Баһаары умуруорууга көмөлөспүт үлэһиттэр дьиэлэригэр төннөллөр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуоруорууга балаһыанньа тупсубутунан, бу күннэргэ көмөҕө кэлбит федеральнай күүстэр өрөспүүбүлүкэттэн барыахтара. Атырдьах ыйын саҥатыттан ойуур баһаарын ахсаана 10 төгүл аҕыйаата: 100-тэн 10-ҥа диэри.

Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы маневр чэрчитинэн, атын эрэгийиэннэртэн ойуур баһаардарын утары охсуһар тэрилтэлэртэн 378 үлэһит көмөҕө кэлбитэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕар “Авиалесоохрана” салайааччыта Владимир Леонов иһитиннэрбитинэн, атырдьах ыйын 17 күнүгэр 60 киһи Приморскай кыраай авиабазатыгар, атырдьах ыйын 19 күнүгэр 90 киһи Читаҕа төннүөхтэрэ. Кэлэр нэдиэлэҕэ Бурятия парашютист-десантниктара дьиэлэригэр барыахтара.

Бүгүҥҥү туругунан, Уус Маайа оройуонугар 46 га иэннээх сиргэ 1 ойуур баһаара күөдьүйбүтэ билиннэ. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 81 402 га иэннээх сиргэ 10 ойуур баһаара баар: уус Майаҕа – 5, Орто Халымаҕа – 2, Өймөкөөҥҥө, Өлүөхүмэҕэ, Аллараа Халымаҕа – 1.

Үс ойуур баһаарын умуллара сылдьаллар. Сүрүн күүһү Уус Маайа оройуонугар ыыттылар. Билигин онно икки баһаар баар, Уус Маайа сэлиэнньэтиттэн 13 км тэйиччи сиргэ биир баһаар күүдэпчилэнэр. Манна 529 киһи үлэлии сылдьар.

Өлүөхүмэҕэ 42 киһи баһаары умуруорууга үлэлиир. Манна ардах түһэр буолан, баһаар иэнэ улааппат. Бүгүн баһаары умулларар соруктаахтар.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар федеральнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ үлэлиир. “Рослесхоз” бу эрэсиими уһулар туһунан быһаарыыны РФ бырабыыталыстыбатын хамыыһыйатын көрүүтүгэр ыытыаҕа. Уус Маайа оройуонугар муниципальнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ бакаа  хаалар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат”, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0