Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана А.С.Николаевы кытта олохтоох бэйэни салайыныы туһунан кэпсэттибит. Кини мин ыйытыыларбар маннык хоруйдары биэрдэ.
— Айсен Сергеевич, олохтоох бэйэни салайыныы ахсыс сийиэһин кэнниттэн туох санаалааххыный?
— Нэһилиэк, улуус баһылыктарын бэйэлэрин эбээһинэстэригэр сыһыаннарын үрдүк таһымҥа таһаарыахпытын наада, федеральнай сокуоннары, уураахтары үчүгэйдик билэллэрин ситиһиэхтээхпит. Сорох сорохторго «норуот биһигини талла, онон ол болдьоххо тугу да гыммакка, төһө баҕарар олоруохпутун сөп” диэн толкуй да күлүм гынан ааһара буолуо. Маннык сыһыан олох сыыһа дии саныыбын. Баар кыһалҕалары хайдах быһаарабыт диэн үлэлиэхтээхтэр. Ол иһин быйылгы баһылыктар мунньахтарын ыытыыны тосту уларыттыбыт. Урукку өттүгэр наар дакылаат эрэ истэн тахсар эбит буоллахтарына, бу сырыыга олох ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, Менеджмент Үрдүкү Оскуолатын уһуйааччылара анал дьарыктары, үөрэхтэри, кэпсэтиилэри, ырытыылары ыыттылар. Онон баһылыктары арыый атыннык толкуйдуурга үөрэттибит дии саныыбын. Ити суолтата олус улахан. Олох олус түргэнник сайдар, уларыйыы бөҕөтө буолар, ол уларыйыылары сатаан сөпкө уонна бириэмэтигэр салайыахтаахпыт.
Сүрүннээн сийиэс сыалын ситистэ. Баһылыктар элбэх ыйытыы биэрбиттэрэ, санааларын атастаспыттара, сороҕор мөккүһэн да ылбыттара. Таах саҥата суох олорбут баһылыктар эмиэ бааллара. Миэхэ аатын суруйбатах киһиттэн саппыыска кэлбитэ. «Бу мунньахтан биири эрэ өйдөөтүм – сотору биһиги ахсааммытын аччатыы буоларын». Ити салалта эйгэтигэр дойду үрдүнэн ыытыллаары турар оптимизация бэлиитикэтэ буолар. Маннык таһымнаах, туһалаах мунньахтан итини эрэ өйдөөн хаалбыта хомолтолоох. Киһи да сонньуйар, итинник салайааччылартан.
— Кэнники кэмҥэ икки улуус баһылыгын уорбалаан туттулар. Эн санааҕар, бу быраабы араҥаччылааччылар анал былаанынан үлэлии сылдьаллар дуу, хайдах дуу?
— Бастатан туран, биһиэхэ оччо элбэх холуобунай дьыала тэриллибэтэ. Дойду үрдүнэн маннык быһыы-майгы барбыта ыраатта. Сорох сирдэргэ сүүһүнэн холуобунай дьыала көбүтүлүннэ. Биллэн туран, бу туох да үчүгэйэ суох. Урут манныгы улаханнык сырдаппат эбит буоллахтарына, билигин барытын дьон-сэргэ сонуннартан билэ-көрө олорор. Өр сылларга сылдьыбыт “кутургуйалар” тэһэ бараллар, ол үгүс өттө «хирургия» көмөтүнэн буолар.
Баһылыктар үгүс өттө сокуону үчүгэйдик билбэттэриттэн, тус бэйэлэрин эбээһинэстэригэр дьалаҕай сыһыаннарыттан, докумуоннары сыыһа-халты толороллоруттан, үөскээбит кыһалҕаны түргэн үлүгэрдик быһаара охсор баҕаттан манныкка түбэһэллэр. Сороҕор сокуону кэһэллэрин өйдүү-өйдүү оҥороллор. Мин куруутун этэбин: сокуону кэһэр олох табыллыбат, төһө даҕаны үтүөнү баҕараҥҥын оҥорбут буол.
Хомойуох иһин, бэрик ылар, үлэлиир дуоһунастарын бэйэлэрин тус интэриэстэригэр туһанар баһылыктар эмиэ бааллар. Олор дьыалалара суукка көрүллэ сылдьар.
Бэйэтин кэмигэр сүүһүнэн судаарыстыбаннай уонна муниципальнай үлэһиттэр дьиэлэрин чааһынай бас билиигэ көһөрбүттэрэ. Оттон Өймөкөөн баһылыга, силиэстийэлиир уорганнар этэллэринэн, сокуону кэһэн туран, дьиэтин бэйэтин бас билиитигэр суруммут. Мин санаабар, тустаах уорганнар бу дьыалаҕа быһаарсыахтара. Чурапчы улууһун баһылыга да, Өймөкөөн да баһылыга далааһыннаахтык үлэлээбиттэрэ, кинилэргэ туох да үҥсүү-харсыы суоҕа. Андрей Ноговицын баай уопуттаах үлэһит, чиэһинэйдик үлэлээн-хамсаан кэлбитэ. Хайдах итинниккэ эриллибитэ миэхэ өйдөммөт. Өссө төгүл этэбин, тустаах уорганнар быһаарсыахтара.
Оттон эминэн-томунан эргинэн дьыалаҕа эриллибит дьон ханнык да сиэргэ баппат быһыыны-майгыны оҥорбуттар. Бу дьыала тиһэҕэр тиэрдиллэрин, буруйдаахтар сокуон хараҕынан эппиэтинэһи толору сүгэллэрин ситиһиэхпит. Ыарыһах, кыһалҕалаах дьону туһанан араас схемалары толкуйдаан, сокуоннайа суохтук байар олох табыллыбат. Былырыыны быһа мин федеральнай былаастары кытта бүддьүөттэн эбии харчы көрүллэригэр күүскэ туруорсубутум. Дойду бырабыыталыстыбатыгар үлэ бөҕөнү ыытан, бэрт эрэйинэн Саха сиригэр уонна өссө түөрт Арктика эрэгийиэннэригэр бүддьүөт ороскуотун индексин улаатыннарары ситиспиппит. Ол түмүгэр биһиэхэ доруобуйа харыстабылыгар 6,5 миллиард солкуобай үп эбии киирбитэ. Тустаах дьоҥҥо тиийиэн оннугар уоруллар буоллаҕына – бу олох сатаммат дьыала. Силиэстийэ бара турар, буруйдаахтар сокуон иннигэр толору эппиэттиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
Людмила Вербицкая дьыалата туохха да олоҕурбакка тэриллибит дьыала быһыылаах, мин санаабар. Миэхэ киирбит докумуоннары үөрэтэн баран, туохха сокуону кэһии тахсыбытын көрбөтөҕүм. Манна эмиэ быраабы араҥаччылыыр уорганнар быһаарсыахтара дии саныыбын.
Үөһээттэн бачча киһини тутуохтааххыт диэн былаан суох, силиэстийэлиир уорганнар үлэлэрин күүһүрдүбүттэр, судаарыстыбаннай уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар “ыраастааһын” бара турар.
Родион КРИВОГОРНИЦЫН, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru