Баатаҕайга айти-киин арылынна

Ааптар: 
23.12.2021
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 15-с айти-киини Дьааҥы улууһун Баатаҕайыгар бэҕэһээ, ахсынньы 22 күнүгэр, арыйдылар. Бу туһунан СӨ Инновацияҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччы Гаврил Ефимов уонна айти-паарка өҥөнү тириэрдии отделын салайааччытын солбуйааччы Кирилл Карпушкин кыттыыны ыллылар.

«Биллэн турар, бүгүҥҥү тэрээһин оройуон инники сайдыытыгар улахан суолталаах буолар. Бырабыыталыстыбаҕа, Инновация министиэристибэтигэр уонна «Саха сирэ» технопааркаҕа өйөбүллэрин иһин махтанабыт. Бу киин арыллыыта оройуоммутугар оптоволокно кэлиитин түргэтэтиэ диэн эрэнэбит», — диэн баһылыгы солбуйааччы Гаврил Ефимов эттэ.

Маны тэҥэ тэрээһин кэмигэр Гаврил Ефимов уонна Кирилл Карпушкин бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥҥэ илии баттаатылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0