Хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрин идэлээх күннэрин көрсө уонна ОДьКХ нэдиэлэтигэр «Бөҕү тус-туһунан хомуйабыт» диэн оҕолорго ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх кыайыылаахтарын биллэрдилэр.
edersaas.ru
Күрэх икки хайысханан ыытылынна: оҕо уруһуйдара уонна оҥоһуктара. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 6-17 диэри саастаах оҕолортон уопсайа 65 оҥоһук уонна 287 уруһуй киирдэ. Оҕолор үлэлэрэ биир ис хоһоонноох — бөҕү тус-туһунан сааһылаан хомуйуу уонна туһаҕа таһаарыы. Ону үс бөлөхтөрүнэн арааран сыаналаатылар: 6-11 саастарыгар диэри алын кылаастар, 12-14 саастарыгар диэри оскуола оҕолоро, 15-17 саастарыгар диэри улахан кылаастар.
Күрэххэ кыайбыт оҕолор испииһэктэрин https://mingkh.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3135766 киирэн көрүөххүтүн сөп.
Дьүүллүүр сүбэ кыттааччылар үрдүк таһымнарын бэлиэтээтэ. Ураты буочардаах, үрдүк хаачыстыбалаах, күрэх сорудаҕын ис хоһоонун арыйар, хатыламмат үлэлэри талан ыллылар.
Тэрийээччилэр манных күрэх үүнэр көлүөнэ сөптөөх экологическай култуураҕа уһуйулларыгар көмө буоларын эттилэр.
Кыайыылаахтары кулун тутар 20 күнүгэр Опера уонна балет тыйаатырыгар ОДьКХ нэдиэлэтин түмүктүүр бэлиэ күн наҕараадалыахтара. Ол туһунан СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэҕэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Хаартыска СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэҕэ министиэристибэтин пресс-сулууспатыттан
«Саха сирэ», edersaas.ru