Баһаатай инники кэккэҕэ сылдьарга өрүү бэлэм!

Ааптар: 
22.05.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн В.И. Ленин аатынан пионерскай тэрилтэ 95 сылын, СӨ Оҕо хамсааһынын 25 сылларын  үөрүүлээхтик бэлиэтиир тэрээһиннэр буола тураллар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ыам ыйын  19 күнүгэр — Пионерия төрөөбүт күнүгэр Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар, сэбиэскэй кэмҥэ «Пионердар дыбарыастарынан» биллэр оҕо саас уйатыгар өрөспүүбүлүкэ баһаатайдарын чиэстээһин буолла. Бу тэрээһиҥҥэ үс көлүөнэ дьон: сэбиэскэй кэм уонна 21-с үйэ баһаатайдара уонна аныгы кэм пионердара мустан бэртээхэй дьоро киэһэни ыыттылар. Биэс чаас биллибэккэ ааһан, тэрээһин кыттыылаахтарын: «Хайа. номнуо тарҕаһар кэммит кэллэ дуо?»— диэн соһутта.

Бу хаартыскаларга көстөрүн курдук, оҕолор да, улахан да дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьулуур» Оҕо хамсааһынын лиидэрдэрэ тэрийбит бырааһынньыктарыгар тугу барытын умнан туран, олус көхтөөхтүк кытыннылар.

Сэбиэскэй кэм баһаатайдара аныгы баһаатайдар түмсүүлээхтэрин, көхтөөхтөрүн олус сөбүлээтилэр. Бары биир киһи курдук сиэттиспитинэн сылдьар, тэйиэккэлээн хамсанар оҕолор эбит. Эчи, аныгылыы тиэрмининэн эттэххэ, «униформалара» да үчүгэйэ!

Ол да иһин буолуо, мин сэһэргэһээччим Уус Алдан Майаҕаһыттан сылдьар Сергей Гуляев:

Биир улахан тэрээһиҥҥэ сылдьан баһаатай ыччаттар олус түмсүүлээхтэрин, көхтөөхтөрүн наһаа астына, ымсыыра көрбүтүм уонна лиидэрдэрин булан, баһаатайдар уопсастыбаннай түмсүүлэригэр киирбитим. Идэбинэн оҕо иитиититтэн олох атын эйгэлээхпин — автодорожнай техникум устудьуонабын. Ол эрээри баһаатайдыырбын олус сөбүлүүбүн. Сайыны олус кэтэһэбин, сотору лааҕырдар аһыллыахтара, оҕолору кытта үлэ саҕаланыаҕа, — диэн бэркэ астынан кэпсээбитин сөбүлүү иһиттим. Кырдьык, үгүс киһи өйдүүр буолуохтаах, оҕо сааспытыгар биһиэхэ пионерскай этэрээттэргэ араас идэлээх эдэр дьон кэлэн баһаатайдыылларын. Сергей ол кэми санатта.

70-80-с сылларга  Таатта Баайаҕатын пионербаһаатайа Татьяна Андросова аата киэҥник сураҕырара. Өрөспүүбүлүкэ пионера барыта Баайаҕа пионердарыгар тэҥнэһэ сатыыра диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Ол да иһин билигин өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ тэрилтэлэрин бас-көс салайааччылара — Татьяна Игнатьевна иитэн таһаарбыт пионердара. Оройуоннарга пионерскай тэрилтэлэри салайбыт хаһан да кырдьыбат, өрүү төлөннөөх баһаатайдарга СӨ Ил Дарханын иһинэн үлэлиир «Дьулуур» Оҕо хамсааһынын салайааччыта Геннадий Охлопков: «Ханнык баҕарар түгэҥҥэ көмө, өйөбүл көрдөөтөхтөрүнэ, эһиги, күндү сэбиэскэй кэм баһаатайдара, оҕолоргутун үөрэппит девизкитинэн: «Өрүү бэлэммин!» диэн сылдьаргытыгар махтанабыт!», — диэн туран, бэтэрээн баһаатайдарга хас биирдиилэригэр кыһыл роза сибэкки дьөрбөтүн кытта Махтал суругу туттарда.

Пионердар аргыстарынан буолбут»Бэлэм буол» хаһыат, билигин «Кэскил» диэн ааттаах хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы Анисия Иевлева, «Чуораанчык» сурунаал редактора Татьяна Жиркова эҕэрдэ бастыҥын эттилэр.

Бу бааллар, өрөспүүбүлүкэ бүгүҥҥү социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар бэйэтин дьоһуннаах кылааттарын киллэрэ сылдьар орто саастаах көлүөнэ дьону иитэн таһаарбыт дьоммут — өрөспүүбүлүкэ киэн туттар пионербаһаатайдара!  «Эдэрбитигэр пионердары, билигин кырдьаҕастар сэбиэттэрин салайа сылдьабыт», — дииллэр, дьоһун саас кинилэри дьиэлэригэр олордубат. Бары билигин да олох үөһүгэр оргуйа сылдьар дьон. Ама, маннык сэргэх дьону көрөн туран, дьиэҕэ олордуоҥ дуо!

Кинилэрэ суох биир да куорат тэрээһинэ табыллыбат. Бу холкутук туралларын көрүмэҥ, истэригэр сарсыҥҥы тэрээһиннэрин толкуйдуу турдахтара.

Холобура, өрөспүүбүлүкэтээҕи Речевой оскуола 1975-1982  сыллардааҕы пионербаһаатайа Валентина Петрова билигин бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайарын туһунан кэпсээтэ:

— Ытык Сүбэ салайааччыта Люлия Григорьева бу уопсастыбанай үлэҕэ ылсарбар көрдөспүтүгэр бастаан утаа ыарытыйар буолан, аккаастаммытым. Оттон билигин киниэхэ ис сүрэхпиттэн махтанабын. Ыарыыбын умнан кэбистим. Күн аайы соло булбакка, үлэ үөһүгэр сылдьабын.

Дьиктитэ баара, Валентина Иннокентьевна бэрт сэдэх докумуону көрдөрдө. Кини 1977 сыллааҕы үлэтин блокнотун илдьэ сылдьар эбит. Кырдьык да, бу манна дойдубут оччотооҥҥу историята барыта баарга дылы. Мин сыччах блокнот икки эрэ сирэйин аһан көрдүм. Ол эрээри оччотооҥҥу кэм баһаатайын күннээҕи түбүгүн барытын бу блокнот икки саһарбыт лиистэрэ ырылхайдык арыйарга дылылар!

Оттон оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан баһаатайдаабыт чаҕылхай киһи  Елена Тролукова, медицинскэй наука кандидата, пионербаһаатай тыына дууһатыгар баарын туоһута — кини билигин да эмчиттэр араас тэрээһиннэригэр пионерскай речевкатын, барабаанын туттара. «Санаан көрүҥ, сүүрбэччэ барабааннаах медик речевкалаан киирэрин», — диэн барыбытын сэргэхситтэ. Пионербаһаатай ханна да үлэлээтин, өрүү баһаатай диэн Елена Николаевна курдук дьону этэн эрдэхтэрэ!

Нам улууһун пионербаһаатайа Зинаида Тихонова 20-лии хонукка 14-16 оҕону  илдьэ «Бэлэм буол!» хаһыат сорудаҕын толоро диэн оройуон нэһилиэктэринэн бэлэсипиэтинэн айаннаан кэрийэн, сэрии бэтэрээннэриттэн ахтыылары хомуйаллар эбит. Оччолорго сэрии кыттыылаахтара Намҥа элбэх буоллахтара дии. Оҕолор бу айаннарыгар баһаатайдарын кытта балаакка туруорунан, кулуһун оттон хоноллор эбит. Маннык айаннар түмүктээх буолаллар эбит. Ол курдук, экспедицияҕа сылдьыбыт 11 оҕо, хаһыат сорудаҕын ситиһиилээтик толорон, куонкуруска кыайан,  баһаатайдарын кытта Краснодон куоракка баран кэлбиттэр.

Сэбиэскэй кэм баһаатайдарын кытта көрсүһүүгэ кэлбит аныгы көлүөнэ баһаатайдара бу көрсүһүүгэ сылдьан бэрт элбэҕи биллилэр. Биллэн турар, баай уопуту атастастылар. Ол да иһин СӨ Ытык Сүбэтин салайааччыта Люлия Григорьева «Дьулуур» Оҕо хамсааһынын салайааччытыгар Геннадий Охлопковка туһаайан:

Ахсынньы 5 күнүгэр Оҕо хамсааһынын өрөспүүбүлүкэтээҕи күнэ бэлиэтэнэр диэтигит. Бу күн үөрүүлээхтик бэлиэтэнэрэ өссө да сыл аҥаара баар. Бу маннык араас көлүөнэни түмэр тэрээһиннэри иккитэ-үстэ ыытыахха сөп. Онон толкуйданыҥ, оҕолор. Оттон биһиги, бэтэрээн баһаатайдар, эһиги хаһан ыҥыраҕыт да, кэлэргэ өрүү бэлэммит! — диэн үөлээннээхтэрин барыларын санааларын тиэртэ.

Бэлиэтээн эппитим курдук, араас көлүөнэ баһаатайдар бу дьоро киэһэ биэс чаас устата бэрт көхтөөхтүк ирэ-хоро сэһэргэстилэр уонна бэртээхэй үбүлүөйдээх торду амсайан араҕыстылар.

Онон «Дьулуур» Оҕо хамсааһынын бас-көс салайааччылара маннык дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэри бэтэрээн баһаатайдары ыҥыран өссө да тэрийиэхтэрэ диэн эрэнэбит!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0