Саха народнай суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ биллиилээх драматург Баһылай Егорович Васильев-Харысхал өр сылларга архыып докумуоннарын хасыһан, дойдубут эрэ буолбакка, өссө аан дойду таһымнаах архыыптары хасыһан ыарахан дьылҕалаах биир дойдулаахтарбыт саха бастакы интеллигенциятын умнуллубут ааттарын тилиннэрбит, ол туһугар айар үлэтин, элбэх сыратын анаабыт диэтэхпинэ сыыспаппын.
Бу урукку өттүгэр кэпсээн сырдатар дьонун дьылҕата билигин кинигэ буолан үйэтийэн, Сахабыт сирин дьонугар-сэргэтигэр, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар дьоһун бэлэх буолан күн сирин көрдө. Хомойуох иһин, Василий Егорович бу кинигэтэ күн сирин көрөн, биһирэмнээх сүрэхтэниитигэр тиийбэккэ, былырыын суох буолбута…
Саҥа тахсыбыт историческай романы сүрэхтээһин Саха национальнай бибилэтиэкэтин уораҕайыгар Зуум платформа нөҥүө ааста. Кинигэ сүрэхтэниитин Баһылай Харысхал үөлээннээҕэ, доҕоро, биир идэлээҕэ саха народнай суруйааччыта Наталья Ивановна Харлампьева иилээн-саҕалаан ыытта. Баһылай Харысхал үлэтин, айар үлэтин хайдах саҕалаабытын, онтон устуоруйа тиэмэтигэр хайдах салаллыбытын туһунан билиһиннэрдэ.
Салгыы Василий Егорович доҕотторо, кинигэ тахсыытыгар бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоно, бииргэ айаннаабыт доҕотторо Финляндияттан, Санкт Петербургтан холбонон иһирэх тылынан ахтан-санаан, кинигэ туһунан санааларын эттилэр. Ону тэҥэ Амма улууһун баһылыга Николай Архипов Баһылай Харысхал аатын үйэтитэр үлэ бара турарын бэлиэтээтэ.
Түмүккэ, Баһылай Харысхал туһунан ахтыы кинигэтэ былааннанарын иһиттиннэрдилэр. Бу репрессия, көһөрүү туһунан история уочаркаларыттан турар кинигэ, саха дьонугар, норуотугар, ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр сүҥкэн бэлэх буолара саарбаҕа суох.
Кинигэ сүрэхтэниитин сиһилии национальнай бибилэтиэкэ Ютуб ханаалыгар бу сигэнэн киирэн көр: