Дьааҥы улууһун Табалааҕын олохтооҕо Матрена Гатилова биир интэриэһинэй дьарыктааҕын онно командировкаҕа сылдьан билбитим. edersaas.ru
Баататтан иннэнэн араас хартыынаны оҥорон таһаарыахха сөбүн аан бастаан көрбүтүм.
— Сэбиэскэй кэмҥэ зонанан үлэ олус көхтөөхтүк ыытыллара. Онно араас быыстапкаларга түөлбэ чиэһн көмүскээһин буолан, киһи бары кыттара. Зонам дьоно туохта эмэ оҥор диэн көрдөспүттэригэр интэринээккэ ньээҥкэнэн үлэлии сылдьан, дьуһуурустубам кэмигэр баатанан хартыына оҥорорго холонон көрбүтүм. Табыллыбыта. Уопсайынан, тугу барытын оҥорон боруобалыыбын. «Сатыыһыбын» дии санаатахпына, ол оҥоһукпар аны төннүбэппин. Холобура, бу баатанан оҥоһуктарым бастааҥҥылар буолан, көрө сылдьаары уура сылдьабын.
Ити курдук сатыыр оҥоһуктарым эбиллэн, харайыыга бараллар, — диэн кэпсиир сэһэргэһээччим.
Баататтан хартыынаны хайдах оҥоруохха?
Туох кистэлэ кэлиэй, наһаа үлэлээх эбит. Сукуна оннугар драп сон таҥаһа эмиэ барар. Холобура, от күөҕэ өҥнөөххө айылҕа, халлаан күөҕэ өҥҥө — халлаан, куйаар тиэмэлэрин арыйыахха сөп.
Табалаах сатабыллааҕа ханнык баҕарар оҥоһукка, бастатан туран, уруһуйун табар сорук туруохтаах диэн бэлиэтиир. Ол курдук, тыынар тыыннааҕы оҥорор буоллаххына, үөрбүтүн дуу, санаарҕаабытын дуу чопчу биэриэххэ наада. Оччоҕо эрэ хартыынаҥ ис «тыыннанар» эбит.
— Бастаан боростуой тиэмэттэн саҕалыыр ордук. Холобура, кэбиһиилээх, күрүөлээх оттон саҕалааҥ диэм этэ. Онтон илииҥ бара үөрэннэҕинэ уустук тиэмэҕэ ылсарга судургу. Кылаабынайа, дууһаҥ сытар тиэмэтэ наада. Баата хаачыстыбатын үчүгэйдик үөрэтэн баран ылсыҥ. Холобура, киһи хайдах туттан олорорун, тугу толкуйдуурун таба биэрииигэ сымнаҕас, уунаҥнас баата барсар.
Маннык хартыынаны оҥорорго былыргы баата үчүгэй. Билиҥҥи баата хомуоҕа элбэх буолан, ойуу моһуона тахсарын мэһэйдиир,—диэн сүбэлээбитэ Матрена Гатилова.
Баататтан хартыына оҥорорго маастар-кылаас:
- Хартыына оҥорорго хара сукуна, иннэ уонна баата ылабыт;
- Сукунаҕа кураанах мыыланан уруһуй оҥороҕун;
- Уруһуйуҥ сурааһынын эрэ хаалларан туран, сукунаҕа бүтүннүү баата сыһыараҕын;
- Таҥаска сыһыарыллыбыт баататтан иннэнэн ойуугун кыһыйан бараҕын;
- Күлүк түһэрэргэр баатаҕын ханан эрэ хойуу, ханан эрэ чараас гына кыһыйаҕын.
Бу маннык судургу курдук эрээри олус үлэлээх баататтан хартыынаны ким баҕарар оҥоруон сөп. Саҥа дьыл чугаһаата. Кыһын, Тымныы уонна хаар тиэмэтигэр ылсан, чугас дьоҥҥутугар бэртээхэй бэлэҕи оҥоруоххутун сөп.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ», edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.