СӨ «Сахабэчээт» государственнай автономнай тэрилтэ уонна «ДалбарХотун» сурунаал эрэдээксийэтэ бу дьыл атырдьах ыйын 15 күнүттэн куйаар ситимин нөҥүө «ДалбарХотун» өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы күрэһи биллэрбитэ.
«ДалбарХотун» сурунаал тэриллибитэ 25 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн, аныгы тэтимнээх кэм ирдэбилинэн тэриллэр интерактивнай күрэскэ өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан 7 кыттааччы түмүктүүр түһүмэххэ тахсан, «ДалбарХотун» аатын ылар иһин күрэстэһэллэр.
Кинилэр кимнээҕий?
Нам улууһун Хамаҕаттатыттан Аманатова Мария Николаевна, Эдьигээнтэн Винокурова Тамара Васильевна, Чурапчы улууһун Уһун Күөлүттэн Ноговицына Боя Семеновна, Таатта улууһун Ытык Күөлүттэн Павлова Галина Лукинична, Мэҥэ-Хаҥалас Хорообутуттан Семенова Татьяна Коммунаровна, Горнай Бэрдьигэстээҕиттэн Осипова Полина Прокопьевна, Үөһээ Бүлүүттэн Павлова Дария Николаевна. Бука бары тыа сиригэр олорон, уйгуну-быйаҥы уһансар, саха ыалын дьолун түстүүр дьоһун мааны ийэлэр.
Бүгүҥҥү туругунан Дария Николаевна Павлова (ҮөһээБүлүү улууһун, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ) 2434 куоластаах инники күөҥҥэ иһэр. Кинини 2336 куоластаах Мария Николаевна Аманатова (Нам улууһа, Хамаҕатта сэлиэнньэтэ) тилэх баттаһа иһэр. Үс инники иһээччилэр кэккэлэрин 2201 куолаһы ылбыт Боя Семеновна Ноговицына (Чурапчы, Уһун Күөл сэлиэнньэтэ) ситэрэр.
Куолас ахсаана чаас аайы уларыйар, кыттааччылары өйүүр дьон куоластара элбиир. Күрэс атырдьах ыйын 25 күнүгэр, киэһэ 21 чааска түмүктэнэр.
Бу нэдиэлэҕэ күрэс тыҥааһына өссө улаатыа. Кыайыылаах Далбар Хотун ким буоларын биэтэккэ тахсыы быһаарыаҕа. Кытаатыаҕыҥ, «Sakha-pechat.ru» сайтка киирэн, куоластааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттыаҕыҥ.
«Далбар Хотун» сурунаал эрэдээксийэтэ