Тохсунньу 13 күнүн түүнүгэр Дьокуускайга Гимеинскэй уул., 19-гар турар 4 кыбартыыралаах дьиэҕэ баһаар буолан, Эверстовтар маллара-саллара, докумуоннара барыта уокка былдьанна.
Түүн утуйа сытан, ийэлэрэ Туйаара буруо сытыттан уһукта биэрбит. Саалаҕа ойон тахсыбыта – уот күүдэпчилэнэн эрэр эбит. Оҕолор хосторугар сүүрэн киирэн уһугуннартаан, тиэтэлинэн таҥыннартаан баран, тахсаары гыммыттара, саала бүтүннүү умайан эрэр, киһи кыайан тахсыбат буолбут. Онон түннүгү алдьатан, куотарга күһэллибиттэр. Бастакы этээс буолан быыһаммыттар. Тахсааттарын кытары, уот оҕолор хосторун салаабытынан барбыт.
Туйаара бу дьиэҕэ 14 саастаах кыыһын уонна 5-тээх уолун кытары олорбута. Билигин кинилэр быстах кэмҥэ элбэх оҕолоох таайдарыгар кыбыллан олороллор. Кыс хаар ортото туга да суох туран хаалбыт дьон көмөҕө наадыйаллар. Оҕолорго кыһыҥҥы таҥас, дьиэ куортамнаһарга, аска-таҥаска үп-харчы наада. Кыһыҥҥы таҥастара умайан хаалан, билиҥҥитэ оскуолаҕа, оҕо саадыгар барар да кыахтара суох курдук буолла.
Онон, көмөлөһүөн баҕалаахтар Сбербаан каартатыгар: 4276 7605 4230 9271 харчы ыытыахтарын, эбэтэр 8(914) 104-07-21 нүөмэринэн (Эверстов Михаил Иванович) эрийэн билсиэхтэрин сөп.
Бу нүөмэринэн Михаил Ивановичка эрийэ сылдьыбыппытыгар, ханна, хайдах көмөнү тиксэриэххэ сөбүн быһааран биэрдэ. Кини оҕолор аҕалара эбит. Хомолтолооҕо диэн, мас буолан, кыбартыыра чөлүгэр түһэрэ, өрөмүөннэнэрэ саарбах курдук үһү.
Баһаар төрүөтэ – сабаҕалааһын быһыытынан, дьуолка гирляндатыттан буолуон сөп. «01» нүөмэргэ баһаар туһунан иһитиннэрии 23:50 чааска киирбит. Биэс мүнүүтэнэн баһаарынай массыыналар кэлиилэригэр, кыбартыыра бүтүннүү умайбытын умулларбыттар, уот салгыы барарын тохтоппуттар. Ыалларын кыбартыыралара умайбатах эрээри, кырыыһата, ититиитэ, элэктэриичистибэтэ эмсэҕэлээбит.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru