Кирэдьииттиир кэпэрэтииптэн харчыларын төнүннэрдилэр

Ааптар: 
02.02.2017
Бөлөххө киир:
кирэдьиити ылыы

Мэҥэ Хаҥаласка Роспотребнадзор улуустааҕы управлениета дьон бырыһыаҥҥа диэн харчы уурдаран баран, кыайан ылбакка сылдьыбыттарыгар көмөлөстө.

Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат”,  http: //edersaas.ru/

Киһи үксэ кирэдьиит өҥөтүнэн туһанар уонна бу күннээҕи олохпут үгэһигэр кубулуйан эрэр курдук. Ханнык даҕаны кыһалҕаны барытын кирэдьиит быһаарар үйэтэ кэллэ быһыылаах. Хомойуох иһин, сорох дьон бааҥҥа албыннаппыт, балыйтарбыт түгэннэрэ биирдиилээн тахса турар. Онон, туһанааччы быраабын күүскэ көмүскүүр тэрилтэнэн Роспотребнадзор диэн тэрилтэ буоларын билэрбит наада.

Роспотребнадзор СӨ управлениетын Мэҥэ Хаҥаластааҕы сирдээҕи-уоттааҕы отделын  начаалынньыга А.С.Павлов бу хайысхаҕа көдьүүстээхтик үлэлиирин холобурдуохха сөп.

Александр Семенович этэринэн, 2014 с. ордук элбэх киһиттэн үҥсүү киирбит. 2015 с.бааҥҥа сыһыаннаах кыһалҕаны быһаартараары,  тустаах отдел аатыгар 13 киһи сайабылыанньа түһэрбит буоллаҕына, былырыын 4 киһи сайабылыанньа киллэрбит.

Ол курдук, дьон  бырыһыаҥҥа диэн харчы уурдаран баран, кыайан ылбат түбэлтэлэрэ бэлиэтэммит. Дьэ, холобур, Мэҥэ Хаҥаластааҕы отдел Иванов диэн киһи туһатыгар  “Альфакредит” КПК-тан 120 тыһ. солк. төнүннэрбит. Ити эмсэҕэлээбит Иванов бу бааҥҥа 2015 с. харчы укпут. Ону ылар болдьоҕо туолбутугар, “Альфакредит” харчытын төнүннэрбэтэх. Аны туран ити кэмҥэ ити КПК оннугар “Еврофинанс” КПК тэриллибит. Маныаха тустаах отдел ирдэһэн, суукка биэрэн, “Еврофинанс” Ивановка харчытын төнүннэрбит.

Бу сырыыга аны “Альфакредит” хапкааныгар улуус өссө биир олохтооҕо Бурнашева “хаптарбыт”. Киниэхэ эмиэ туһааннаах отдел туруорсуутунан, 60 тыһ. солк. төнүннэрдилэр.

 Сайабылыанньа түһэрбит Брызгалова диэн дьахтар эмиэ “Альфакредиккэ” уурдарбыт харчытын төнүннэрэн, дьэ, “һуу” гыммыт. Ити “Альфакредит” курдук аны “Ренессанскредит” диэн бааны үҥсэн, сайабылыанньа суруйбут  Жирковка эмиэ көмөлөстүлэр.  

         Туһанааччылар тугу сыыһалларый? Дьон кирэдьиит ылбыт үөрүүлэригэр дуогабардарын аахпакка даҕаны илии баттаан эрилитэн кэбиһэллэр. Үп-харчы дьыалата олус эппиэтинэстээҕинэн, кирэдьиит ылааччылар, уурдарааччылар даҕаны олох болҕомтолоох буолуохтарын наада, — диэн сүбэлээтэ отдел начаалынньыга Александр Семенович.

Бааҥҥа сыһыаннаах боппуруоһу кэпсэтэ олорорбун сэрэйбит курдук, “Восточнай баан” филиалыттан кирэдьииттэ ыл, каартата ыл диэн эрийэн соһуттулар. “Кэбиис, кэбис”, — диэтим бааннарга албынната сыспыт дьон туһунан түгэннэри истэн баран. Онон бааннартан эмсэҕэлээбиттэр олохтоох Роспотребнадзор отделларыгар сайабылыанньа түһэрэргитин умнумаҥ. Эһиги интэриэскитин туруулаһар кыахтаахтар.

Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат”,  http: //edersaas.ru/

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0