Бүтэһик хонукка коронавирус дьаҥар 67 киһи сутулунна Ааптар: Эдэр Саас Бөлөххө киир: Telegram Kөrdөө Коронавирус дьаҥын бохсууга үлэлэһэр суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, олунньу 15 күнүнээҕи чахчынан, бүтэһик хонукка уопсайа 67 киһи ыалдьыбыта бэлиэтэнэр. Дьокуускайга — 29 киһи дьаҥҥа хаптарбыт, Мииринэйгэ — 12, Томпо оройуонугар — 6, Нерюнгри, Өймөкөөн оройуоннарыгар — биэстии, Алдан, Уус Маайа оройуоннарыгар — үстүү, Ленскэйгэ — икки, Ньурбаҕа, Сунтаарга биирдии киһи ыалдьыбыта бэлиэтэммит. Өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар биир хонукка 1 087 анаалыс оҥоһуллубут. Оцени: +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0