Бааттаах үһүс устуудьуйа…

24.07.2019
Бөлөххө киир:

Биһиги көлүөнэбит испэктээктэрэ

“Щепкины” бүтэрбит, аатырбыт 3-с устуудьуйа дойдутугар, Саха сиригэр эргиллэн кэлэн, айымньылаах үлэтин саҕалаабыта быйыл 45 сыла буолла. Ити бэлиэ түгэҥҥэ уонна Тыйаатыр сылыгар анаан, бу устуудьуйа туһунан 5 сыллааҕыта суруллубут ыстатыйаны хоc бэчээттиибит. 


1969 сыл, сайын. Саныыр санаатаҕына, олох быданнааҕыта, өрдөөҕүтэ курдук. Оттон  чуолаан, ол сыл,  ол сайын, билигин  Саха тыйаатырыгар бары сөбүлээн, талааннарыгар сүгүрүйэ көрөр артыыстарбыт Москваҕа үөрэххэ барбыттара  диэтэхпитинэ,  төһө да  45 сыл анараа өттүгэр буоллар, олус өрдөөҕү курдук көстүбэт эбит. Биэс сыл үөрэнэллэр, ол аата кинилэр, аатырар «Щепкинкэни» бүтэрбиттэрэ лоп-курдук быйыл 40 сыл буолбут!

Бу күннэргэ Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра 108-с театральнай сезонун түмүктээри, көрөөччүгэ бастыҥ испэктээктэрин таһаарда: Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм», Харысхал «Көмүөл», Иван Гоголев «Хара кыталык», Былатыан Ойуунускай «Иирбит Ньукуус», «Оҕоҕо баҕарбыт», о.д.а., оттон от ыйын 13 күнүгэр «Чыҥыс Хаан ыйаа­ҕынан» испэктээги тыйаатыр Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище 3-c сүһүөх саха устуудьуйата үөрэххэ киирбитэ 45, үөрэҕи бүтэрбитэ 40 сылларыгар анаата.

Бу 3-с устуудьуйаны бүтэрбит Андрей Борисов режиссер идэтин ыларыгар 1982 сыллаахха туруорбут “Хаарыан хампа күөх кытылым…” дипломнай испэктээгэ Саха тыйаатырын аан дойдуга таһаарбыта. Дьон бу испэктээгинэн кинилэри “бааттаах 3-с устуудьуйа” диэн ааттыыр. Оттон Андрей Саввич сүрүн режиссер быһыытынан Саха тыйаатырыгар туруорбут маҥнайгы айымньытынан Былатыан Ойуунускай олоҕун, айар үлэтин туһунан Баһылай Протодьяконов суруйбут “Үс саха төрүөҕэр”  испэктээгэ буолар. Бу испэктээк этэ дии – Бүтүн Арассыыйаҕа биһирэммит, саха тыллаах көрөөччү өйүн-санаатын уһугуннарбыт!  “Улуу Кудаҥса”, “Бүдүрүйбүт көммөт”, “Сычуань үтүө киһитэ”, “Илиир Хоруол”…  Тыйаатыр репертуарыгар, этэргэ дылы, бу иннинээҕи да, кэннинээҕи да испэктээктэри, режиссердар, артыыстар чаҕылхай  үлэлэрин кыратык да намтаппакка туран, бука бары  кыһыл көмүс буукубанан суруллан киирэр испэктээктэр диибит. Тоҕо диэтэххэ, биһиги көлүөнэ, билиҥҥи тыйаатыры сэҥээрээччилэр, бүгүҥҥү көрөөччү сүрүн састааба, 60-с сыллар бүтүүлэрэ, 70-с сыллартан, чуолаан бу испэктээктэргэ  иитиллэн тахсыбыппыт, тыйаатырга сыстыбыппыт диэтэхпинэ, олус омун буолуо суоҕа. Бу биһиги көлүөнэбит испэктээктэрэ.  Биһиги сөбүлүүр  артыыстарбытын кытта тэҥҥэ үөрсэн-хомойон, ытаһан-ыллаһан, бу күҥҥэ тиийэн кэллэхпит. Ол иһин махтанар буоллахпыт…

“Дьэкиим, эн  манан дьарыктан эрэ…”

Саха тыйаатырыгар бастакы этээскэ, “ыскылаат-мусуой” диэн  суруктаах 116-c хоско, эмиэ бу “бааттаах 3-c  устуудьуйа” киһитин, талааннаах артыыс, педагог Ефим Николаевич Степановы эрэпэтииссийэ кэнниттэн хаһан баҕарар көрсүөххэ сөп. Кини бу кыракый хоско хорҕойон олорон, тыйаатыр устуо­руйатын оҥорор. Бу, “тыйаатыр мусуойа” диэн  күүркэтиилээх соҕус­тук ааттанар сир, дьиҥэр, көннөрү икки гына хайытыллыбыт  биир кыараҕас уонна тоҕо эрэ (түннүгэ суох быһыылаах) хараҥа хос. Дьэ ол да буоллар, Саха тыйаатырын устуоруйатын, артыыстар айар үлэлэрин, дьылҕаларын кэпсиир ханна да суох сэдэх  матырыйааллар, хаартыскалар, тыйаатыр  ураты суолталаах реквизитэ манна бааллар. Дэлэҕэ даҕаны дьон, “Андрей Саввич дөрүн-дөрүн бу хоско киирэн кэллэҕинэ, тугу эрэ хайаан даҕаны таба көрөн, онтон туох эрэ саҥа санааны-идиэ­йэни ылан тахсар”, — дэһиэ дуо?!  Саха тыйаатырын үс туомнаах антологията биир бастакынан эмиэ бу кыракый мусуой матырыйаал­ларыгар тирэҕирбитэ.

