Россельхозбаан Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Василий Тимофеевтыын сэһэргэһэн баран, итинник өйдөбүллээх таҕыстым. Эдэр салайааччы төһө даҕаны “баан кистэлэҥинэн” сирэйдэнэн, туох баарынан аһаҕастык кэпсээбэтэҕин иһин, хаһаайыстыбалар салайааччыларыгр туһалаах сүбэлэри биэрдэ.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
— Василий Васильевич, ирдэбилгит аһара кытааппыт дуу? Сыл баччатыгар диэри (үллэр үс ый тухары) биир даҕаны кэпэрэтиип, бааһынай хаһаайыстыба 5 бырыһыаннаах кирэдьиити кыайан ылбакка сылдьаллар.
— Кырдьык, кириисис иннигэр баан ирдэбилэ арыый сымнаһыар этэ. Биһиэнигэр эрэ буолбакка, баан тиһигэр барытыгар. Аан маҥнай 2008 с. кириисис буолбутугар ирдэбил улааппыта. Онтон 2014 с. санкция киириэҕиттэн өссө кытаатыннарбыттара. Доллар кууруһа онно үрдээбитэ.
– Доллар кууруһа өссө түһүө дуо?
– Доллар кууруһун чопчу бачча буолуо диэн этэр уустук. Геобэлиитикэ буоллаҕа. Россияҕа доллар таска атыылыыр ньиэппит сыанатыгар баайыллар. Онон икки өрүттээх: куурус түстэҕинэ, дьон малы-салы атыылаһар кыаҕа улаатар, оттон куурус өрө таҕыстаҕына – судаарыстыба бүддьүөтүн дохуота улаатар. Быйылгы бүддьүөккэ доллар кууруһа 62-63 солкуобайынан суоттаммыта, оттон билигин 57-58 солкуобайга түһэн турар, онон бүддьүөт дохуоттуур чааһа арыый кыччаата.
– Ханнык баҕарар баан тыа хаһаайыстыбатын тэриллиитэ иэс ылаары гыннаҕына, өлөрдүү куттанар. Тоҕо? Кыайан төлөспөттөрө бэрт буолуо?
– Кырдьык, кэмигэр кыайан төлөөбөккө, иэстээх сылдьар хаһаайыстыбалар бааллар гынан баран, төлөспөт буолуу тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ сыһыаннаах буолбатах. Ханнык баҕарар баан көрсөр быһыыта-майгыта. Маннык түбэлтэҕэ эйэ-дэмнээхтик Сөбүлэһиигэ илии баттаһан, салгыы үлэлэһэр суол баар. Ол эбэтэр клиент болдьоҕор кыайан төлөспөтүн туһунан биллэрдэҕинэ, икки өттүттэн сөбүлэһэн, уһатан биэрэбит. Ити эрээри, клиент “просрочкаланыан” иннинэ кэлиэх тустаах. Бааһынай эдэриттэн аатын-суолун харыстыыра ордук. Клиент историята бааннарга биир тиһиккэ киирэн сылдьар, онон туһааннаах киһи хайдаҕын бары курдат көрөн олоробут.
– Барытын Москва быһаарар буолан, докумуон бигэргэнэрэ аһара тардыллар дииллэрэ төһө оруннааҕый?
– Суох. Тиһикпит олоччу уларыйбыта. “Быһаарыы ылынар фабрика” диэн баар. Судургутук быһаардахха, информацияны аптамаатынан хомуйабыт. Дьоҕус кээмэйдээх (2-5 мөл. солк.) кирэдьиити ити робот быһаарар. Холобур, көннөрү дьоҥҥо “фабрика” биэрэр эбэтэр биэрбэт туһунан түмүгү икки күн иһинэн оҥорор. Оттон бөдөҥ суума буоллаҕына, кырдьык, Москванан эргитэн, анал хамыыһыйанан бигэргэнэр.
– Министиэристибэ үп-ас өттүнэн чэбдигирдэр бырагырааматыгар киирэн, судаарыстыба өйөбүлүнэн туһана сылдьар хаһаайыстыбаҕа чэпчэтиилээх кирэдьиит бэриллиэн сөп дуо?
– Манна олорон этэр уустук, хас биирдии хаһаайыстыбаны ойуччу ылан көрүөххэ наада.
– Чэпчэтиилээх кирэдьиит кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалларга бэриллэрэ ыараата дуу?
— РФ бырабыыталыстыбата, чуолаан, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ кэтэх хаһаайыстыбаҕа биэрэр механизмы ситэ оҥоро илик. Биһиги 14-15 бырыһыаннаах потребительскай кирэдьииттээхпит, дьон маны ордук ыла сатыыр, судургутун иһин. Кэтэх хаһаайыстыбаҕа ыларга дьоҕус киэптээх хаһаайыстыба (МФХ) курдук көрүллэн, докумуон хомуйуута уустугурар.
– Билигин хас улууска эбии офистааххытый?
– Киин, илин эҥээрдээҕи улуустарга уонна Бүлүү сүнньүгэр барыта 14 улууска баар. Ол ахсын уончалыы үлэһиттээх. Түгэнинэн туһанан, клиеннэрбит көрдөһүүлэринэн, олунньу 1 күнүттэн толору эрэсииминэн үлэлиир буолбуттарын иһитиннэрэбит.
– Быйыл үлэҕитигэр туох сонун дьаһал баарый?
– Эбии офистардаах 14 улууспутугар “үүт харчытыгар” 80-ча тэрилтэни, хаһаайыстыбаны кытта дуогабардаһан, быйылгыттан үлэлээн эрэбит. Сүрүннээн, үүт соҕотуопкалааччылар, бааһынайдар эмиэ бааллар. Кинилэр “үүт харчытын” биһиги бааммыт нөҥүө аһардахтарына, хамыыһыйа тутуллубат. Итиэннэ үбү туһаныылара дьэҥкэ, баантан кирэдьиит ылалларыгар судургу буолар.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru