Баахтанан үлэни бастакынан киллэрбитэ

25.03.2020
Бөлөххө киир:


Ньурбатааҕы хайаны ба­йытар кэмбинээт (НХБК) тэриллибитэ 20 сылын бэлиэтиир. Нолуоктан өрөспүүбүлүкэҕэ киириитэ Саха сирин бүддьүөтүн үс гыммыт бииригэр тэҥнэһэр «АЛРОСА» хампаанньа бөлөҕөр киирсэр тэрилтэлэртэн биирдэстэрэ буолар.

edersaas.ru

Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээт АЛРОСА алмааһы уопсай хостооһунугар өлүүтэ 2019 сыллаахха 26,7% тэҥнэспитэ.
Биллэрин курдук, Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээт Ньурба улууһугар Накыыннааҕы уруу­далаах сири – “Ньурбатааҕы” уонна “Ботуобуйатааҕы” кимберлиттээх туруупканы, бытархай боруодалары хостооһуну баһылыыр.
Холобур, «Ньурбатааҕы» карьерга бастакы көрдүүр үлэлэр 2000 сылтан саҕаламмыттара. Туһалаах баайы аан бастаан 2003 сыллаахха хостообуттара, тута 16 нүөмэрдээх байытар фабрика тутуллубута.
Баайдаах сири баһы­лааһын аһаҕас ньыманан ыытыллар. Бырайыак быһыытынан, маннык ньыма 570 миэтэрэ дириҥҥэ диэри туһаныллар. Карьер сиртэн хостонор баайы биэрэр болдьоҕо 2043 сылга диэри суоттаныллар.

Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээт – Саха сирин хайа-байытар бырамыысыланнаһын лиидэринэн билиниллибит, ис уонна аан дойду ырыынагар үрдүк хаачыстыбалаах, туһалаах бородууксуйаны таһаарар. Онуоха, бигэ тирэҕинэн ха­­йа-байытар кэмбинээт кэлэктиибин дьаныардаах үлэтэ буолар.

ОЛОХТООХ КААДЫРДАР

Ньурбатааҕы хайа байытар кэмбинээт олохтоох каадырдары үлэҕэ тардан, баахта ньыматын аан бастакынан туһаммытынан алмаастаах хампаанньа устуоруйатыгар киирбитин киэн тутта этэбит. Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү улуустарын, Мииринэй, Дьокуускай куорат олохтоохторо хаһан да үлэлээн көрбөтөх идэлэрин баһылыы кэлбиттэрэ. «Сахалар бырамыысылыннаска үлэлиир кыахтара суох» диэн балыырдаах өйдөбүл сыыһатын үлэлэринэн-хамнастарынан бигэргэтэн барбыттара. Саха сатаабатаҕа, саха ылсыбатаҕа суох – билигин НХБК кэлэктиибин 1533 киһититтэн улахан аҥаара – олохтоох уолаттар уонна кыргыттар. 2000 сыллаахха аан бастаан аһылларыгар 260 киһилээх буоллаҕына, 2020 сылга үлэһитин ахсаана 6 төгүл кэриэтэ элбээтэ. Кэмбинээт үлэһиттэрин ахсаана сыл аайы элбии турара оҥорон таһаарыы кээмэйэ ­улааппытын уонна саҥаттан саҥа эбийиэктэр олоххо киллэриллибиттэрин кытта сибээстээх.
Үлэһиттэр олорор, үлэлиир баахта бөһүөлэктэрэ 15 коттедж-дьиэлээх, ABCD куорпустаах, Е дьаһалта куорпустаах (остолобуой, аактабай саала). Билигин бөһүөлэккэ уопсайа 990 олорор миэстэ баар. Быйылгыттан 112-лии куойка-миэс­тэлээх 2 саҥа уопсай дьиэ тутуллара былааннанар.

АЛРОСА УОННА КЭМБИНЭЭТ

АЛРОСА үлэтин ыытар алмаас­таах түөлбэтигэр – 8 улуус олохтоохторугар улахан кыһамньытын уурар. АЛРОСА аахсыйаларын 1 бырыһыанын Ньурба улууһа бас билэр, онон олохтоох бүддьүөтү дивиденнэринэн эбии толорорго кыаҕы биэрэр. АЛРОСА 2019-2021 сылларга Ньурба улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар бииргэ үлэлиир туһунан Дуогабары түһэрсибитэ. Хампаанньа тус сыаллаах үбүнэн көмөтө балыыһалар, уһу­йааннар, оскуолалар, успуорт дьиэлэрэ, ­суоллар, муосталар, уунан хааччыйар эбийиэктэр уо.д.а. бастакы уочараттаах социальнай эбийиэктэри тутууга хайысхаланар. Манна сыһыаран эттэххэ, АЛРОСА Саха сиригэр социальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ сыл аайы 10 миллиардка тиийэ үбү биэрэр. Ити курдук, нэһилиэнньэ нус-хас олоҕун хааччыйар сыаллаах социальнай бииргэ үлэлээһин АЛРОСА үлэтин биир уратытынан буолар.
Маны сэргэ, успуорт сайыҥҥы аһаҕас балаакката саҥардылынна, Накыыҥҥа салалта дьиэтигэр буфет аһылынна, баахта бөһүөлэгин ­дьиэлэригэр олоххо-дьаһахха туттуллар тиэхиньикэ толору саҥардылынна, анал таҥаһы биэрэр пуун күн аайы үлэлиир. Кэскиллээх былаан туһунан эттэххэ, быйыл Накыыҥҥа МТС сибээһин LTE технологияҕа көһөрөргө тэрилин саҥардар былааннаах, оччотугар Интэриниэт үлэтэ тута тупсуоҕа.

КҮННЭЭХ КОЛЛЕКТОРДАР УОННА ЭКОЛОГИЯ

Ыарахан уонна күүстээх үлэҕэ хайдахтаах да тиэхиньикэ эргэрэр, үлэлиир болдьоҕун аһарар. Ол да иһин, 20 сылын туолар кэмбинээт үлэтигэр-хамнаһыгар саҥаттан саҥа технологиялары уонна инновациялары туһанар.
Аҥаардас 2019 сылга биир LiebherrR9250 экскаваторы, икки HBM-NOBASBG 240 грейдеры, 6 БелАЗ-75581 бэйэтэ сүөкүүр массыынаны атыылаһан, үлэһиттэр ноҕуруускаларын чэпчэттэ, оҥорон таһаарыы кээмэйин улаатыннарда.
Кэмбинээт быйыл тиэхиньикэнэн сэбилэнии бырагырааматын чэрчитинэн, хайа уонна суол үлэлэригэр анаан, үрдүк таһаарыылаах үлэлээх тиэхиньикэни атыыласта.
Аны туран, кэмбинээт тулалыыр эйгэҕэ куттала суох технологиялары туһанарынан уратылаах. Ол курдук, Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээт хас да сыл туһаммыт күн уотунан үлэлиир коллектордара тулалыыр эйгэҕэ уонна экэниэмикэҕэ туһалаахтара былырыын үрдүктүк сыаналаммыттара. АЛРОСА эбийиэктэриттэн биирдэстэригэр күннээх коллектордары (күн энергиятын ылар тэрил, экология өттүнэн ыраас уонна тулалыыр эйгэҕэ куттала суох технология) олоххо киллэрии – боруобалааһын быра­йыага этэ. Бырайыак ситиһиилээҕэ, туһалааҕа дакаастанна. Күннээх коллектор сис­тиэмэтин туһаныы кэмигэр 85 туоннаҕа тиийэ уматык ороскуота кэмчилэннэ.
Онон, Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээт 2019 сылга АЛРОСА тулалыыр эйгэҕэ буортута суох биир тэрилтэтинэн ааттаммыта мээнэҕэ буолбата. “Эко-Лидер 2019” куонкурус түмүгүнэн биэс баалтан 4,66 баалы ылбыта.
Кэмбинээт операционнай көдьүүһү үрдэтиигэ АЛРОСА саҥа бырайыактарын олоххо киллэриигэ бастакынан хардыыны оҥорооччу буолар. 2019 сыл 4 кыбаарталыттан “Идеальная смена” бырайыак үлэлиир. Тырааныспар үлэтэ HotSeat, ЕТО – PitStop схеманан оҥоһуллар.
2020 сыл олунньутуттан автобаза суоппардарыгар уонна карьер тиэ­йэр-таһар тэрилин машинистарыгар прогрессивнай бириэмийэлээһин боруобаланна. Үлэ түмүгүнэн, маннык бириэмийэлээһини тиһигин быспакка туһанар туһунан быһаарыы ылыллыаҕа.

КЭСКИЛЛЭЭХ БЫЛААННАР

Карьер сиртэн хостонор баайы биэрэр болдьоҕо 2043 сылга диэри суоттаныллыбытын да иһин, Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээт өссө да уһун сылларга үлэлиэҕэ. Тоҕо диэтэххэ, “Ньурбатааҕы” карьер аттыгар өссө да кэскиллээх бытархай бо­­руодалар бааллар. “Ботуобуйа” карьертан ырааҕа суох сиргэ алмаас бытархай боруодалара сыталлара биллэр. Накыын чугастааҕы кэскилинэн “Майскай” туруупка буолар, туруупканы арыйыы 2021 сылга былааннанар.

УЛАРЫЙЫЫЛАР ДА ТУМНУБАТТАР

Кэмбинээт тэрээһин үлэтигэр хаста да уларыйыылар таҕыстылар. Саҥа сыахтар аһылыннылар, ол иһигэр үлэлии турбут сыахтар уонна подразделениелар кыччатылыннылар (оптимизация).

ххх


Андрей Николаевич СТЕПАНОВ, Ньурба куораттан төрүттээх:
Мин бэйэм авиационнай үөрэхтээх буоламмын, Ньурба аэропордугар үлэлээбитим. Онтон дойдуга тахсыбыт уларыйыыларынан, тэрилтэбит үлэһитин ах­­саана аҕыйаабыта.
Онтон 2000 сыллаахха Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээт аһыллан, бастакынан үлэҕэ киирбиттэртэн биирдэстэрэ буолабын. Тута фабрикаҕа үлэҕэ ыланнар, бастаан дробильщиктаабытым, онтон пульту салайар операторынан үлэлээбитим. Киһи ханнык баҕарар үлэҕэ үөрүйэхтэнэн, үүнэр-сайдар дииллэрин курдук, мин билигин маастардыыбын. Анал үөрэх наада эбит диэммин, обогатитель идэтигэр кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим.
Сиртэн хостонор туһалаах баайы хостооһуҥҥа үлэ төһө да кэккэ ыарахаттардааҕын иһин, үлэлиир усулуобуйабыт барыта баар. Мин биир үөрэрим диэн, олох­тоох ыччаттар элбэхтэр. Кинилэр 1-2 сыл үлэлиир буолбатахтар, кэмбинээт тэриллиэҕиттэн, 20 сыл тухары үлэлиир олохтоох ыччат олус элбэх, киһи киэн тутта көрөр. “Саха ыччатын – бырамыысыланнаска” уо.д.а. бырагыраамалар олоххо киллэриллэн, олохтоох уолаттар баҕаран туран кэлэллэр. Онон “саха киһитэ бырамыысыланнаска кыайан үлэлээбэт” дииллэригэр сөбүлэспэппин. Фабрикабытыгар кэлэктиип улахан аҥаара – олохтоох дьон, эбиитин кинилэр технология өттүгэр хото үлэлииллэрэ инникигэ эрэли саҕар. Бэл, барыта олохтоохтор түмсэн үлэлиир симиэнэлэрэ эмиэ баар.
Барыта 4 симиэнэ үлэлиир: 2 симиэнэ сынньанар кэмигэр 2 симиэнэ үлэ үөһүгэр сылдьар буолар. Баахта ньыматынан үлэлиир буоламмыт, икки нэдиэлэ үлэ­­лиибит, икки нэдиэлэ сынньанабыт. Үлэлиир сирбититтэн Накыынтан олохтоох сирбитигэр бөртөлүөтүнэн илдьэллэр. Уоппуска, социальнай көмүскэл барыта көрүллэр.
Мин икки уоллаахпын, улахан уол Мииринэйгэ “Интер” рудникка үлэлии сылдьар, кыра уол “горнай” үөрэҕи бүтэрэн, эмиэ Накыыҥҥа үлэҕэ ылыллан эрэр. Этэргэ дылы, утум салҕанарыттан сэмээр үөрэбин.

