Баайаҕыын Ньукулай — Мандар Уус уҥа илиитэ

Ааптар: 
24.02.2020
Бөлөххө киир:

Ньукулай Дьөгүөрэп — Баайаҕыын Мандар Уус оҥоһуктарын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөөрү Баайаҕа мусуойуттан анаан  мунньан аҕалбыт.

edersaas.ru

Николай Иванович сорох экспэнээттэри ытык уус дьоҥҥо бэлэхтээбит оҥоһуктарын ааттаан-суоллаан уларсан аҕалбыт:

Убайбыт үлэлээбитин тухары бэрт элбэх үлэни оҥордо ини да, мунньан-тараан быыстапкалаары гыннахха, аҕыйах эбит. Үксэ сакааһынан оҥорор буолан, ол дьонтон анаан көрдөһөн, уларсан аҕалан бу туруордубут. Ол курдук, Сөдүөт Тумууһап, Афанасий Ноев, Николай Винокуров-Урсун утары баран, Мандар Уус бэлэххэ оҥорбут оҥоһуктарын уларыстылар.

Убайбыт сааһын тухары Саха сирин кэрийэ сылдьан мунньубут саха быһаҕын араастарын — 25 суол  быһах көрүҥүн быыстапкаҕа туруордубут. Ону тэҥэ араас мусуойдарга баар оҥоһуктары холобурга диэн туруордубут. Ол курдук, Емельян Ярославскай аатынан мусуойга турар үҥүүтэ, Дархан батыйата, кылыһа, Өлөөн түмэлигэр харалла сытар, нууччалыы эттэххэ,  «оригинал» үҥүүтэ… Мандар Уус сүрүн соруга — бар дьоҥҥо былыргы сахалар булка туттар тэриллэрин хайдах баарынан көрдөрөн билиһиннэрии. Бу үлэлэригэр кини төһөлөөх күүһүн, кыаҕын түмпүтэ буолуой? Убайбыт биир улахан үтүөтэ бу. Дьон аҥардас кэпсээнинэн эрэ буолбакка, тутан-хабан көрдүн диэн. 

Мандар Уус үлэлэрин тэҥэ кини үөрэнээччилэрин оҥоһуктара түмүллэн, улахан түмэл тутуллар буолла! Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев Баайаҕаҕа тиийэ сылдьан, «Духуобунас академигын үбүлүөйүгэр бүтэриҥ «диэн сорудах биэрбитэ. Инньэ гынан, биһиги үлэ бөҕөҕө тиксэн, нэһилиэк барыта сүүрэ-көтө сылдьар.  Улуукан киһибит олох эдэриттэн, сэбиэскэй кэмнэртэн толкуйдаан, дьаһанан ылсыбыта, билигин дьэ кэмэ олохтоохтук кэлэн, тимир уустар үлэлэрэ тиллэн тахсыытыгар, аны бэйэбит түмэллээх буолар буоллубут, — диэн Ньукулай Байаҕыын санаатын үллэһиннэ.

Баайаҕыын муннугар аалыҥнас киһи. Саҥа кэпсэтэн истэхпинэ, итиннэ тиэтэтэн ылаллар, «манна кэлэ оҕус» диэн ыҥыраллар. Онон Николай Иванович былдьаһыкка сылдьар киһи буолла. Аттыбытынан ааһан иһэр 80 сааһын туолаары сылдьар кырдьаҕаһы Ньукулай Баайаҕыын анаан тохтотто:

Бу ытык киһини кытта хайаан да хаартыскаҕа түстэххэ табыллар. Таатта Кыйытын төрүт сахалыы уһанар тимир ууһа Иван Слепцову  билбэт киһи суох. Бу баар — дьиҥнээх тимир ууһа! — диэн Баайаҕыын ытык кырдьаҕаһы тохтотон, хаартыскаҕа  түһэн ылла (Иван Павловиһы кытта салгыы кэпсэтиибитин туспа эмиэ билиһиннэриэм).

Оттон «Мандар Уус: айылгы уонна айымньы» киинин салайааччыта Прасковья Бурнашованы кытта Баайаҕыын бииргэ үлэлииллэр, Мандар Уус үлэтин киэҥ араҥаҕа тарҕатааччылар. Өрүү иккиэн сиэттиспитинэн сылдьан, үтүмэн тэрийэр үлэни ыытар дьон кинилэр.

Бу куораттан тиийэ эккирэтэн кэлэн, Баайаҕыыҥҥа үөрэммит Дарханы эһиги номнуо билэҕит. Дьэ, ити курдук, кырдьык, Мандар Уус өбүгэ саҕаттан кэлбит норуот баайын «тилиннэрбит» сэбин-сэбиргэлин тэҥэ  бэйэтин уонна үөрэнээччилэрин оҥоһуктарын түмэр түмэллээх буолара — улахан сииһии. Бу экспэнээттэр өрүү биир сиргэ хараллан сыппакка, дьон-сэргэ көрүүтүгэр сылдьарын ааһан, өбүгэлэрбит былыргы үөрүйэхтэригэр аны ыччаттарбыт уһуйуллан тахсыахтара турдаҕа. Бу буолар Мандар Уус үлэтин, олоҕун сүрүн ис хоһооно. Онон икки бырааһынньыктааҕы күн ыытыллыбыт «Дархан Уус» тимир уһаарааччыларын тэрээһинэ олус дириҥ ис хоһооннонно. Маныаха быыстапканы тэрийсиигэ улахан өйөбүлү оҥорбут Ньукулай Баайаҕыын эдэр тэрийээччилэргэ холобур буолар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа уонна видеоҕа ааптар түһэриитэ уонна устуута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0