Бааһынайдар саҥа хамбаайын күлүүһүн туттулар

Ааптар: 
13.07.2017
Бөлөххө киир:

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ хаһаайыстыбалары анал тиэхиньикэнэн хааччыйыыга утумнаахтык үлэлиир.

Edersaas ru.

Кэнники үс сылга сиртэн үүнээйини ылыы салаатын сэбилээһин бырагырааматынан уонна “Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһини өйөөһүн” хос бырагыраама чэрчитинэн барыта 137 мөл. солк. суумалаах 19 тыа хаһаайыстыбатын улахан тиэхиньикэтэ (15 бурдугу, 4 оту быһар хамбаайыннар) аҕалылынна. Маныаха тиэхиньикэ сыанатын 95 %-ын өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ уйунар, ордугун тустаах хаһаайыстыба төлүүр.

Бэҕэһээ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы — Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Петр Алексеев Аллараа Бэстээххэ биэс бурдук, биир от хамбаайынын күлүүһүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Доннааҕы Ростовка баар “Ростсельмаш» хампаанньаҕа оҥоһуллубут модун күүстээх, үлэһит көлөлөрү бурдукка идэтийэр хаһаайыстыбалар — «Кэскил» ХЭТ (Амма), «Биэттэ-Агро» ХЭТ (Уус Алдан), «Болугур» ТХПК (Амма), «Комплекс» бааһынай хаһаайыстыба (Чурапчы), «Үүнүү» бааһынай хаһаайыстыба (Сунтаар), «Чүүйэ» МУТ (Мэҥэ Хаҥалас) ыллылар.

Петр Алексеев этэринэн, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтинэн хааччыныы үлэтэ кэлэр да өттүгэр салгыы ыытыллыаҕа. Ол курдук, кэлэр 2018 сылга министиэристибэ сүүс тиэхиньикэни, ол иһигэр биэс-алта хамбаайыны ыларга былааннанар.

Раиса Сибирякова,  “Саха сирэ” хаһыат, Edersaas ru.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0