Баал Хабырыыс олоҕун, айар үлэтин туһунан викторинаҕа кыттыҥ!

17.04.2018
Бөлөххө киир:

ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ, поэт

 Гаврил Григорьевич Вешников – Баал Хабырыыс төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах «Олох дьолун туойбут поэт»

өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн викторинатын балаһыанньата 

Тэрийээччи: «Курбуһах нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата

Сыала-соруга:

— поэт олоҕун, айар үлэтин ааҕааччы киэң араңатыгар таһаарыы, инитириэһи үөскэтии;

— дьиэ кэргэни ааҕыы тула түмүү.

Кыттааччылар: оскуола саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэр (ааккытын толору суруйаҕыт, телефоңңут нүөмэрин ыйаҕыт).

Болдьоҕо: сөптөөх толору эппиэти бу дьыл бэс ыйын 15 күнүгэр диэри marfapestryakova@mail.ru электроннай почтаҕа «Викторина эппиэттэрэ» диэн бэлиэтээн эбэтэр 678354 Уус-Алдан улууһа, Уус-Күөл бөһ. Н.С.Пестряков  аатынан Уус-Күөлүн библиотеката аадырыска почтанан ыытаҕыт.

Күрэх түмүгэ: бэс ыйыгар Уус-Алдан улууһун Курбуһах нэһилиэгэр Г.Г.Вешников-Баал Хабырыыс төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах ыһыахха түмүк тахсар.

Наҕараадалааһын: Кыайыылаахтар анал дипломнарынан, бириистэринэн наҕараадаланаллар. Хас биирдии кыттааччыга викторинаҕа кыттыбытын туоһулуур суругу эһиги ыйан ыыппыт электроннай почтаҕытыгар ыытабыт.


Олоҕор сыһыаннаах

  1. Баал Хабырыыс Тандаҕа үөрэнэр кэмигэр «Уус Наһаар» диэн поэманы суруйбут, оскуолаҕа литературнай куруһуогу салайан үлэлэппит директор аата, псевдонима.
  2. Баал Хабырыыһы Ольга Скубченконы кытта ким билиһиннэрбитэй?
  3. Баал Хабырыыс скульптор идэлээх кэргэнин О.Скубченко үлэлэрэ ханнык куораттарга туралларый?
  4. Баал Хабырыыс аҕата туох дьарыктаах этэй?
  5. Баал Хабырыыс Москваҕа хас сыл олорбутай?
  6. Баал Хабырыыс хас сыллардаахха, ханна учууталынан үлэлээбитэй?
  7. Вешниковтар Тандаҕа баар сайылыктарын аата.
  8. Баал Хабырыыс таптаан, сөбүлээн ааҕар поэта?
  9. Баал Хабырыыһы кэргэнэ Ольга Скубченко таптаан ким диэн ыҥырар этэй?
  10. Поэт бииргэ төрөөбүттэрэ кимнээҕий?
  11. Баал Хабырыыс доҕорун Николай Глазкову таптаан ким диэн ааттыырай?
  12. Ийэтэ Маайа өлөрүгэр аҕаларыгар эппит кэриэс тыла.
  13. Баал Хабырыыс «саха поэзиятын халлааныгар эмискэ күлүм гыммыт Улахан сулус» диэн кими ааттыырай?
  14. Баал Хабырыыс убаастыыр, куруук махтанар, ыалдьан ыксыыр кэмнэригэр өрүү өйөттөрөр саҥастара?

Айар үлэтигэр

  1. Уус-уран литератураҕа киириитигэр ким улахан өҥөлөөҕүй уонна тоҕо?
  2. Баал Хабырыыс «Кыһыл лиэнтэ» диэн хоһоонун 1938 с. «Эдэр суруйааччылар альманахтарыгар» ким бэчээттэппитэй?
  3. Баал Хабырыыс хоһоонугар хоһуйбут «күөх кабинета» ханна баарай?
  4. «Баал уол бааллаан турдаҕына баҕар үчүгэй айымньыны биэриэҕэ». Бу ким тылларай?
  5. Баал Хабырыыс таптаан туттар өс хоһооно уонна ол өс хоһоонунан хайдах геройун характеристикалыырый?
  6. Баал Хабырыыс хас сыллаахха суруйааччылар Бүтүн Союзтааҕы хаһыс съезтэригэр делегатынан сылдьыбытай?
  7. Баал Хабырыыс маҥнайгы хоһооно кылаас истиэнэтин хаһыатыгар тахсыбыта. Хоһоон аата?
  8. Баал Хабырыыс «Сарсыарда сарсыарда курдук буолуохтаах» диэн рецензиятыгар ханнык суруйааччы айымньыларын ырыппытай?
  9. Баал Хабырыыс «Көннөрү киһи кэпсээнэ» диэн поэматын геройа?
  10. Баал Хабырыыс хас сыллаахтан ССРС Суруйаачыларын союһун чилиэнэ этэй?
  11. Нуучча улуу суруйааччытын ханнык улахан айымньытын сахалыы тылбаастаабытай?
  12. Тыыннааҕар хас кинигэни таһаартарбытай?
  13. Баал Хабырыыс литературнай конкурстарга хаста кыайбытай?
  14. Баал Хабырыыс эйэ тематыгар суруйбут хоһооннорун геройдара?
  15. «Тайҕам барахсан» хоһоону нууччалыы ким тылбаастаабытай?
  16. Баал Хабырыыс хоһоонноро ханнык омук тылларынан тылбаастаммыттарай?
  17. Ханнык литературовед «Баал Хабырыыс поэзиятын күүһэ — кини дьонун-сэргэтин олоҕуттан хаһан да быстыспат ситимнээх» диэн бэлиэтээбитэй?

Аччыгый атастарга

  1. Оҕолорго аналлаах маҥнайгы кинигэтин аата, сыла?
  2. Оҕолорго анаан суруйбут хоһооннорун сүрүн темата?
  3. Баал Хабырыыс оҕолорго анаммыт үс кинигэтин нууччалыы ким тылбаастаабытай? Кинигэлэр ааттара.
  4. «Ачыкы ханнаный?» диэн ханнык биллэр нуучча суруйааччытын хоһоонун оҕолорго анаан сахалыы тылбаастаабытай?
  5. «Киниэхэ баара уйан

Аһынар, хараанныыр баҕа.

Бу киһиҥ хара тыатын

Тоҥортон быыһыы сатыыр…»

Бу кимий?

  1. «Атаанныыр, амньыалыыр,

Аанньа аһаппат

ҥ        Дьиэтиттэн киэр кыйдыыр,

Аһыммат аҕата…»

Бу ким туһунан уонна ханнык айымньыттан?

  1. «Бииккэнэн лэппиэскэни

Ойуулаабыт кэриэтэ,

Көрөбүт хаарга кини

Суола ала бэлиэтин.»

Бу туох суолай?

Айымньыларыттан

  1. «Умуллубат сулустар» поэматын 1 чааһыгар эпиграф быһыытынан ким тылларын туттубутай?
  2. «Күөх ойуур суугунуур» поэма сүрүн геройун аата?
  3. «Киһи барыта ийэлээх,

Кини күндүтүк саныыр.

Киһи барыта сүрэхтээх

Ийэни истиҥник таптыыр…»

Бу ханнык айымньытыттан быһа тардыыный?

  1. «Сүрэ5им, эн эрэйдиигин, —

Аһаҕастык этэбин.

Ол эрээри син тэбэҕин,

Махтанабын бу иһин…»

Бу ханнык поэт хоһоонун Баал Хабырыыс сахалыы тылбаастаабытай?

  1. «Эмиэ ураты поэткын,

Бөрүө оннугар – илииң,

Оттон суруйар кумааҕың

………………………….. »

Хоһоон салгыыта?

  1. «Өстөөхпөр буол кынчаал,

Ийэ дойдубар – таптал,

Куһаҕаңңа – хомолто,

Үчүгэйгэ – үрдүк дьол!»

Бу туох туһунан тылларый?

Таптыыр дьарыга – булт

  1. Баал Хабырыыс бултуурун олус сөбүлүүрэ. Кинини кытта бултаспыт саха суруйааччылара кимнээҕи билэҕит?
  2. С.Р.Кулачиков-Эллэй Баал Хабырыыска литератураҕа, тылга учуутал этэ. Онтон Баал Хабырыыс киниэхэ туохха учуутал этэ?
  3. Баал Хабырыыс сөбүлээн бултуур сирдэрин аата?
  4. Хоһооннору ситэриң:

«Ситии курдук ыллык

Сүрэхтэн сүппэт мэлдьи.

Олустук таптыырым

Отоннууру, …………»

  1. «Туһаанннаах туукка саа көстүмнэ,

Туһахтыыр, …………. этим.»

  1. «Көрөгүт, мин тыыланаммын

Күөлгэ …….. үтэрбин.»

Ырыанньык-поэт

  1. Баал Хабырыыс ханнык хоһоонноругар Виталий Андросов мелодия суруйбутай?
  2. «Сибэккилээх түннүк» хоһооңңо 2 мелодист матыып суруйбуттара. Кимнээҕий?
  3. «Халдьаайы саҕанан,

Хатыңы быыһынан,

Кылбаңныы хамсаата

Кыыс маңан былаата…»

Бу ханнык ырыаттан тылларый?

  1. Оҕолорго аналлаах хоһоонноругар айыллыбыт ырыалары ааттаталааң, мелодистара кимнээҕий?
  2. Поэт төрөөбүт дойдутугар бүтэһигин кэлэ сылдьан «Харалаайы» хоһоону суруйан хаалларбыта. Бу хоһооңңо ким мелодия суруйбутай?

Үйэтитии

  1. Хас сыллаахтан «Вешниковскай ааҕыылар» ыытыллалларый?
  2. Ольга Скубченко Баал Хабырыыска анаан хас памятнигы оңорон Саха сиригэр аҕалтарбытай, ханна туралларый?
  3. Баал Хабырыыска анаан «Ыар кэм ырыаһыта» хоһоону ким суруйбутай?
  4. «Сахаларга биир бастың

Поэтынан биллибит

Баал Хабырыыс норуотугар

Бэрт үгүһү бэлэхтээбит…»

Бу ким хоһоонуттан быһа тардыыный?

  1. Баал Хабырыыска анаммыт «Ийэҕэ махтал» монументальнай скульптура хас сыллаахха туруоруллубутай?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0