«СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, скульптор, суруйааччы, суруналыыс Василий Бочкарев «Кэм-кэрдии уонна олоҕум» диэн кинигэтэ «Медиа-холдинг Якутия» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста.
Бу дьоһуннаах кинигэҕэ Василий Бочкарев оҕо сааһыттан саҕалаан, сахаҕа сэдэх идэлээх скульптор буолуутун, айар үлэһит чэпчэкитэ суох олоҕун, ону тэҥэ, үөрүүтүн, дьолун туһунан киһи эрэ ааҕан бара туруох курдук умсугутуулаахтык суруйбут.
Василий Бочкарев 1944 с. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр аатырар-сураҕырар алаастардаах Дүпсүн сиригэр күн сирин көрбүтэ. Иэдээннээх сэрии, сут-кураан, хоргуйуу кэмигэр ийэлээх-аҕата үс кыра оҕолорун сүтэрбиттэрэ. Дьолго, Вася кэнниттэн элбэх оҕо төрөөн, этэҥҥэ улаатан, үөрэхтээх, үлэһит ыал буолан, Бочкаревтар билигин саха аймаҕы ууһата-тэнитэ сылдьаллар.
Сэрии сылын оҕолоро – олоҕу салҕаабыт көлүөнэ. Василий бииргэ үөскээбит, үөрэммит доҕотторо улахан архитектор, худуоһунньук, бэйиэт, учуутал, учуонай буолан олох кэрэтин туойа, айа-тута сылдьаллар.
Суруйааччы Василий Бочкарев кэрэ эйгэтигэр сыстыытын, о.э. художественнай училищеҕа, институкка сэбиэскэй кэм улуу дьонугар үөрэнэн, скульптор буолбутун кэрэхсэбиллээхтик сэһэргиир. Бэйэтин көлүөнэтигэр диэри саха худуоһунньуктарын барыларын ааҕа хаһан, ханна үөрэнэн худуоһунньук буолбуттарын киэҥник сырдатар. Олоҕун эрэллээх аргыстарынан ааттыыр бибилэтиэкэ уонна ойуулуур-дьүһүннүүр мусуой үлэһиттэрин туһунан истиҥ-иһирэх ахтыыларын киллэрбит.
1980 с. худуоһунньуктарга анаан, үс этээстээх таас мастарыскыай дьиэтэ тутуллубута. Бу мастарыскыайга төһөлөөх элбэх айар дьоҕурдаах киһи үлэлээбитин, кэрээбэт кэпсээннээх, бүппэт сэһэннээх ыалдьыт сылдьыбытын туһунан интэриэһинэй сэһэргээһиннэр ааҕааччы болҕомтотун тардаллар. «Суруллубут суоруллубат» дииллэринии, кэрэ-бэлиэ да, хомолтолоох да түгэннэр историяҕа үйэтитиллибиттэр.
Ааптар 1991 с. атырдьах ыйыгар Москваҕа путч кэмигэр түбэспит түгэннэрэ – эмиэ бэйэтэ туспа кэпсээн.
Үгүс ааҕааччы Василий Васильевич судургу, тиийимтиэ тылынан суруйарын биһириир. Эбиитин кини уус-уран суруйуулара ардыгар түгэхтээх, таайтарыылаах, туох эрэ бэтиэхэлээх буолаллар. Ити суруйааччы буолбутун туһунан кэпсээнигэр эмиэ көстөн ааһар:
«Саҥа мастарыскыайданан айыах, үлэлиэх куодук буолан иһэн, ыалдьан балыыһа киһитэ буолан хаалбытым. Онно операцияланан уһуннук сытар кэммэр иллэҥим бэрт буолан, кэпсээн, хоһоон суруйар буолбутум. Дьээбэ соҕус кэпсээннэрим тута хаһыакка бэчээттэммиттэрэ. Инньэ гынан, куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, соһуччу суруйааччы аатыран хаалбытым. Поэт, суруйааччы Сэмэн Руфов миигин көрүстэҕинэ: «Хайа, били Ньургун Боотур атын сымыыта баар дуо?» диэн ыйытан эйэргээн кэпсэтэр буолбута.
Оттон «Хомолто» диэн түһүмэххэ киллэрбит «Арыгыһыт диэн», «Аат-суол ымсыыта», «Уоруйахтааһын», «Кыраттан да туһаныы» о.д.а. тэттик суруйууларыгар туох туһунан кэпсэнэрин ааҕааччы аатыттан да тута сэрэйэр.
«… Олох барахсан барыта эриэ-дэхси, көнө хонуу, баҕа санаа хоту үчүгэй буолбатах быһыылаах. Онон, мин хомойо, сонньуйа, сүөргүлүү санаабыт түгэннэрбиттэн аҕыйаҕы аҕынным», – диэн суруйар.
Кинигэҕэ ааптар өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар тахсыбыт ыстатыйалара, интервьюлара, хомуйан оҥорбут кинигэлэрэ киллэриллибиттэрэ Василий Бочкаревы билбэт да ааҕааччы кини бүгүрү үлэһит, үгүс мөккүөрдээх кэмнэри сыаналааччы, ырытааччы, ураты толкуйдаах киһи буоларын бигэргэтэллэр.
Кинигэттэн кылгас көрдөөх кэрчиктэр:
«Бииргэ үөрэнэр оҕолорум ыйыттылар: «Эһиэхэ баттаххыт тоҕо куудараный?» – диэн. Ити кэмҥэ институкка үөрэнэр Прокопьев Сэмэн баттаҕа эмиэ куударалаах. Аны Ленинградка Репин аатынан институкка үөрэнэр Соргоев Яков биһиэхэ сылдьыбыта, баттаҕа эмиэ куударалаах. Архитектура институтугар үөрэнэр доҕотторум Алексеев Ваня уонна Местников Ваня баттахтара эмиэ будьурхай. Дьэ, ити доҕотторум баттахтарын бэлиэтии көрбүттэр.
Онуоха эттим:
– Сахалар бары куудара баттахтаахпыт.
– Онтон Маша баттаҕа көнө дии?
– Маша дьиҥнээх саха буолбатах. Тунгуска она, – диэтим. «Саха сирэ» диэн телевизорга наар табаһыттары көрдөрөллөр. Кинилэр саха буолбатахтар, тоҥустар, көнө баттахтаахтар, – диэн эбэн биэрдим.
Ону син итэҕэйдилэр быһыылаах. Дьэ, ити курдук сахалары барыларын куудара баттахтаах дьон оҥорбутум».
ЫСПЫРААПКА:
1944 с. олунньу 11 күнүгэр Уус Алдан оройуонугар Дүпсүн с. төрөөбүтэ;
1963 с. Дүпсүн оскуолатын бүтэрбитэ;
1963-1968 сс. Дьокуускайдааҕы художественнай оскуолаҕа үөрэммитэ;
1969-1975 сс. – В.И.Суриков аатынан художественнай институт студена;
1977 с. – Сэбиэскэй Сойуус Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ. Сэрии, үлэ дьоруойдарын, искусство, литэрэтиирэ наука, судаарыстыбаннай деятеллэр мөссүөннэрин пааматынньык оҥорон үйэтиттэ.
1999 с. – Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ;
2001 с. – Норуоттар икки ардыларынааҕы Суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ.«Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, Үөһээ Бүлүү уонна Уус Алдан улуустарын бочуоттаах гражданина.
Кинигэлэрэ:
«Төгүрүктэр» (1994 с.), «Өрөөбүт уоспун өһүлэн» (1999 с.), «Үөрбүччэ» (2004 с.), «Скульптор, художник, педагог Василий Бочкарев» (2005 с.).