Бааһынайдары уонна кэпэрэтииптэри өйүүр саҥа тиһик оҥоһулунна

Бөлөххө киир:

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһүнү иитиигэ уонна племенной үлэҕэ департаменын салайааччытын солбуйааччынан Айаал Тимофеев соторутааҕыта анаммыта. Кини чопчу бааһынай хамсааһынын уонна кэпэрээссийэ боппуруостарынан дьарыктаныахтаах. Айаал Ивановичтан бааһынай хаһаайыстыбалары уонна кэпэрэтииптэри өйөөһүҥҥэ туох сонун хайысха ылыллан эрэрин туоһуласпыппар маннык хоруйдаата:

-Дойдубут баһылыгын Владимир Путин сорудаҕынан оҥоһуллубут национальнай бырайыактартан биирдэстэрэ – “Дьоҕус уонна орто урбаан итиэннэ биирдэм урбаан саҕалааһынын өйөөһүн” диэн. Тыа хаһаайыстыбатыгар туспа бырайыак суох. Бу иһинэн “Фермердэри уонна кэпэрээссийэни өйөөһүн тиһигин тэрийии” диэн региональнай бырайыагынан үлэлиэхпит. Чопчу биһиги өрөспүүбүлүкэбитин ыллахха, үүнэр 2019 сылга 8 кэпэрэтиип уонна 18 бааһынай хаһаайыстыба тэриллэригэр көмөлөһүөхпүт. Сыл устатыгар барыта 500-тэн тахса киһини дьарыктаах оҥорорго былаанныыбыт. Бырайыак 6 сылыгар 4 тыһыынча үлэ миэстэтин таһаарыахпыт.

-Өйөбүл кимиэхэ уонна хайдах быһыылаахтык оҥоһуллуой?

-Кэтэх хаһаайыстыбанан 3 сылтан итэҕэһэ суох дьарыктаммыт ыал кэҥиэн баҕарар буоллаҕына, бааһынай буоларыгар көмөлөһүөхпүт. Маныаха 1,5 эбэтэр 3 мөлүйүөннээх көмө кыра диэн, 6 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыннардыбыт. Билигин төһө-хачча буолуон этэргэ эрдэ, федеральнай министиэристибэҕэ бигэргэннэҕинэ биирдэ чуолкай сыыппаралары этиэххэ сөп. Иккиһинэн, 3-4 сыллааҕыта “Саҕалааччы фермер” бырагырааманан туһаммыттар салгыы өссө сайдалларыгар, базаларын кэҥэтэллэригэр “Дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыы” бырагыраама салгыы үлэлиирэ күүтүллэр. Билэргит курдук, бу бырагыраама быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлээбэтэ. Ол оннугар “Саҕалааччы фермер” бырагыраама гранын 80-тан тахса киһи ылла. Онтон кэлэр 2020 сылга салҕаныан сөп буолуо.

Василий НИКИФОРОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0