Баһаардары бохсууга куйаар ситиминэн сүбэ мунньах буолла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр Саха сиригэр буола турар баһаардары бохсуу туһунан сүбэ мунньах буолла. 

Мунньах куйаар ситимин нөҥүө барда. Мунньахха кыттыбыт РФ Айылҕа харыстабылыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов, РФ федеральнай ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта
Иван Советников, Ил Дархан Айсен Николаев, «Авиалесоохрана» ГБУ салайааччыта Николай Ковалёв билиҥҥи балаһыанньаны ырыттылар.
Баһаар саҕаланыаҕыттан федеральнай «Авиалесоохрана» тэрилтэтиттэн 810 исписэлиис кэлэн баһаары умулларыыга үлэлиир. Маны таһынан Уһук Илинтэн уонна Сибииртэн кэлэн үлэлии сылдьаллар. РФ Сэбилэниилээх күүстэрин түөрт бөртөлүөтэ баһаары умулларыыга үлэлиир. «Бүгүҥҥү күҥҥэ биир да нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһаабат. Бары баһаар кэтэбилгэ турар», – диэн Иван Советников бэлиэтээтэ. Арассыыйатааҕы ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта ойуур баһаардарыгар сылдьан, Ан-26 «Циклон» сөмөлүөт ууну кутар үлэтин бэйэтинэн сылдьан көрдө-иһиттэ. Ил Дархан РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан Ан-76 сөмөлүөттэр Саха сирин арҕаа улуустарыгар үлэлии сылдьалларын эттэ.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл былырыыҥҥы сыл чахчытыгар тэҥнээххэ биэс төгүл элбэх баһаар умуруорулунна» диэн бэлиэтээтэ. Быйыл Саха сиригэр 150 сыл кэнниттэн бэлиэтэнэр ураты кураан турбута этилиннэ. Кураанах чаҕылҕан күҥҥэ 30-50 баһаары күөртүүр. Бүгүҥҥү күҥҥэ ордук тыҥааһыннаах балаһыанньа Саха сирин арҕаа улуустарыгар бэлиэтэнэр. «Онон Ил-76 уонна Бе-200 көтөр ааллар Мииринэйтэн сылдьан ол эҥэр үлэлииллэр. Саха сирин киин улуустарыгар ЫБМ уонна Оборона министиэристибэтин бөртөлүөттэрэ үлэлииллэр. Ми-8 бөртөлүөт «Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатыгар үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар барытыгар баһаары умулларыыга олохтоох нэһилиэнньэ кыттыыны ылар. «Бу ыксаллаах кэмҥэ бары күүспүтүн холбоон баһаары умуллардахпытына эрэ кыаллар суол», — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр ыксаллаах быһыы-майгы уонна баһаары бохсуу ураты эрэсиимнэрэ олохтонон тураллар. Мунньах туһунан Ил Дархан, СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0