«Ниагара» кулуубу баанньыкка кубулутарга 80 мөлүйүөн наада

11.10.2017
Бөлөххө киир:

 Аһаҕас сурук

  «Ыйыталаһыҥ эрэ!»

 «Саха сирэ» хаһыакка былырыын «Куорат Киин баанньыга «Ниагараҕа» көһөр буолла» диэн матырыйаал тахсыбыта. Ону үгүс киһи үөрэн, эгди буола түспүттэрэ. Күүтэн көрдүбүт даҕаны, мэлигир. Туох даҕаны биллибэт. Били, Черномырдин бокуонньук эппитин курдук буолла.
Билигин киин куорат олохтоохторуттан сэрии, тыыл, үлэ бэ­тэрээннэрэ, биэнсийэлээхтэр, дьиэ хаһаайкалара, куоракка кэлэр-барар ыалдьыттар бары чааһынай дэниллэр баанньык­таахтар сирэйдэрин-харахтарын кэтиир буоллубут. Паарданыы, суунуу-тарааныы киһи доруобуйатыгар туһалааҕын туһунан өссө былыргы улуу бөлүһүөктэр этэн тураллар. Киин куораппытыгар дьон доруобуйатын, олоҕун-дьаһаҕын тупсарыахтаах, онно ыкса үлэлэһиэхтээх министиэристибэлэр, тустаах тэрилтэлэр бааллар даҕаны ити боппуруоһунан дьарыктанары наадалааҕынан аахпаттар диэн көрөбүт.
Онон «Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтэ былырыыҥҥы матыры­йаалгыт ир суолун ирдээн, туох үлэ ыытыллан эрэрин туһунан сырдатаргыт буоллар диэн этэбит.

Баанньыгы сөбүлээччилэр ааттарыттан
Александр Кириллин,
Дьокуускай куорат олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ.

edersaas.ru

50-тан тахса сыл үлэлээбит Киин баанньык (Чернышевскай уулуссаҕа) саахалланар туруктанан, былырыын сабыллыбыта.

Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар аҥардас официальнай дааннайынан, 303 тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Регистрацията суох дьону уонна улуустартан кэлэр-барар ыалдьыттары эптэххэ, олох даҕаны элбээн тахсарыгар тиийэр. Дьон бары толору хааччыллыылаах дьиэҕэ-уокка олорбот. Аны туран, баанньыкка сылдьыы култуурата кэлиҥҥи кэмҥэ быдан үрдээтэ. Үгүс дьон бааннай иһигэр чалымааттаналларын сөбүлээбэт­тэр. Онон Дьокуускай куорат хас үһүс олохтооҕо нэдиэлэҕэ биирдэ хайаан даҕаны баанньыкка сылдьан паарданар, суунар.
Бүгүҥҥү туругунан, куоракка Аппа уҥуор (Залог), Сайсарыга, Оробуочай куоракка (Рабочий городок), Жорницкай уулуссаҕа чааһынай баанньыктар үлэлии тураллар. Маны тэҥэ, «Кореан» уонна «Гавайи» (бассейннаах) сауналар бааллар. Билигин үгүс дьон өрөбүллэригэр итилэргэ паарданан, массаастанан сынньаналлар.

Киин баанньыкка атыыр уочарат этэ. Тоҕо?

Киин баанньыкка ордук өрөбүл күннэргэ атыыр уочарат үөскүүр үгэстээҕэ. Тоҕо? Бастакытынан, сыаната чэпчэки этэ. Биэнсийэлээхтэр, орто хамнастаахтар бары итиннэ тиийэллэрэ. Билигин үгүөрү харчылара суохтар «Аппа уҥуоргу» (Залог) баанньыкка сылдьаллар эрээри, дьоҕуһа бэрт буолан, үгүс киһи кыайан сууммат, паардаммат. Иккиһинэн, Киин баанньык паара үчүгэй. Онон төһө даҕаны эргэрбитин, кирдээҕин үрдүнэн, паара, душевойа үчүгэйин иһин, киһи эрэ барыта Киин баанньыкка тиийэрэ. Билигин, хайыахтарай, үгүстэр 500 солк. билиэттээх ити үөһэ этиллибит сауналарга сылдьаллар эрээри, паарын соччо ахсарбаттар.

Баанньык «киин» статуһа хаалыан наада

Аҕыйах сыллааҕыта Дьокуускай куорат дьаһалтата Киин баанньыгы 17-с кыбартаалга баар «Меркурий» атыы-эргиэн киинигэр көһөрөр туһунан этэн, ити дьиэни атыылаһар санаалаахтарын туһунан иһитиннэрбитэ. Санатар буоллахха, бу дьиэ урут баанньыкка анаан тутуллан иһэн, си­тэрбэккэлэр «тоҥон» хаалбыта. Манна биири өйдүөххэ наада. Пионерскай уулуссаҕа тутуллубута буоллар, «киин» диэн статуһуттан көрө матарыгар тиийэр этэ. Куорат кытыы учаастагар турар дьиэни хайдах «Киин баанньык» диэхпитий?
Оччолорго «Меркурий» атыы-эргиэн киинин дьиэтин 290 мөл. солк. сыаналаан кэбиһэн атыыга барбатаҕа. Ол иһин, Горькай уулуссатыгар баар «Ниагара» развлекательнай киин дьиэтин атыылаһарга күһэллибит­тэрэ. Бу сөптөөх дьаһаныы. «Киин» диэн статуһа хаалыа: «Ниагара» автовокзал таһыгар турар.

                                                                                      

Мэрия санаата

«80 мөлүйүөн наада»

Эппиэттиир Дмитрий Садов­ников, Дьокуускай баһылыгын 1-кы солбуйааччы:
Киин баанньык саахалланар туруктаах буолан, былырыын сабыллыбыта. Эркинэ сууллан түспүтэ. 50-с сыллардааҕы тутуу буолан, лаппа эргэрдэ. Куруук инчэҕэйин, итии паар «оонньуурун» үрдүнэн сөптөөҕүн өр сыл сулууспалаата эрэ диир кыахтаахпыт. Куоракка Киин баанньык наадатын толору өйдүүбүт. Ол иһин, Горькай уулуссаҕа турар «Ниагара» дьиэтин атыыласпыппыт.
Бу дьиэни иһин-таһын баанньыкка анаан оҥорорго уонна саҥа оборудованиелары атыылаһыыга 80 мөл. солк наада. Билигин итиччэ харчы куорат бүддьүөтүгэр суох. Ол иһин Киин баанньык дьиэтин учаастагын кытта атыыга туруорбуппут. Бастаан утаа интэриэһиргиир урбаанньыттар бааллар этэ эрээри, билигин тоҕо эрэ чуумпуран хааллылар. Тутуу барыыта бытааран итинник буолла. Сорох тутааччылар куорат ортотугар буолбакка, кытыы учаастактарга дьиэни-­уоту туталлар. Онон Киин баанньык уонна учаастага атыыга барарын күүтэрбитигэр эрэ тиийэбит.

Дьон санаата

Аатын сотон кэбиһэр сыыһа

Алексей Степанов, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
Киин баанньык сабыллыбыта куһаҕан. Бастакытынан, билиэтин сыаната удамыр буолан, үгүс дьон итиннэ суунара. Иккиһинэн, паара үчүгэйэ. Үсүһүнэн, 50-тан тахса сыл «Киин баанньык барахсан» дэтэн кэлбит «аптарытыатын, брендин» сотон кэбиһэр сыыһа. Онон дьон да этэллэринэн, саҥа Киин баанньык тутуллуон наада.

Киин баанньыгы суохтуубун

Алексей Васильев, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтооҕо:
Киин баанньык сабыллыбыта олус куһаҕан. Улуустан командировкаҕа кэллим даҕаны эргэтигэр, кирдээҕэр кыһаллыбакка, аҥардас паара үчүгэйин иһин хайаан даҕаны сылдьарым. Билигин ити сауналарга сылдьабын эрээри, паардарын адьас астыммаппыт, сороҕор аһара сииктээх, ардыгар аһара куураҕас буолар. Онон Киин баанньык барахсаны суохтуубун. Тутуллар ини диэн эрэнэбин. Эргэ Киин баанньык паарын курдук паардаах буолара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Тэнь оһоҕу туруордахтарына, урукку баанньык статуһун ылыа суоҕа.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0