Быйыл саас Таатта улууһун хас биирдии нэһилиэгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ кытта Даайа Амматыгар тиийэн, 89 саастаах булчут Дмитрий Дедюкин аарыма бөрөнү бултаабытын туһунан сонун тилийэ тарҕаммыта.
edersaas.ru
Таатта Баайаҕатын олохтоохторо Миитэрэй Дьөдьүүкүн туһунан киэн тутта кэпсиир киһилэрэ. Онон, күндү ыалдьыт, эйиэхэ баайаҕалар тиийбит күҥҥэр тута ытык кырдьаҕастарын туһунан үөрэ-көтө кэпсииллэригэр бэлэмнэн. Ол курдук, Миитэрэй оҕонньор 2000 сыллаахха Дьохсоҕоҥҥо дьоҥҥо уонна сүөһүгэ кутталламмыт, олохтоох булчуттар тоһуурдарыгар киирбэт өйдөөх адьырҕа бөрөнү тохсунньу тоһуттар тымныытыгар баран бултаан, олохтоохтор уоонна дьаһалта махталын ылан турар.
Ытык кырдьаҕас быйыл кулун тутар ыйга Амма эҥэрин бөрө буулаан, кыайтарбакка, Даайа Амма нэһилиэгин баһылыга Петр Петров көрдөһүүтүнэн, онно тиийэн хапкаан иитэн, аарыма кырдьаҕас бөрөнү биир түүн иһигэр хаптаран соһуппута. Баайаҕа аатырбыт бөрөһүтэ ити курдук 21-с үйэҕэ олорон, “20-с үйэ чулуу булчута” бочуоттаах аатын толору дакаастаан турар. Онон байанайдаах булчут ханнык да үйэ кэлэн турдун, 89 сааһыгар сырыттар, хастыы да көһүнэн хапкаан иитэр, хара саһыл кыбыныылаах тыаттан эргиллэр.
— Биһиги аҕабыт улахан хомолтото, олоҕор сыыһа туттарбыт кэмсиниитэ – 28 сааһын туолан эрэ баран 1956 сылтан сүүрүүнэн дьарыгырбыта буолар. Төһө да сааһа хойуутаан, ким да сүбэтэ суох сүүрүүнэн дьарыгырдар, бастаан сүүрдэҕин сыл 5 уонна 10 км дистанцияларга бастаан, оройуон рекордун олохтообута. Онон ыла оройуон чиэһин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар көмүскээн барбыта, — диэн кэпсиир кыыһа, СӨ доруобуйа харытабылын туйгуна Людмила Тимофеева.
Оттон түөрт оҕоттон саамай балыстара Саргылаана Дедюкина аҕатын туһунан бу курдук олус истиҥник кэпсиир:
— Мин ыал кырата, мурун бүөтэ ааттанан ийэлээх аҕабар бүтэһик ороһу оҕонон төрөөбүппүн. Ас амтаннааҕын аһаан, таҥас маанытын таҥнан улааппытым. Дьон түөртээх кыыстан:”Ким оҕотоҕун?” – диэн ыйыттахтарына: “Миитэрэй мааны кыыһынабын”, — диэн чап гыннарар үһүбүн. Кырдьык, мааны да мааны этим, — диэн үөрэ-көтө кэпсиир Миитэрэй кыра кыыһа, билигин бэйэтэ эбээ киһи. Саргылаана куораттан сайылыы кэллэҕинэ, аҕалаах кыыска кинилэр саҕа дьоллоох дьон суох.
Миитэрэй о5онньор аһыыр остуолун үрдүгэр оҕолоро кэргэнинээн Христина Иннокентьевналыын ыал буолбуттара 60 сылыгар оҥорбут хаартысканан дьүһүүйүүлэрин анаан ыйаан туруорар. «Дьиэм баар суох күндү киэргэлэ бу«, — диэн көрдөрөр.
Кырдьык да, бу истиэндэ бэйэтэ дьиэ кэргэн түмэлин биир муннуга диэххэ сөп. Дедюкиннар баайдара, олохторун киэргэлэ — кинилэр ыччаттара.
Мин дьиэтигэр ыалдьыттыырым саҕана Миитэрэй сарсыарда алта чааска туран дьэдьэннээн киирбит этэ. «Быйыл чугаһынан үүммэтэх«, — диэн «мыына» олороро.
Киирэрбэр Дмитрий Ефремович остуола хаһыатынан толору этэ. Бу түгэн хайдах эрэ сэбиэскэй кэми, оҕо сааспын санаппыта. Хаһыатчыт идэлээх киһи буолан, сибиэһэй хаһыат сыта муннубар саба биэрэн, дууһабын сылааһынан угуттуурга дылы буолбута. «Почта кэллэ дуо?» — диэбиппэр, сэһэргэһээччим олус үөрэн: «Хаһыаттарбын бу билигин аҕалан биэрдилэр. Дьэ, үөрэн аҕай олоробун. Хаһыат — күнүм-ыйым», — диэн 89 саастаах киһи ачыкыта-таймата суох «Саха сирэ» хаһыаты бастакынан арыйталаан барбыта, ханна туох суруллубутун билиһиннэрбитэ. Мин ити хаһыакка үлэлиирбин бэйэбиттэн кэлин истибитэ.
Баайаҕа нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһын кытта ирэ-хоро кэпсэтэн, сып-сылаас чэйин иһэн, бэрэскитин амсайан, иккиэн да олус үөрэн-көтөн тарҕаспыппыт.
«90 сааскын томточчу туолан, билиҥҥиҥ курдук 100 сааскар тиийэ сүүрэ-көтө сырыт «, — диэн алгыыбын, Миитэрэй Дьэкириэмэбис. Көрсүөххэ диэри, ытык кырдьаҕас! — диэт, мин ыалдьытымсах кырдьаҕас дьиэтиттэн тахсан барбытым…
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.