Баһылай Харысхал – саха норуодунай суруйааччыта!

04.12.2018
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев сэтинньи 29 күнүгэр драматург Василий Васильевка-Харысхалга “Саха норуодунай суруйааччыта” ааты иҥэрэр туһунан ыйаахха илии баттаата, диэн үтүө сонуну Саха сирин Суруйааччыларын сойууһуттан  иһиттибит.

Талааннаах драматуру, прозаигы, хаһыаччыттар биир идэлээхпитин Баһылай Харысхалы норуот суруйааччытын үрдүк аатын ылбытынан истиҥник эҕэрдэлиибит, айар үлэтигэр саҥаттан-саҥа ситиһиилэри баҕарабыт!

Оттон биир дойдулаахтара-соморсуннар таптыыр суруйааччыларыгар анаан хоһоон айа охсубуттар!

 

  ХАРЫСХАЛГА

Ааспыт олох араллаанын,

Аймалҕаннаах сылларын,

Чулуу саха уолаттара

Оҥорбут үтүөлэрин

Сурукка тиһэн — сааһылаан,

Бар дьонугар сырдаппыт

Баһылай Харысхалбыт

Норуодунай ааты ылбыт

Дьоһуннаахай сураҕын

Дойдутун дьоно истэммит,

Долгуйаахтыы үөрдүбүт,

Уолбут ылбыт аатынан

Киэн туттаммыт үрдээтибит.

Саха омук ааспытын

Сааһылыырга төһүү буолбут

Айымньылар чахчыларын

Ааҕан-билэн эдэр дьон

Ахта-саныы сылдьыахтара.

Сайдыы суолун түстэспит

Саха чулуу боотурдарын,

Үтүөлэрэ өлбөөдүйбэт

Сэрии кэмин ньургуннарын

Албан ааттаах сырыыларын,

Чаҕылхай, сырдык олохторун.

Харысхалга Уруй-Айхал!

Хасыһан булбут кырдьыгар,

Хаарыан дьоммут төлкөлөрүн

Хайдах баарынан суруйбутугар.

Өссө даҕаны сытыы бөрүө

Сыппаабатыгар баҕарабыт,

Хаҥыл атыҥ айана

Мөлтөөбөккө сиэллэрдин,

Бар дьоҥҥор саҥаны

Арыйаргар күүс буоллун!

Маргарита Лазарева, Амма, Соморсун. 01.12.2018.

Ыспыраапка:

Васильев Василий Егорович — Харысхал

1950 сыллаахха сэтинньи 6 күнүгэр Амма оройуонун Соморсун нэһилиэгин Мээндиги учаастагар төрөөбүтэ.

1968 с. оскуоланы бүтэрээт, холкуоска тырахтарыыһынан үлэлээбитэ. 1969-1974 сс. Саха госуниверситетыгар үөрэммитэ. “Кыым”,  «Саха сирэ» хаһыаттар кэрэспэдьиэннэринэн, собкорунан үлэлээбитэ. Айар үлэнэн 1975 сылтан дьарыктанар. 1982-1985 сс. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһугар Уус-уран литератураны пропагандалыыр бюрону салайбыта.   1984 с. Эдэр суруйааччылар Бүтүн сойуустааҕы VII сүбэ мунньахтарын кыттыылааҕа. ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. СӨ Духуобунаска академиятын академига. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

1980 с. «Аммаҕа саас этэ» пьесатынан Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун уонна  САССР Култууратын министиэристибэтин куонкурустарыгар 3-с миэстэни ылбыта.

Суруйааччы драматическай айымньыларыгар, уоттаах сэрии сылларыгар тыыл үлэһиттэрин Улуу кыайыы туһугар дьоруойдуу хорсун үлэлэрин киэҥник, кырдьыктаахтык көрдөрөр. Пьесаны сэргэ ааптар кэпсээннэри, сэһэннэри, уочаркалары суруйар.

Баһылай  Харысхал дойду уонна тас дойдулар архыыптарыгар үгүс сыллар тухары  сыралаахтык үлэлээн кэллэ, үлэлиир. Саха Сирин устуоруйатыгар сыһыаннаах матырыйааллары көрдөөн, АХШ, Япония, Кытай, Финляндия архыыптарыгар сүүһүнэн докумуоннары чинчийдэ, үөрэттэ. Москваҕа, Санкт-Петербурга баар архыыптарга,  мусуойдарга уонна бибилитиэкэлэргэ барыларыгар кэриэтэ сылдьан, политическай сыылка, ГУЛАГ, эрэпириэссийэ устуоруйаларыгар туһааннаах матырыйааллары кичэйэн үөрэттэ. Харысхал бу сыралаах үлэтин түмүгэр 2002 сыллаахха, эрэпириэссийэҕэ түбэспит уонна тас дойдуларга күрээн барбыт саха дьонун дьылҕаларын туһунан «Ааспыт кэм аартыктарынан» кинигэтэ күн сирин көрбүтэ.

Саха академическай тыйаатырыгар көстөр саха норуотун бастакы интэллигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрин уустук дьылҕаларын туһунан кэпсиир испэктээктэригэр саала мэлдьи толору – аншлаг буолар.

П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар туруоруллар пьесалара:

  • «Аммаҕа саас этэ», режиссер Ф. Потапов
  • «Сэрии тыйыс тыына», режиссер В. Фомин
  •  «Бастыҥ хатыыта»
  • «Кэт Марсден. Үтүө санаа аанньала»
  • «Көмүөл», режиссер А. Борисов
  • “Эргиллиэм хайаан да…», о.д.а.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0