Элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорор дьон күннэтэ бөхтөрүн таһырдьа тахсан, илиилэрин таһынан кыыратан кэбиһэллэр да онон бүтэр. Өссө анаммыт сиргэ диэри тиэртэхтэринэ махтал, үксүн ас тобоҕун, утах бытыылкатын ханна түбэһиэх быраҕар идэлээхтэр. Оттон ону ким эрэ үлэ оҥостон хомуйар, куораппыт, бөһүөлэкпит, кыра нэһилиэкпит ыраас буоларыгар дьулуһар.
edersaas.ru
Кытаанах хомунаалынай бөҕү хомуйууга быйыл дойду үрдүнэн улахан сүпсүлгэн, хас муннук аайы ырытыһыы бара турар. Бөх-сах урут да хомуллар этэ, ону уларытар, нэһилиэнньэҕэ туһунан төлөбүр киллэрэр, уопсайынан, туох наадалааҕый? Маннык курдук ыйытыы хас биирдии киһини долгутар буолуохтаах. Ол иһин бүгүн сүрүн ыйытыктарга СӨ ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтин пресс-сэкирэтээрэ Елена Андросова эппиэттиир.
— Кытаанах бөҕү хомуйууга реформа туох сыаллаах ыытылларый?
— Дойдуга уонунан сыл тухары бөҕү хомуйан баран сыбаалкаҕа таһааран көмөн кэбиһэллэр. Бэрт сэдэх түгэҥҥэ анал полигоҥҥа таһаараллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 471 көҥүллэммит сыбаалка баар эрээри, үксэ туолан, таһынан барар кутталлаахтар. Онно өр кэмҥэ сытыйа-ымыйа, дьапталҕалана сытар бөх-сах тулалыыр эйгэҕэ буортутун хайдах кыччатыахха сөбүй диэн санаанан салайтаран, сүрүн уларыйыы киириэҕэ.
Билигин кытаанах хомунаалынай бөҕү хомуйуу иһин эрэгийиэннээҕи оператордар эппиэттииллэр. Сахабыт сиригэр күн бүгүн бөх-сах түөрт эрэ бырыһыанын туһаҕа таһаараллар, онтон кытаанах хомунаалынай бөҕү суох оҥоруу ыытыллыбат.
Уларыта тутуу сүрүн сыала-соруга диэн бу эйгэҕэ бэрээдэги олохтоон, түбэһиэх сыбаалканы хомуйан, кытаанах бөҕү сиргэ көмүүнү тохтотон, экология туругун тупсарыы. Бөҕү хомуйууга саҥа салаа тэриллэн, быраҕыллыбыт тобохтору туһаҕа таһаарыахтара.
Ону олоххо киллэрэргэ аныгы, айылҕаны харыстыыр тэрилинэн хааччыллыбыт саҥа собуоттар, полигоннар аһыллан үлэлиэхтээхтэр. «Кытаанах хомунаалынай бөҕү биир кэлим харайыы» федеральнай бырайыак чэрчитинэн, 2019 сылтан кытаанах бөҕү-саҕы мунньар полигон, Дьокуускайга сылга 150 тыһыынча туонна бөҕү туһаҕа таһаарар киин уонна Аллараа Бэстээххэ сылга 500 тыһыынча туонна бөҕү биир кэлим туһаҕа таһаарар ыстаансыйа тутуллуоҕа.
Ол түмүгэр 2024 сылга диэри кытаанах бөх туһаҕа тахсыыта 87%, тобоҕу суох оҥоруу 37,8% тиийиэхтээх.
— Кытаанах хомунаалынай бөҕү хомуйар эрэгийиэннээҕи оператор диэн кимий?
— Бу тэрилтэ бөҕү хомуйуунан, ону таһыынан, салгыы суох оҥоруунан, тулалыыр эйгэҕэ буортуну аҕалбатын курдук дьаһаныынан, эбэтэр полигоҥҥа көмүүнэн дьарыктаныаҕа. РФ сокуонугар олоҕуран, эрэгийиэннээҕи оператор күрэх быһыытынан, 10 сылга диэри талыллыаҕа.
— Кытаанах хомунаалынай бөххө туох киирсэрий?
— Дьон дьиэтигэр туттубут эргэрбит мала-сала, тэрилэ, тэрилтэлэр, урбаанньыттар тоҕор бөхтөрө.
— Сахабыт сиригэр эрэгийиэннээҕи хас оператор үлэлиирий?
— Бөҕү харайыы бэрээдэгин быһыытынан, өрөспүүбүлүкэ биэс зонаҕа арахсар, онно хас биирдиилэригэр кытаанах хомунаалынай бөҕү хомуйууга эрэгийиэннээҕи оператор талыллан үлэлиэҕэ.
№ | Эрэгийиэннээҕи оператор зоната | Көрөр-истэр сирэ | Ахсаанынан көрдөрүү |
1 | Киин
«Якутскэкосети» ХЭТ |
Дьокуускай куорат уонна Жатай уокуруга, Хаҥалас, Нам, Горнай улуустара | 398 142 киһи.
Уопсайа 79 нэһилиэк |
2 | Илин эҥээр
«Саха сирин экологическай ситимэ» ХЭТ |
Уус Алдан, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Амма, Таатта, Уус-Маайа, Томпо, Өймөкөөн улуустара | 147 708 киһи
Уопсайа 191 нэһилиэк |
3 | Соҕуруу
«Переработчик» МУТ |
Нерюнгри, Алдан оройуоннара | 116 404 киһи.
Уопсайа 26 нэһилиэк |
4 | Арҕаа
«Мирнэйдээҕи олох-дьаһах хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ» МУТ |
Мииринэй, Ленскэй, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Өлүөхүмэ улуустара | 228 878 киһи.
Уопсайа 194 нэһилиэк |
5 | Хотугу-Арктическай
«СӨ ОДьКХ» ГУТ |
Анаабыр, Аллайыаха, Абый, Булуҥ, Дьааҥы, Үөһээ Халыма, Аллараа Халыма, Өлөөн, Эдьигээн, Орто Халыма, Муома, Эбээн-Бытантай улуустара | 68 557 киһи.
Уопсайа 101 нэһилиэк. |
Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru