Баачыка

Ааптар:  Дьөгүөр Һэрэмээт
23.05.2024
Бөлөххө киир:

Ахсынньы тымныыта адаҕыйан турдаҕына үлэм быһыытынан хоту анньынным.Тыа устун дьон суолунан барбалаат, сотору буолан баран Өлөөннөөҕү кэллиэгэлэрбин ситэн ыллым. Кылгастык ону-маны кэпсэтэн баран хас да дьону тохтоппуттарын кэннэ туора суолунан кыыл суолун-ииһин бүөлүөгүйэ үнүстүүтүн үөрэхтээхтэригэр сибикилэтэн биллэрээри бара турдум.

Кыыл суола сырыкаай курдук. Сотору буолан баран, биир УАЗик массыынаны утары көрсөн, тохтоттум. Биирдэрин билэр киһим эбит. Туой Хайаттан төрүттээх тоҥус киһитэ буолан биэрдэ. Сиэр быһыытынан, үлэбин толорон, докумуоннарын көрөөрү массыынабар ыҥырдым. Тоҥуһум көҥүлүгэр соччо-бачча баардылаабат санаалаахпын. Нууччатын бэрэбиэркэлээн бардым. Киһибин ханна эрэ көрбүт курдукпун. Көҥүл бөҕөнү тэниҥнэтэн барда эбээт… эһэтиттэн, бөрөтүттэн саҕалаан куһугар, куобаҕар, мас көтөрүгэр тиийэ баар эбит. Ону таһынан, Өлөөн хас да общиналарын кыыл табаны бултуур көҥүллэрин олох быччаччы тута сылдьар… Арай, доҕоор, саҥарбытыгар көрбүтүм, Мииринэй таҥаратын дьиэтин баачыската илэ бэйэтинэн бытыга сэксэйэн олорор эбит. Урут, өрдөөххө, баачысканы кытта оннооҕор арҕахтан кырдьаҕас бултаабыт да буолларбын, киһи эрэ буолларбын, соһуйан, мах бэрдэрдим.
Баачыска эрэ саалана-саалана кыыллаан аарыгыра сылдьыа диэм дуо..
Санаабатахпар түбэстим. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, киһи тутуһуо суох да курдук да буоллар, Өлөөн кулубатыттан ураты харыстанар сиргэ киирэргэ боруопуһа суохтарын эттим. Онон: «Сүүс бырыһыан кумааҕыланар буолбуккут, суол арахсыытыгар, аад айаҕар курдук, айа тардыллан турар», — диэн сэрэттим, эйэ-дэмнээхтик. Баачыскам: «Да, нам Вас с утра Боженька, значит, послал!» — диэтэ.
Тоҥуһум итэҕэйбэккэ мэлээриҥниир: «Итиччэлээх көҥүллээх киһини тыыппаттар ини? Көҥүллэри барытын Өлөөн улууһун саа көҥүлүн биэрэр начаалынньыга  булан ыыппыта», — дии-дии тарбаҕынан халлааны ыйбахтыыр…
Мин сонньуйа түһэн барар этэбин: «Доо, бэйи, тохтоо, саа көҥүлүн тойонуттан арыый да үрдүк сололоохтор бааллар уонна тоһуйан турааччылар арыый да атын сокуоннардаах дьон ээ!
Онон тиийэн, киирэн биэрдигит да, баачыскаҕын уонна Туой Хайа тоҥуһаҕын диэхтэрэ суоҕа, таах үөрэ-көтө хатырыктыыллар», — диэн күлэбин.
Арай, Баачыскам: «Береженого Бог бережет», — диэн, Матыбыай Лабаанап курдук сөҥ, баараҕай куолаһынан сөҥөдүйэн кээстэ… онтон: «Как у нас с солярой? Не поедем, значит, здесь заночуем» ,- диир…
Мин ааһа турдум… Моркуока Мархаратын өрө-таҥнары сыыйбахтаан баран, киэһэлик, бороҥуйуута төннөн истэхпинэ дьонум «Элэмэс» төрдүгэр олороллор. Арааһа, хонордуу оҥостубуттар. Массыына иннинээҕи тааһынан тоҥуһум күлбүт сирэйэ мэлтэйэр уонна баачыскам бытыга сэксэйэр… Ону көрөн күлэ түстүм. Санаабар, харахпар үрүйэ баһынааҕы суолга тоһуйан харгыны маныыр хопто курдук буолан олорор кэллиэгэм ньөлөгөр сирэйэ субу илэ көстөргө дылы гынна…. дьэ, эриссии диэтэҕин. Массыынам эҥин
моһуогуран хайаан, олох да киэһэ уот саҕана биирдэ аара баар Өймөкөөн тоҥуһун балааккатыгар тиийдибит. Сасаадаҕа олорооччуларым суохтар. Ылы-чып курдук.
Балааккаҕа киирэн сонуну быһыта-орута кэпсэтэ олордубут. Кэллиэгэлэрим соторутааҕыта ааспыттар эбит. Кэпсииринэн буоллаҕына, 20 киһини боротокуоллаабыттар үһү. «Ама, бары көҥүлэ суохтара буолуо дуо?» — диир. «Манна баҕас кумааҕыта суох киһи мэнээх киирбэт ээ», — диэн хотугулуу таттаран эҥээритэр. Мин эбии куолулатымаары кыыл сүүрүҥүйдүү буспут ойоҕоһун хадьырыйа-хадьырыйа күннээҕи сонуммун кэпсиибин.
Өймөкөөнүм итэҕэйбэккэ хараҕа быччаҥныыр.
«Убайым, дьоҕойонуҥ ини? Ама, бултуур Баачыска баар үһү дуо?»
-«Ээ, оннооҕор эһэлэспит баачыска баар», — диибин.
-Аата дьиибэтин! Мэстилиэннэй тыһыынча туолара, оччоҕо, кырдьык эбит! — диэн Өймөкөөнүм сөҕөн-махтайан килээриҥниир.
Түүннэри айаннаттыбыт. Суолбут былаһын тоухары мин баачыска сэрэҕин, өйүн хайҕаан, сөҕөн, бэлэспин тарбыыбын.
Суоппарым олох сэниэтэ эстиэр дылы күлэ-күлэ массыынатын урууллуур.
-Надо же, Батюшка охотнадзор о….бал… — диир. (Дьиҥинэн, кэллиэгэбит араспаанньатын ааттыыр).
Ону истэ-истэ бэлэспин тарбыыртан салҕан, аны, дьэ, «тэгил дойдуттан тэҥнээхтэр, хол дойдуттан холоонноохтор булсубуттар» диэн бөлүһүөктээччи буоллум.
Дьэ, итинник эмиэ баар буолар эбит. Куһаҕантан эбитэ дуу, киһи да сонньуйар ээ….

Дьөгүөр Һэрэмээт,
Садын сирэ

+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
+1
4