Ефим Николаевич Москваҕа, аатырбыт Щепкин училищетыгар  үөрэммит кэмнэрин бэрт истиҥник, иһирэхтик ахтар. Манна даҕатан эттэххэ, оччолорго Томпоттон Дьокуускайга кэлэн Саха ты­­йаатырыгар хайыы-үйэҕэ үлэлии сылдьар  – Щепкин училищетын устудьуона буолбут киһи, кини соҕотох этэ. Кинини, эдэркээн эрээри оттомноох уолу, аҕа  көлүөнэ оччолортон таба көрөн, бу Саха тыйаатырын  мусуойун малын-салын, матырыйаалларын, реквизиттэрин бэрийээччинэн, харайааччынан анаабыта. Чуолаан артыыстар Марк Слепцов, Михаил Гоголев, “Дьэкиим, эн манан дьарыктан эрэ”, —  диэбиттэрин умнубат. Ону бэйэтигэр сокуон оҥос­тон, үөрэҕин бүтэрэн  да баран,  кини бу мусуойун бэрийбитэ үйэ аҥаарыгар чугаһаабыт  эбит! Испэктээктэргэ сүрүн да, араас да оруоллары оонньуурун, институкка  оҕолору үөрэтэрин таһынан, биир-биэс харчыта суох, аҥардас, хаһан эрэ кырдьаҕас артыыстарга эппит тылын тутуһан,  сүрэҕин баҕатынан, өйүн-санаатын этиитинэн үлэлии сырыттаҕа!

Ефим Николаевич ахтарынан, ол сыл 3-c устуудьуйаҕа  итиэннэ  Ньурба тыйаатырыгар хайыы-үйэ артыысканан үлэлии сылдьар Степанида, оччолорго Семенова, билигин Борисова, куонкуруһу  эрэллээхтик ааһан, киирбитэ. Үөһээ Бүлүү кыыһын, өссө үөрэнэ барыан иннинэ, 1968 сыллаахха Иван Гоголев “Туймаада сарсыардатыгар” Хаачылаананы  оонньообут  Ольга Григорьеваны, кини эмиэ бу күн үгүстүк аҕынна.  Биллэн турар, бары кэриэтэ тыа сирин боростуой үлэһит дьонун оҕолоро, дьиэлэриттэн ыраах, улахан куоракка  хайдах үөрэммиттэрин, педагогтары кытта уопсай тылы булбуттарын,  быыкаайык истипиэндьийэҕэ хайдах олорбуттарын туһунан, бу кылгас бэлиэтээһиннэргэ киһи үгүһү кыайан киллэрбэтэ өйдөнөр.

Афоня Федоров, Стеша Семенова (Борисова), Куприян Михайлов, Наташа Петрова (Степанова), Герасим Васильев, Соня Сергучева (Баранова) устудьуон эрдэхтэн ырыаһыттар-тойуксуттар этэ. Степан Сивцев-Доллу үөрэммитэ бу устуудьуйаҕа. “Оттон Ыстапааһаны ыллатан биэрэрбит…”, — диир Ефим Николаевич. Степанида Борисованы этэр буоллаҕа. Домна Уйгурова (Иванова) устудьуоннуу сылдьан “Современник” тыйаатырга вьетнамка кыыһы оонньообута эмиэ баара. Оттон үҥкүүһүттэр — Ефим Степанов, Иза Васильева (Николаева), Зоя Попова (Иванова), Борис Борисов.  Андрей Борисов, Толя Николаев бэртээхэй фехтовальщик этилэрэ үһү. Соччоттон өйдөһөллөр эбит. Үһүс устуудьуйа Дьокуускайга “Кыһыл көмүс карета”, “Надежда” тимириитэ”, “Иитиилээх уонна боростуой кыргыттар”, “Сайыҥҥы түүннээҕи түүл…” (Шекспири  биллиилээх суруналыыс Георгий Борисов тылбаастаан ыыппыт) дипломнай испэктээктэрин илдьэ кэлбитэ.

3-с устуудьуйаттан Игнатьевтар, Борисовтар, Николаевтар, Степановтар, Поповтар диэн – биэс эдэр ыал баар буолбута. Эһиги бу хаартыскаҕа Светлана Сосина уонна Спиридон Игнатьев ыал буолар дьоро күннэрин көрөҕүт. Ити 1972 сыл, муус устар.

ххх

Бүгүн Ефим Николаевич, устуудьуйа барыта олус махтанар  преподавателлэрин  ахтан-санаан ылар.  Кылаабынай киһилэринэн, куурус уус-уран сала­йааччытын Михаил Николаевич Гладкову ааттыыр. Малай тыйаатыр оскуолатын барытын ааспыт, эдэригэр биллиилээх артыыс, олус холку-сайаҕас, наһаа элбэҕи билбит-көрбүт киһи, уопуттаах педагог диир. Кини саха устуудьуйатын кытта уруккуттан үлэлиир эбит, 1966 сыллаахха, үөрэппит оҕолорун, 2-с устуудьу­йаны кытта Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыт, Ньурбаҕа тиийэн Култуура дьиэтин  тыйаатыр оҥорторбут кини буоллаҕа.  Дьэ маннык энтузиаст дьоннор үөрэппиттэрэ биһиги устудьуоннарбытын. Михаил Гладков саха устуудьуйатыгар  аатырбыт артыыстары  ыҥыран үлэлэтэрэ, кинилэр ортолоругар Людмила Викторовна Цукаева, Борис Васильевич Клюев бааллара. Куратордарынан Михаил Царев, Виктор Коршунов, Николай Анненков буолаллара. Саха тылыгар Люция Константиновна Романова үөрэппитэ.  Константин Станиславскай үөрэнээччитэ, МХАТ-2  устуудьуйаны аспыт,  Михаил Чехов, Евгений Вахтангов курдук дьону кытта бииргэ үлэлээбит  аатырбыт Лидия Ивановна Дейкун  үөрэппитэ 3-c саха национальнай  устуудьуйатын! Дейкун кэргэнэ Аркадий Добронравов эмиэ уһуйбута-такайбыта, саха устудьуоннарын.

Степанида Борисова, Иза Николаева испэктээк кэмигэр

“Бу бары — тыыннаахтарыгар номоххо киирбит дьон этэ!” — диир, билигин бэйэтэ номоххо киирбит артыыс,  ССРС уонна РФ  судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреаттара, РФ үтүөлээх, СӨ  норуодунай артыыһа Ефим Николаевич Степанов.

Олох көрдөрөрүнэн, чахчы үчүгэй исписэлиис буолбут, атаҕар эрэллээхтик  турбут, идэтийбит киһи  учууталларыгар  өрүү  махтанар…

—  Бу төгүрүк  кэм, ордук кэнники 15 сыла, мин санаабар,  олох  бөтөрөҥүнэн, бэрт түргэнник элэҥнээн ааһан  иһэр, — диир Ефим Николаевич. — Төһөнөн эппиэтинэс кэлэн иһэр, төһөнөн  эбээһинэһи элбэҕи ылынаҕын да, соччонон  бириэмэ тиийбэт буолан иһэр эбит! Онон, толкуйдаабыккын эрдэттэн саҕалыахха наада. Ол эрээри онуоха, кэм да – бириэ­мэ, көҥүл наада буоллаҕа эбээт! Мин быйыл уоппускам кэмигэр Тааттанан, Чурапчынан, Мэҥэ Хаҥалаһынан сылдьар баҕалаахпын.  Бииктэр Саввин, Даарыйа Слепцова, Пана Васильев курдук улуу генийдэр тустарынан тугу эмит оҥорор наада, хайаан даҕаны. Онон, Уолбанан барыам этэ. Чурапчыга  Болтоҥоҕо сылдьыбыт киһи. Бахсы мусуойун көрүөхпүн баҕарабын…  Туох тахсыан бакаа  билбэппин. Мунньан ууруом. Кэнэҕэски дьоҥҥо, театроведтарга, баҕар, наада буолуо.., — диир кини уонна оргууй аҕай, кумааҕыларын бэрийэ олорон,  мусуойун хоһун эргиччи көрөн ылар…

Сарсыардааҥҥы төлөпүөн

Ефим Николаевич кэргэниниин, СӨ үтүөлээх артыыската Наталья Ивановна Степановалыын уоппускаларыгар Москваҕа сылдьаллар эбит. Кинилэр бириэмэлэринэн сарсыарда эрдэ төлөпүөннээн, мусуой дьылҕатын ыйыталастым.

Ефим СТЕПАНОВ, Арассыыйа үтүөлээх, саха норуодунай артыыһа:

— Тыйаатырбыт мусуойа, син уруккутун курдук, кыракый хоспутугар турар… Арай, сонуммут диэн – “Арассыыйа – мин устуоруйам” мультимедийнэй историческай пааркаҕа “Саха тыйаатырын мусуойун быыстапкатын” арыйбыппыт. Бу быыстапка, эбии саала биэрдэхтэринэ, кэҥиэхтээх, тэнийиэхтээх. Оччотугар, аны күһүөрү-кыһын алтынньы-сэтинньи ыйдарга, Арассыыйаҕа Тыйаатыр сылын түмүктэринэн, Саха сирин тыйаатырдарын бука барыбытын түмэр бөдөҥ быыстапкабыт тэриллиэхтээх.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0