Соторутааҕыта Елизавета Попова-Бааттаах Кырата “Ааҕааччыларбар” диэн кинигэтэ “Дани-Алмас” типографияҕа күн сирин көрдө.
edersaas.ru
Елизавета Семеновна ааҕааччыларыгар анаабыт иккис кинигэтигэр аныгы олох суруйааччыларын, бэйэтин кытта тэҥҥэ алтыһа сылдьар ааптардар айымньыларыгар тус санаатын үллэстибит. Барыта 16 ааптар айымньытыгар тэттик ырытыылар киирбиттэр.
Кини 35 сыл бибилэтиэкэрдээбит, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, хомоҕой хоһоонноругар уонча ырыалаах. Саҥа тахсар кинигэлэри хайаан да ааҕар, араас бөлөхтөргө санаатын үллэстэр. Ол түмүгэр маннык кинигэлэр күн сирин көрөллөр. Бааттаах Кырата илиитин араарбакка суруйар, ырытар, ыраҥалыыр. Бүгүн суруйааччы, поэтесса, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Наталья Михалева-Сайа “Уйгур” диэн сэһэнигэр санаатын үллэстэрин билсиэҕиҥ.
ххх
«Наталья Михалева-Сайа «Уйгур» сэһэнин «Күрүлгэн» сурунаал нүөмэрдэриттэн булан ааҕан баран, үгэспинэн ааҕааччыга биллэрбит киһи диир санаабын туох эрэ тутар курдуга. Ол эрэн, аахпытым син балачча буолбутун кэннэ ол санаам ааспакка-арахпакка, ааҕааччыга санаа атастаһарга сананным.
Сэһэн сурулларыгар Сайа оҕо эрдэҕиттэн көрө, дьон кини туһунан санаатын истэ улааппыт киһитэ айымньытыгар прототип буолбут. Иван Дмитриевич Яковлев-Уйгур Уйбаан 1916 сыллаахха Сунтаарга Мэлэкэҕэ төрөөбүт киһи. Тэҥнээхтэриттэн илии-атах оонньуутугар бастыҥнара, харахха быраҕыллар көнө улахан уҥуохтаах, номоҕон сэбэрэлээх киһи. Булчут бэрдэ, сымса туттуулаах, сытыы-хотуу уол. Ол эрээри, үөрэҕи ылбатах, аҕата үөрэттэрэ сатаабытын үрдүнэн өрүү бултуу, сүүрэ-көтө босхо сылдьарын ордорбут. Улаатан иһэн аны оһуохай этээччилэри эккирэтэ сылдьан истэр, ыллаһар буолан барбыт. Инньэ гынан, сайыны быһа ыһыахтарынан сылдьан илии-атах оонньуутугар күрэхтэһэр, оһуохай этэр. Эдэр сааһыгар ити курдук көҥүлүнэн сылдьан, үлэҕэ улаханнык аралдьыйбакка бэйэтин баҕатынан сылдьыбыт, сахаларга сэдэх майгылаах киһи. Ол бэйэтэ Аҕа дойду сэриитин сылларыттан кини дьылҕата үөлээннээхтэриттэн эмиэ ураты. Кини дезертир. Сахаларга дезертирдээбит киһи туһунан айымньы мин өйдүүрбүнэн суоҕа. Олоххо баар да буоллаҕына, биһиэхэ, саха оччотооҕу кэнэн дьонугар, суоҕа буолуо диир этим. Кини тоҕо дезертиирдээбитин Сайа устудьуоннуу сылдьан дойдутугар сайылаабыт сайыныгар Уйгууртан токкоолоспут. Оччолорго кырдьаҕас Уйгуур Уйбаан бу кыыс суруйар эйгэҕэ киирбитин истибитин этэр уонна олоҕун бүүс бүтүннүү кэпсээн биэрэр. Билигин биһиги хомоҕой тыллаах хоһоонньуппут, саха телевидениетыгар сөбүлээн көрөр биэриилэрбитин ыытааччы Сайа прозаҕа киириитигэр бу ахтыыны суруйдаҕа. Кинини өйүүр да, сэмэлиир да санаата суох, ааҕааччыга баары-баарынан ыраас лиискэ ууран биэрбит. Ону эн, сиппит-хоппут ааҕааччы, хайдах ылынарын көҥүлүн. Чахчыта да, сорох ааҕааччы, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ чугас дьонуттан сүтүктээх ыараханнык ылыныа, сорох олоххо буолар буоллаҕа диэн хоккутук ылыныа.
Дьэ, ол курдук, Сайа ааҕааччытыгар олуктаах сэһэни кэпсээбитэ олох сонун. «Туох барыта тапталтан тыллар, олоххо тардыһыыта күүһүрэр» диэн аныаха диэри итинник өйдөбүллээх буоллахпытына, Уйгур Уйбаан тапталтан тэмтэрийбит диирим хайдаҕа буолла? Ааҕааччы, эн туох диигин? Утары көрсөн олорон, чахчы бу сэһэни аахпыт киһини кытта урукку курдук диспуттаан ылбыт киһи баар ини.
Өссө үөрүүлээҕэ «Айар» кинигэ кыһатыгар туспа кинигэнэн бэчээттэниэхтээх. Онон үгүс ааҕааччыга тиксиэҕэ, ааҕыллыаҕа диэн эрэл баар».
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru