Биллэрин курдук, эр дьоҥҥо үрдүк хамнастаах үлэ бырамыысыланнаска баар. Холобур, Нерюнгрига «Мечел» хампаанньа хайа сыаҕын начаалынньыгын хамнаһа 230-250 000 солкуобай. Өймөкөөҥҥө баахта ньыматынан көмүһү хостуур үлэҕэ сүрүн инженер хамнаһа 250 000 солкуобай.
edersaas.ru
Ленскэйгэ гааһы уонна гаас конденсатын хостуур «Газпром добыча Ноябрьск» сүрүннүүр инженерин хамнаһа 197-220 000 солкуобай диэн биллэрбиттэр.
Учаастак начаалынньыга — 335 000 солкуобай, сири үүттүүр тэрил машиниһа — 260 000 солкуобай хамнастаах. Үлэ биржатыгар баар 10 000 үлэ миэстэтиттэн 300-һэ эрэ итинник үрдүк хамнастаах.
Бырамыысыланнаска үлэлииргэ улахан аҥаара 59% оробуочай идэлэр наадалар. Омос көрдөххө, кинилэр хамнастара үрдүк эрээри, баахта ньыматынан үлэлиир дьон үс, эбэтэр алта ый үлэлиир уонна оччону сынньанар кэмнэригэр сынньалаҥнара төлөммөт. Онон хамнастарын 12 ыйга үллэрдэххэ, тэҥнэһэн тахсар курдук диэн этэллэр уолаттар.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1