Баан каартатынан харчы ыытарга — биир тарыып киириэн сөп

21.11.2019
Бөлөххө киир:

Дойду Киин Баана биир баан иһинэн уонна атын баан килийиэннэригэр харчы ыытарга биир тарыып олохтуон баҕарар. Билигин биир баан иһинэн харчы ыытарга хамыыһыйа төлөбүрүн ылбаттар.

Бу этиини өйөөтөхтөрүнэ, хамыыһыйа кээмэйин баан олохтуоҕа. Билиҥҥитэ Киин Баан уонна Монополияны утары охсуһар федеральнай сулууспа баан каартатытан түргэнник харчы ыытарга төһө төлөбүр баар буолуон сөбүн дьүүллэһэллэр.

Сабаҕалаан көрүүнэн, харчы ыытар иһин төлөбүр 0-0,2% буолуон сөп.  Ол туһунан «РИА-новости» иһитиннэрэр.

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0