Баайаҕалар бэтэрээннэрин бастыҥнык эҕэрдэлээтилэр

09.05.2020
Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгин олохтоохторо бэтэрээннэрин Улуу Кыайыы 75 сылынан хайдах эҕэрдэлээбиттэрин туһунан нэһилиэк аҕа баһылыга Роман Романов саайтпытыгар сырдатар.

— Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө нэһилиэкпитигэр билигин 12 тыыл бэтэрээнэ уонна 25 сэрии оҕолоро баар. Биһиги корнавирус дьаҥын кэмигэр элбэх киһини муспакка эрэ бэтэрээннэрбитин дьиэлэринэн сылдьан, биирдиилээн эҕэрдэлээтибит. Ол курдук тыылга аас-туор олоҕу билбит ытык дьоммутугар астаах-үөллээх тоҥорор лаардары бэлэхтээтибит.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0