Баайаҕа бадарааннаах суола

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Төрөөбүт нэһилиэгим киһини өйдүүр буолуохпуттан ыла «бадарааннаах Баайаҕанан» аатырбыта. Төһө да дойдубар сыл баһыгар-атаҕар охсулуннарбын, бадарааны оймуур дьолтон сыл ахсын маппакка тустаах “дозабын” ылар эбиппин. Бу балаҕан ыйын 10 күнүгэр суолу былдьаһа, 18 чаастаах айан кэннэ Дьокуускайга булбут дьолум иэйиилэриттэн үллэстэ түһүүм…

 Сылтан сыл сааскы саадырын уутуттан саҕалаан күһүн сир тоҥуор диэри, муҥу­таан 1200 киһилэнэ сылдьыбыт Таатта улууһун биир сис нэһилиэгэ «таҥара илиитигэр киирэн», халлаан хайа атаҕар үктэнэн турбутуттан тутулуктанан олорор. Баайаҕа нэһилиэгин киинэ Томтор билиҥҥи суолунан аахтахха, улуус киинэ Ытык Күөлтэн 90-ча км ыраах сытар. Мантан 20-чэ км «Халыма» федеральнай аартыкка, 20-чэ км Ытык Күөл – Уус Таатта өрөспүүбүлүкэ суолталаах суолга киирсэллэр, онтон ордуга улуус иһинээҕи суолунан ааттанар. Ол олох­тоохтор «бэйэбит суолбут» диэн ааттыыр, сүнньүнэн, Хоту Лампа диэн Таатта тардыытыгар киирэр от үрэҕи миинэн сытар 40 км кэрчик ордук уйан сиринэн биллэр.

Суол үс сиринэн алдьанна

Бу Баайаҕа цивилизацияны кытта ситимэ буолбут суол, быйылгы күһүҥҥү күүстээх ардахтар кэннилэрит­тэн, «үгэһинэн», үс сиринэн улаханнык быһа охсулунна: бастакыта уонна биһиги айанныырбытыгар ордук улаханнык эмсэҕэлээбитэ, Томтор бөһүөлэгиттэн соччоҕо ырааҕа суох Баайаҕа үрэх тардыытыгар, иккиһэ, Хоту Лампаҕа түһэр Нэлимньи от үрэх төрдүнэн, үсүһэ, Хоту Лампа бэ­­йэтэ Таатта үрэххэ түһэр төрдүттэн арыый үөһэнэн. Ону тэҥэ, айаннаан иһэн көрдөхпүнэ, кырата 10-ча сиринэн тыаттан киирэр үрүйэлэр-харыйалар ууланан, суолу кыйа сытар көлүйэлэр, хоруулар хааларыттан тахсан суолу быһа оҕустулар, үрдүнэн чаалыйдылар. Кумах, таас араҥата суох, туой буортан кутуллубут суол суураллан дириҥ аппалар, уодаһыннаах хайа охсуулар, тыраахтар өрөҕөтүттэн ыйанар колеялара үөскээтилэр.

Ас-үөл бүтэр кутталланна

Суол быстыбытынан сибээстээн нэһилиэк баһылыга Роман Романов балаҕан ыйын 10 күнүгэр кутталлаах быһыы-майгы эрэсиимин биллэрдэ. Өссө кыһын олохтоох кэтэх бэкээринэ сабыллыаҕыттан бөһүөлэк, сайыҥҥы ардахтарга быста сыһа-сыһа оттон-мастан тардыһан, 60 км Уолбаттан, 90 км Ытык Күөлтэн килиэбинэн хааччыллан олорбута тамты быһынна. Ардах уута соһуччу кэлэн олохтоох маҕаһыыннарга хаһаас суоҕунан нэһилиэнньэни аһынан-таҥаһынан хааччыйыы эмиэ атахтанар кутталланна. Олохтоох дьаһалта маҕаһыыннарга, тэрилтэлэргэ, ыалларга баар сүрүн аһылыктарын саппааһын эридьиэстээтэ. Ол курдук, сорох ыаллар хаһаас бурдуктара хайыы үйэ бүтэн эрэрин туһунан өссө Баайаҕаҕа сылдьан истибитим…

Толоруллубатах эрэннэрии

Кыра ардаҕы, бадарааны билим­мэт буола “тириилэрэ халыҥаабыт” олохтоох таксистар салгыы суол көнүөр диэри айанныыртан аккаастаммыттарынан, кыл мүччү бүтэһик массыынаҕа түбэһэн, 40 км “бэйэбит суолбутугар” “Беларусь” тыраахтар арыалдьыттаах, кырдьыга, суол аҥаа­рын соһуллан кэриэтэ айаннаатыбыт. Дэриэбинэттэн 9 чаас ааһыыта тахсыбыт айанньыттар Ытык Күөлү 16 чаас саҕана булбуппут, биһиги улуус киинигэр тиийиибитигэр быыбар бүлүтүөннэрэ өссө кэлэ иликтэрэ… Онно “Халыма” федеральнай суол ардах кэннинээҕи туругун, Мугудай уонна Чурапчы улууһун быыһын икки ардынааҕы суол кэрчигэр быстыыны эп­­тэххэ, төһө өр уонна хайдах айаннаабыппытын үгүс киһи өйдүө дии саныыбын. Быһата, түүн 12 чаастаах тиһэх парому баттаһан Туймаада хочотугар аара хоммокко үктэммиппитигэр Айыыһыкка уонна суоппарга махтал!

“Эрэйдээх этигэс, муҥнаах булугас” диэн өбүгэлэрбит сөпкө да эппиттэр эбит. Урааннаах уһун күн устата салҕаммыт айаммар, массыынаҕа түҥкүл-таҥкыл түһэн иһэн санаан көрбүтүм, аҥаардас мин, отуччалаах киһи, өйдүүрбүнэн, 2001 сыллаахха Вячеслав Штыров Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнигэр хандьыдаатынан туруоҕуттан ыла, суолу оҥорторуох буолан төһөлөөх араас таһымнаах хандьыдааттар, кинилэр дэбиэринэйдэрэ, быыбардыыр ыстааптарын салайааччылара, агитатордара эппиттэрэ, эрэннэрбиттэрэ буолуой?! Ол тухары 10 км суол тутуутугар эрэ үп көрүллүбүтэ да Баайаҕа үрэҕин туоруур муостата кыаттарбакка, ситэ туһалаабакка турар…

“Суол дьулуурдаахха тобуллар”

Нэһилиэнньэ аҕыйыыра, нэһилиэк олоҕун уйгута, дьон доруобуйата – барыта суолу кытта ыкса ситимнээх. Ол чаҕылхай туоһута – Баайаҕа суола мөлтөх буолан, оҕо уһуйаана, култуура уонна спорт киинэ тутуллан иһэн кэмигэр сиппэтэхтэрэ. Онно СӨ Духуобунаска академиятын академига Мандар Уус, саха төрүт дорҕоонун сөргүтээччи Клавдия уонна Герман Хатылаевтар өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕону үөрэтэр лааҕырдара баҕалааҕы барытын хаппаттарын, “Баай Ас” ТХПК үтүөкэннээх үрүҥ аһа атыыга толору тахсыбатын, кыаҕын ситэ туһаммакка сабыллыбыт олохтоох бэкээринэни уонна нэһилиэк уустарын, историятын кытта ситимнээх этнотуризм сайдар кэскилин эптэххэ, хартыына толорутук көстөр.

Нэһилиэк дьоно ардаҕы, бадарааны аннынан көхтөөхтүк быыбардаан талбыт саҥа Ил Дархаммыт, Ил Түмэммит дьокутааттара, улууспут баһылыга онуоха көмөлөһөллөрүгэр эрэнэбит.

Гаврил АНДРОСОВ,

Баайаҕаттан төрүттээх,

Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, суруналыыс.

 

Министиэристибэ уонна улуус быһаарыыта

Бу суругу тутан баран, «Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтэ тустаах биэдэмистибэттэн, улуус дьаһалтатыттан быһаарыы ыыталларын ирдээтэ. Ылбыт хоруйдарбытын бэчээт­тиибит.

 

Иван Махначевскай, суол сулууспатын уонна айан тырааныспарын департаменын салайааччытын солбуйааччы:

— Баайаҕа суолун тутар тэрилтэ билигин да докумуонунан быһаарылла илик. Барыллаан эттэххэ, үлэни “Таатта автодор”ААУо ылсара буолуо. Суолу уу  түстэҕинэ биирдэ оҥорон саҕалыахтара. Муоста тутуутугар улуустан сайаапка киирбэтэҕэ.

Ариан Потапов, Таатта улууһун баһылыгын тутууга солбуйааччы:

— Балаҕан ыйын 13 күнүгэр СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн, СӨ суол хаһаайыстыбатын салалтатыттан анал хамыыһыйа кэлэн Баайаҕа суолун көрөн акт оҥорбута. Суолу өрөмүөннүүргэ смета оҥоро сылдьабыт. Билиҥҥи туругунан Баайаҕа суолун сырыыта олус эрэйдээх. Үлэлиир тиэхиньикэ кыайан тиийбэт. Суол куура түстэҕинэ үлэ саҕаланыаҕа.  Суол тутуллуоҕа.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0