академигынан билиммитэ
Павел Никифорович 1978 сыллаахха оройуоннааҕы «Сельхозтехника « холбоһукка слесарынан ылыллыбыта. Манна үлэлиир сылларыгар кини электрик-слесарь, электросварщик идэлэри баһылаабыта. Салгыы Чурапчыга наладчик-мэхээнньик, Новосибирскайга эт-үүт кэмбинээтин холодильнай оборудованиетын маастарын идэлэригэр ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Мындыр толкуйдаах киһи быһыытынан, тиэхиньикэ салаатыгар саҥаны айбыта, олоххо киллэрбитэ элбэх. Докумуоҥҥа киирэн, бэлиэтэнэн, бар дьон билиниитин ылбыт 20-тэн тахса саҥаны айыылардаах. Олор бары өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар, хаһаайыстыбаларга киэҥник туһаныллыбыттара, туһаныллаллар.
Ол курдук, улахан көлөһүнэ суох стогобуос сыарҕанан кэбиһиилээх оту лөглөччү тиэйэн кыбыыга аҕалыы, үйэлэргэ тоҥон-хатан улахан эрэйгэ ылларбыт сахалар ыра-баҕа санааларын олоххо киллэрии буолар. Бурҕаҥнас тымныыга чаачар эрбиинэн оттук маһын эрбэнэн кыыкырдатар саха тыраахтар эрийэр циркульнай эрбиитинэн биир массыына уокка оттор маһы чаас аҥаарын кыайбатынан эрбэтэр буолбута. «ЗИЛ» массыына коруобкатын туһанан бурдук тардар миэлиҥсэнэн тыа дьоно сүөһү да сиир, киһи да сиир бурдугун таттарар буолбуттара. Кыһыҥҥы тымныыга электрическэй уот баран хаалар, биитэр ууну хачайдыыр носуос алдьанар түбэлтэлэригэр, ититэр систиэмэ магистралын уутун тоҥорбокко хачайдатар, хамсатар агрегаты айбыта ыксаллаах быһыыга-майгыга тыа дьоно барахсаттары абыраабыта, быыһаабыта элбэх. 2000 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Г.М.Артемьев этии киллэриитинэн тыа сиригэр таах кэриэтэ быраҕыллар олус наадалаах сырьену туһаҕа таһаарарга, сүөһү, сылгы, таба тириитин имитэр, таҥастыыр 7 станогу оҥорон туттарбыта. П.Н.Дмитриев саҥаны айарын таһынан, ханнык баҕарар тиэхиньикэҕэ сыһынна, үлэлиир бириинсибин эт мэйиитинэн толкуйдаан быһаарда да, үлэлэппитинэн барар дьоҕурун оннооҕор анал үөрэхтээх инженер-мэхээнньиктэр сөҕөллөрө-махтайаллара.
«Биһиги көлүөнэ дьон тиэхиньикэ диэки тардыһыыбыт Эн, Байбал, ис-искиттэн үөһээттэн бэриллибит дьоҕургун сөҕүүбүтүттэн-махтайыыбытыттан саҕаламмыта. Саха киһитэ даҕаны тиэхиньикэни баһылыан сөптөөҕөр эрэлбитин үөскэппитэ. Олох сүүрбэт буолбут матассыыкыл араас көрүҥнэрин, аккаастаабыт ГАЗиктары, массыыналары, тыраахтардары биинтэтигэр диэри өһүлэн, үрэйэн баран, лыҥкынаабытынан, айаннаабытынан барар гына таҥарыҥ – олох аптаах дьоҕур курдук көстөрө. Инженернэй өй-санаа, интуиция, уустук логическай тиэхиньиичэскэй толкуй Эйиэхэ дьиҥ-чахчы баалларын туоһулара буолбуттара. Дьэ, үгүс түгэнтэн сороҕун ахтан туран, Эйигин, Павел Никифорович, үгүс мындыр айыыларыҥ дьиҥнээх норуот академига буоларгын этэллэр. Ол да иһин Манчаары Баһылай атыннык Баһылай Манчаары дэниллибэтин кэриэтэ, Эйихэ Бачыым Байбал диэн бигэ, мэҥэ, үтүө ааты норуот иҥэрдэҕэ»,—диэн биир дойдулааҕа, улуу учуонай, сахалартан бастакы Арассыыйа Наукаларын академиятын академига Владимир Петрович Ларионов сүһүөхтээх бэйэтэ сүгүрүйэн туран, үрдүк сыанабылы биэрбитэ.
Бачыым Байбал спорка бачыымнара
Дьиҥинэн, Павел Дмитриев үлэттэн ордон спордунан анаан-минээн дьарыктанар бириэмэтэ, кыаҕа суоҕа. Ол гынан, кыра эрдэҕиттэн хара үлэҕэ эриллэн-мускуллан, кииллийэн бэйэтин кыанар, тэтиэнэх буола улааппыта. Оҕотук сылдьан дойдутугар Кыайыы ыһыаҕар тустан мүһэ ылан турардаах. Ордук хайыһардыырын сөбүлүүрэ. Улахан күрэхтэһиилэргэ оройуонун чиэһин чиэстээхтик көмүскээн, спорка эмиэ бачыымнаабыт кэмнэрдээх.
– Таах даҕаны, нэһилиэкпэр мас тардыһыытыгар Николай Федоровка — Күүстээх Бообоҕо эрэ сабырыттарар буоларым. Покровскайга холкуостаах ыччаттар 3 көскө өрөспүүбүлүкэтээҕи хайыһарынан күрэхтэһиилэригэр сураҕырбыт Николай Федотов-Торбаза кэнниттэн биэтэккэ иккиһинэн кэлбиттээҕим. Улахан ситиһиим, 1956 сыллаахха ДОСААФ тэрийиитинэн 10 көскө мэһэйдээх, куһаҕан суолунан матассыыкылынан күрэхтэһиигэ 18 оройуон хамаандаларын дьонун кэннибэр хаалларан, өрөспүүбүлүкэҕэ чөмпүйүөннээн турабын. Анаан эрчиллии, бэлэмнэнии суох буолаахтаатаҕа дии,— 90-наах ытык кырдьаҕас оччотооҕу эдэр-эрчимнээх кэмнэрин астына, сэргэхсийэ ахтар. – ДОСААФ оройуоннааҕы тэрилтэтин салайааччы Гаврильев тэрийиитинэн Хорообуттан бааһынайдыҥы уоллуун иккиэ буолан кыттыбыппыт. Алдан, Өймөкөөн курдук бырамыысыланнай оройуоннар смортсменнара адаарыйбыт салбахтардаах эрэһиинэлээх көлүөһэлэрдээх дьиҥнээх спортивнай матассыыкыллаахтара. Таҥастара-саптара, тутта-хапта сылдьаллара сүрдээх этэ. Күрэхтэһии буолуон биир хонук иннинэ стадиоҥҥа дьон олорор сирдэринэн өрө-таҥнары сүүрдүү бөҕө буолбуттара, суос бэринэр, киэптиир курдуктара. Мин чаһы курдук үлэлиир, кыһыннары-сайыннары тирилэтэр эрэллээх «ИЖ» матассыыкыллааҕым. Араас түһүү-тахсыы, ууну-хаары, бадарааны туорааһын, көнө сиргэ харах тэстэринэн быччаһытыы ким төһө- хайдах бэлэмнээҕин-сатабыллааҕын ыраас мууска уурбута. Били алданнарым, өймөкөөннөрүм, Дьокуускай уолаттара даҕаны ууну туорааһыҥҥа өрө бурҕачытан киирэн чүмэчилэрин саба ыстаран, матассыыкыллара умуллан хаалара. Ону ырычаахтаһа, бадарааҥҥа батыллыннарбыт матассыыкылларын оруу сатаан, сорохтор кыһыыларыттан сэптэрин тэбиэлии сырыттахтарына аттыларынан ааһарым. Билэр буоллаҕым дии, матассыыкылбын ускуораһын арааран, умулларбакка маалай гааһынан үлэлэтэ сылдьан ууну, бадарааны соһон-үтэн, көтөҕөн таһаарарым уонна тэбэнэ-сахсына түһээт, салгыы тирилэтэ турарым. Ол дьонум оннук хаалаллара.
Оччолорго эдэр, эрчимнээх матассыкылыыс Павел Дмитриев кыһыннары-сайыннары тирилэтэр эрчиллиитэ, тиэхиньикэтин туругун эндэппэккэ билэрэ өрөспүүбүлүкэ 1956 сыллааҕы мотокроска чөмпүйүөнэ буоларын хааччыйдаҕа. «Улахан бадарааннар кэллэхтэринэ, баллайбыт саха оҕонньоро матассыыкылын кыбына сылдьан, сиэлэн тахсар буолан кыайда»,— диэн «биһиги дэммит» нуучча, омук бөтөстөрө 30-тун да туола илик киһиэхэ сабырыйтаран, саллыбыттара номох буолан билиҥҥээҥҥэ диэри кэпсэнэр.
Дьылҕа Хаан оҥоһуута
Олох олоруу – хонууну туорааһын буолбатах. Үгүс түбэлтэҕэ олох табылларын эбэтэр табыллыбатын тустаах киһиттэн ыйыппат. Бука итинниги этэллэрэ буолуо, Дьылҕа Хаан оҥоһуута диэн. Ол оҥоһуута таайан, Павел Никифорович олоҕор тосту-туора уларытыыны сорунуулаахтык оҥорбуттаах.10 атынан, 8 оҕуһунан мас-от тиэйэр, муҥутуурдук үлэлиир кэмнэригэр бигэ тирэх, өйөбүл, сылаас дьиэ-уот араҥаччыһыта буолбут, бэйэтин курдук туруу үлэһит Таатта кыыһа Мария Иннокентьевна Чаховалыын сүүс-сүүстэринэн өйөнсөн 23 сыл ыал буолан, сүрдээх эйэлээхтик олорбуттара. Хомолтолооҕо диэн, оҕоломмотохторо. Көнө, судургу Байбал уһун кэмҥэ үүйэ-хаайа тута сылдьыбыт санаатын, быһаарыныытын: «Мин кэннибэр хаалар кэнчээри ыччаттаах буолуохпун баҕарабын, онон эн-биһи эйэнэн-сүбэнэн арахсарбытын көҥүллээ»,— аһаҕастык этэн, өйдөһөн, эйэ дэмнээхтик арахсыбыттара.
Ол саҕана оройуонун, сопхуоһун салалталара: «Байбал, эн уордьан ылар кыахтааххын, кэргэҥҥиттэн арахсыма»,— диэн этэ, сэрэтэ сылдьыбыттарын: «Эһиги уордьаҥҥыт иитиэ суоҕа. Оҕолоннохпуна кырдьар, мөлтүүр кэммэр, кини иитиэҕэ»,— диэн дьиэк биэрбэттии быһаччы хоруйдаабыта. Онтуката инники эписсийээлинэй чиэс-бочуот, наҕараада, албан аат суолун быһа баттаабыта. Павел Никифорович 1971 сыллаахха эмчит, быраас идэлээх Гликерия Григорьевна Корниловалыын холбоһон, ыра, баҕа санаата туолан, икки уол оҕолонон, олоххо толору дьолломмута. Уолаттара Никифор, Павел атахтарыгар туран, бэйэлэрэ ыаллар. Тапталлаах аҕаларын көрөллөр-истэллэр, соҕотохсуппаттар. Кырдьаҕас күнэ-ыйа тахсар уоллаах кыыс сиэннэрдээх. Аатын ааттатар Павел Никифорович Дмитриев-II сиэниттэн элбэҕи эрэнэ кэтэһэр. Дьэ, Дьылҕа Хаан оҥоһуута диэн ити буоллаҕа…
Туомтуу тардан
Убай туттар, сахалар барыбыт киэн туттар киһибит Павел Никифорович Дмитриев-Бачыым Байбал туһунан уочаркабын кини олоҕор түбэспит мүччүргэннээх, көрдөөх, кэм да уос номоҕо буолбут түбэлтэтинэн түмүктүүбүн.
Бэйэтэ этэринэн, Егор Дмитриевич Кычкин-II баартыйа обкуомун сэкирэтээринэн үлэлиирин саҕана, Саха сирин 43 киһилээх дэлэгээссийэтин састаабыгар киирэн, Кытайга күүлэйдии, туристыы тиийэ сылдьыбыттаах. Этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэрин кэннэ: «Бачыым Байбалбыт ол дойдуга да тиийэн сүгүн сылдьыбатах, «баппатах». Эрэстэрээннэригэр буһарыллыбыт баҕа бүлүүдэтин биэс пуорсуйатын эбии көрдөөн ыла-ыла сиэн, кытайдары салыннарбыт»,—диэн кэпсэтиһии, күлсүү, сөҕүү-махтайыы буолбутун оҕо сылдьан истэрбин бэккэ өйдүүбүн. Ол туһунан интэриэһиргээбиппэр: «Ээ, баҕа буолбатах. Арыыга саһарчы ыһаарыламмыт эриэн үөннэрэ минньигэһэ сүрдээх этэ. Сэттэ пуорсуйаны сиэбитим, кырдьык,— кырдьаҕаһым харахтара уоттанан, мүчүҥнээн ыла-ыла оччотооҕуну ахта саныыр.— Ити эрэ буолбатах, билэн, түһээн да көрбөтөх тэрилбин, билиҥҥи курдук дьиэ иһигэр тахсан киирэр ньууһунньук таас хаппаҕын сатаан арыйбакка, туура тардан үлтү түһэрэн кэбиһэммин, айдаан тахса сыһан, кинилэр харчыларынан 2 юаны төлөөн турабын».
Бачыым – сайдыыга, сырдыкка сирдиир, көҕүлүүр, олоҕу инники хамсатар улуу күүс. Дьоно-сэргэтэ Бачыым диэн ааты Байбалга эдэр сааһыттан биир киһи холугар баппат баһаам элбэх үлэни кыайа-хото тутан үлэлээбитин, муҥутуур үрдүк көрдөрүүлээх үлэҕэ көҕүлээбитин билинэн, киэн туттан, махтанан иҥэрдэхтэрэ. Ытыктабыллаах Павел Дмитриевич, Бачыым Байбал диэн сырдык аатыҥ ыччат дьонуҥ, аныгы үйэ саҥа көлүөнэ сахалара кыайыылаах үлэни өрө тутан бигэтик инники хардыылыылларыгар угуйар, көҕүлүүр Улуу күүһүнэн буолуохтун. Онуоха тыыннаах холобур буолаҥҥын, бар дьоҥҥун араҥаччылаан Үйэ сааскар этэҥҥэ тиий диэн алҕаатахпыт буоллун.
Иван Ксенофонтов-Силиги, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина,
edersaas.ru, «Саха сирэ» хаһыат
Уочаркаҕа наадалаах дааннайдар Иннокентий Неустроев «Бачыым Байбал» кинигэтиттэн туһанылыннылар.