Баһаары умулларыы чахчылара

Бөлөххө киир:

Бу дьыл ыам ыйын 19 күнүнээҕи туругунан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уот сиэбит 17  га уопсай иэннээх сиргэ 1  ойуур баһаарын умулларарга үлэ ыытыллар.  Бу баhaaр Сунтаар оройуонун Ыгыатта сэлиэнньэтиттэн 10 килэмиэтир чэрчилээх зонаҕа тахсыбыта, билиҥҥи туругунан төгүрүтүлүннэ, нэhилиэнньэҕэ куттал суох.  

edersaas.ru

Ааспыт сууккаҕа 7 оройуоҥҥа  283,5 га уопсай иэннээх сиргэ 14 ойуур баһаара суох оҥоһулунна (Аммаҕа – 1, Горнайга – 1, Ньурбаҕа –  6, Үөһээ Бүлүүгэ –  3, Уус-Алдаҥҥа —  1, Уус Маайаҕа – 1, Сунтаарга – 1).

Ойуур баһаарын умулларарга  241 киһи уонна 41 тиэхиньикэ үлэлээтэ.

Баһаар турар кутталлаах кэмэ саҕаланыаҕыттан барыта  ойуурдаах сиргэ-уокка 689,0 га уопсай иэннээх 47 ойуур баһаара баар буола сылдьыбыта бэлиэтэннэ.

Салгын суудуналарын үлэлэрин былаана

 Салгын 4 суудуната  (3 сөмөлүөт өрөспүүбүлүкэ 3 оройуонугар уонна Дьокуускай куоракка –  авиапатрулированиеҕа, 1 бөртөлүөт — ойуур баһаарыгар, дьону тиэрдиигэ, атын сиргэ көһөрүүгэ, оттук матырыйаалын, бородууктаны тиэрдиигэ) үлэлиэҕэ.

ИСДМ-Рослесхоз систиэмэтигэр хонтуруолга 46 475,0 га уопсай иэннээх 204 термоточка ылылынна.

Алта оройуон сиригэр-уотугар баһаары утары охсуһуу ураты эрэ­сиимэ киллэрилиннэ. Ол иһигэр, Өймөкөөҥҥө, Сунтаарга,  Тааттаҕа, Томпоҕо уонна Үөһээ Бүлүүгэ.

Харыстанар сир-уот улахан өттүгэр орто КПО-1,5 үлэлиир.

«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Наталья КОЛОДЕЗНИКОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0