Анна Дмитриевна НАУМОВА, хайа инженерэ:
Мин Мииринэй улууһун Таас Үрэх сэлиэнньэтигэр төрөөбүтүм, Мииринэй куоракка улааппытым.
АЛРОСА-ҕа үлэ көрдүүрбэр доҕотторум сүбэлээбиттэрэ уонна баайдаах сири хостуур улахан тэрилтэҕэ үлэлиэхпин олус баҕарбытым. 2018 сыллаахха сайын Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээккэ саҥа аһыллыбыт ГСМ спектральнай анаалыс лабораториятыгар лабараанынан киирбитим. Үлэбинэн хайа тиэхиньикэтин гидравлическай, трансмиссионнай арыыларын, хайа тиэхиньикэтэ алдьаммытын, үлэ тохтообутун уо.д.а. быһаарарга элбэх анаалыһы ылабыт. Тиэхиньикэ үлэтигэр тахсыахтаах кэһиллиини эрдэттэн быһаарар олус интэриэһинэй үлэ.
Мин билигин карьер салалтатыгар хайа үлэтин инженеринэн үлэлиибин, ону сэргэ, кэмбинээт эдэр исписэ­лиистэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэбин. Эмиэ олус интэриэһинэй уонна эппиэтинэстээх үлэ: туһалаах баайы хостооһун геологиятыттан уонна технологиятыттан саҕалаан, хайа тырааныспарын механикатыгар тиийэ билиини уонна сатабылы эрэйэр.
Үлэлиир кэлэктиибим олус иллээх-эйэлээх, наада ­буоллаҕына, хаһан баҕарар көмөлөһөллөр. Оттон уопуттаах үлэһиттэр мунньуммут үөрүйэхтэрин уонна би­­лиилэрин атастаһаллар. Биһиэхэ «Аргыс” диэн саҥа кэлбит үлэһиттэри арыаллыыр, кинилэр үлэлэригэр үөрү­йэхтэнэллэригэр көмөлөһөр бырагыраама ситиһиилээхтик үлэлиир. Бырааһынньыктары уонна өрөбүллэри бииргэ ылабыт, оҕолор бэйэ бэйэлэрин кытары доҕордоһоллор.
Карьер үлэһиттэрин улахан аҥаардара, өссө эдэр исписэлииһинэн сылдьан, салайааччы буоллулар. Бу миигин, эдэр исписэлииһи инникигэ көҕүлүүр, санаабын көтөҕөр. Хампаанньаҕа эдэр исписэлиистэр кыахтарын сайыннарарга элбэх бырагыраамалар уонна куонку­рустар (“АЛРОСА кыаҕа”, “Билиҥҥигэ – Инникибит!”, брейн-­ринг уо.д.а.) бааллар. Мин эмиэ сололоох кэммэр көхтөөхтүк кыттабын.

ҮБҮЛҮӨЙДЭЭХ СЫЛЫ КӨРСӨ:

10,3
мөлүйүөн караттаах алмаас хостонно

2019 СЫЛГА ҮЛЭ ОҤОРУМТУОТА:

Сүрүн бородууксуйаны хостооһуҥҥа –
555,5
кар./киһи.
Хайа үлэлэригэр –
79,6
тыһ. м3/киһи.
Технологическай тырааныспарка —
684,5
тыһ. т. км/киһи.
Сырьену оҥорууга –
10,4
тыһ. т/киһи.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru


Виктор ЯКОВЛЕВ
хаартыскаҕа түһэриилэрэ туһанылыннылар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0