«Капитан Бабичев» ледокол мотуруоһа ууга былдьанна

15.05.2020
Бөлөххө киир:

«Капитан  Бабичев» ледокол экипаһын чилиэнэ Өлүөнэ өрүскэ сууллан, быстахха былдьанна диэн Якутия 24 саайт иһитиннэрэр.

«22 саастаах мотуруос муус анныгар былдьанна, кинини сатаан быыһаабатылар», — диэн Илин Сибиирдээҕи силиэстийэлиир бырабылыанньа тыраанспарга силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Дьокуускайдааҕы силиэстийэлиир салаа тырааныспарга СК бу дьыала тула бэрэбиэркэлиир үлэни ыытыаҕа. Ол түмүгүнэн процессуальнай быһарыы биллиэҕэ.

ЛОРП «Капитан Бабичев» ледокола бэҕэһээ муус харыыта үөскээбит сиригэр үлэлээбитэ.

yk24.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0