Баайаҕалар кыһалҕалаах кэмнэригэр «Айгуль» эргиэн хампаанньата бурдугунан салҕаабытын умнубаттар

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр киэҥник биллэр “Айгуль” ХЭУо эргиэн хампаанньата үлэтин саҕалаабыта 25 сылын туоларынан, Таатта улууһуттан Баайаҕа нэһилиэгин олохтоохторо эҕэрдэлэрин уонна махталларын ыыттылар.

edersaas.ru

“Ытыктабыллаах Флида Миргазимовна! Биһиги, саха чулуу уолун Былатыан Ойуунускай ийэтин Евдокия Ивановна Слепцова-Дьэбдьэкиэй уонна этнограф, бөлүһүөк, биллиилээх тимир ууһа Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус биир дойдулаахтара, тэрийбит хампаанньаҥ бэлиэ кэрдиис кэминэн Эйигин – улахан сүрэхтээх, үтүө санаалаах киһини ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит уонна үтүөҕүн умнубаппыт, дириҥник махтанабыт”, — диэн нэһилиэк баһылыга Роман Романов илии баттааһыннаах Эҕэрдэ сурукка этиллэр.

Таатта улууһун уһук нэһилиэгэ Баайаҕа 2007 уонна 2008 сыллардааҕы халааннар содулларыгар итиэннэ, наарын оҥорон, 2009 сыл сааһыгар Уус Тааттатааҕы потребуопсастыба бэкээринэтэ сабыллан хаалан, улахан кыһалҕаламмыта: улуус киинин кытта сылдьыһар суола алдьаммыта, бэкээринэтэ уонна хаһаас аһа-үөлэ суох хаалбыта. Бу ыктарбыт, ыксаллаах кэмнэригэр “Айгуль” эргиэн хампаанньатын салайааччыта Флида Миргазимовна Габбасова төрүт билбэт дьонугар доҕордуу илиитин уунан, оччолорго бэкээринэ арынан үлэтин саҥа саҕалаабыт урбаанньыт Екатерина Николаевна Апросимоваҕа 20 туонна бурдугу иэс биэрэн, нэһилиэк олохтоохторун абыраан турар. Ону баайаҕалар хаһан даҕаны умнуохтара суоҕа.

Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0